Будь умным!


У вас вопросы?
У нас ответы:) SamZan.net

32 Куорсуннаах ББК 842РосЯк44 К 91 Кинигэ тас ойуутун М

Работа добавлена на сайт samzan.net:

Поможем написать учебную работу

Если у вас возникли сложности с курсовой, контрольной, дипломной, рефератом, отчетом по практике, научно-исследовательской и любой другой работой - мы готовы помочь.

Предоплата всего

от 25%

Подписываем

договор

Выберите тип работы:

Скидка 25% при заказе до 9.11.2024

Куорсуннаах

Күлүк түһүүтэ

Бичик

Дьокуускай

2003

УДК 894.387-32 Куорсуннаах

ББК 84(2Рос=Як)-44

К 91

Кинигэ тас ойуутун М.М.Иванов,

уруһуйдарын М.Г. Старостин оҥордулар

Куорсуннаах

К 91 Күлүк түһүүтэ. — Дьокуускай: Бичик, 2003. — 96 с.

ISBN 5-7696-1840-Х (в обл.)

Эдэр талааннаах суруйааччы кэпсээннэрин бастакы хомуурунньугар олоххо буолбут түгэннэри уус-уран тыл көмөтүнэн хомоҕойдук, умсугутуулаахтык ойуулуур. Ол курдук, “Анна дьылҕата” кэпсээҥҥэ Саха сиригэр саҥа былаас олохтоноругар интеллигенция дьылҕатын Оруоһуттар дьиэ кэргэн олоҕун нөҥүө сытыытык сырдатар. “Алдьархай адаҕыйыыта”, “Эһэм кэпсээннэрэ” диэн аптаах-хомуһуннаах айымньыларыгар саха норуотун үгэһин, итэҕэлин көрдөрөр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Куорсуннаах К 91 Время сумерек.

Автор предлагает читателям исторические остросюжетные рассказы. “Судьба Анны” — первое произведение в якутской литературе, обращенное к судьбе родовитых богачей Оросиных, с чьими именами связан трагический период истории якутской интеллигенции. Не менее интересны мистические рассказы “Сотворение зла” и “Сказы дедушки”, которые богаты традициями, верованиями якутов. Лихо закрученный сюжет, тонкий стиль изложения до конца удержат читателя в психологическом напряжении. Книга предназначена для широкого круга читателей.

ББК 84(2Рос=Як)-44

© Слепцова Елена Васильевна-Куорсуннаах, 2003

ISBN 5-7696-1840-Х                                                        ©НКИ “Бичик”, 2003

АННА ДЬЫЛҔАТА

Олоппос курдук лаппычах дьахтар хаптаһын ааннаах хостон кэҥэс саалаҕа омуннаахтык ойон тахсаат:

  1.  Анна Михайловна, дьэ, кэллэ, — диэн баран, былаатын бүрүнэн, таһырдьа ыстанна.

Сиэдэрэй малларынан толору хааламмыт киэҥ, сырдык саалаҕа, түннүк анныгар сымнаҕас дьыбааҥҥа куруһуба баайа олорбут биэс уончатыттан тахсан эрэр кыаһаан хааннаах Маарыйа:

  1.  Туох эрэ үчүгэйи оҥорон иһэр киһиэхэ дылы, онно эн эмиэ тоҕо үөрдүҥ? — эрэ диэн хаалла.

Төһө да үлэһитин, Ыстапаайаны, буойбута буоллар, Маарыйа дьахтар сүтэрин кытта суол айаҕа көстөр түннүгэр сайбаҥнаата. Көрдөҕүнэ, олус мааны таҥастаах-саптаах эдэркээн кыыс, ат тэлиэгэтиттэн түһэн, тулатыгар сүүрэлиир дьону аахайбакка тиэргэни эргиччи көрө турар эбит. Маарыйа, түргэн үлүгэрдик олорбут сиригэр төннөн үлэтин үрдүгэр түстэ эрээри, хараҕын аантан араарбакка маныы олордо.

Кэтэһиннэрэ түһэн баран аан, дьэ, тэлэллэ түстэ. Оҕо эрдэҕиттэн бу ыалга ис-тас үлэҕэ үлэлиир Балдьай Уйбаан, Ыстапаайа эрэ, икки илиитигэр толору араас маллары тутан саҥата суох кыыс хоһун диэки ааста. Кини кэнниттэн сэттэлээх-аҕыстаах, сытыы сирэйдээх-харахтаах, кыра Мэхээчэ уол сэлээппэ угар улахан хоруопканы нэһиилэ ыадаччы көтөҕөн киллэрэн, дьиэ ортотугар ууран баран, сүүрэн тиийэн ийэтин илиитигэр муннун даҕайан сыллаан ылла:

  1.  Эдьиийим кэллэ, — диэн баран, дьааххаммыттыы ийэтин сирэйин-хараҕын көрдө. Онтон эргиллэн аан диэки сүүрэн иһэн. — Эн кинини наһаа мөҕөөйөҕүн, киириэн куттанан аан аттыгар турар, мин билигин ыҥырыам. Ийэҥ кыыһырбат үһү диэн этиэм... — диэт, таһырдьа ыстанна.

Маарыйа баайа олорбут куруһубатын дьыбааҥҥа элитэн кэбиһээт, ойон туран санныгар быраҕыммыт сымнаҕас түү былаатын ыксары тардынна уонна түннүк диэки хайыһан кыыс киирэрин кэтэһэн турда.

Симиктик ааны тоҥсуйар тыас иһилиннэ. Онтон аан аргыый аһылынна. Уурбут-туппут курдук таһаатыгар хараҥа өҥнөөх, аныгылыы тигиилээх, английскай тиэрэ түһүү улахан саҕалаах, бөдөҥ икки эрээт тигиллибит тимэхтэрдээх бэйэтигэр олус барар тупсаҕай, уһун суккун сонноох, намчы моонньугар хойуу салбырҕастардаах маҥан германскай былааты эрийэ бааммыт, хара баархат баанчыктаах кыракый фетровай сэлээппэлээх, сымнаҕас тирии бэрчээккэлээх, саппыкылаах, киэҥ биилээх саһархай харахтарынан санаарҕаабыттыы унаарыччы көрбүт кэрэчээн кыыс симиктик туттан киирэн кэллэ. Кыыс аан аттыгар тэпсэҥнии түһэн баран, быһаарыммыттыы чэпчэкитик дугунан тиийэн ийэтин илиитигэр уоһун даҕайан уураан ылла уонна симиктик:

  1.  Мамаан... дорообо... Сатаан бырастыы гынар буоллаххына, баһаалыста, бырастыы гын... Мин туох да буруйум суох... Кинилэр бэйэлэрэ... — диэн эрдэҕинэ, Маарыйа Охонооһойобуна илиитин сулбу тардан ылла уонна кытаанахтык:
  2.  Билигин суун-тараан, сынньан. Ыстапаайа барытын бэлэмнээбитэ. Аҕаҥ кэллэҕинэ кэпсэтиэхпит, — диэн баран, кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн. — Ыстапаайа, бу маллары оннуларын буллартаа эбэтэр маннык сыталлар дуу? — диэт куукуна диэки ааста.

Бу Боотуруускай улууһун удьуор-хаан баайдарын биир инилэрин, Михаил Николаевич Оруоһун, биэс оҕотуттан суос-соҕотох күҥҥэ көрбүт мааны кыыһа — Анна Михайловна Оруоһуна этэ. Кыыс маннааҕы начальнай оскуоланы бүтэрбитин кэннэ, тастыҥ эдьиийэ Вера үлтү хаайан, Дьокуускайга баай дьон кыргыттара үөрэнэр гимназияларыгар киирбитэ. Иккис сылын үөрэнэ сылдьан, эмискэ үөрэҕиттэн уһуллан дойдутугар тахсыбыта.

Оруоһуттар дьиэ кэргэттэригэр бу кэнники сылларга, туох эрэ таҥнары кыраабытын курдук, ыарахан кэмнэр үүммүттэрэ. Хас күн аайы кинилэр аймахтарыттан ким эрэ оһолго өлбүт, ким эрэ хаайыллыбыт, сыылкаҕа ыытыллыбыт аатыран испиттэрэ. Бу тухары дьоммут-сэргэбит иннэ диэн олорбут халыҥ аймах дьон аатыттан ааһар кырыыстаах кэмнэрэ хааннаах ытыһын нэлэппитинэн боруоктарын атыллаан турара. Хайа күн үлэһит былааһа олохтонуоҕуттан “кулаахтар ыамалара”, “хаппытаал хоолдьугалара” диэн үөҕэн-түрүйэн, сирэй-харах анньан барбыттара. Ким да Оруоһуттар үтүмэннээх элбэх киһини үөрэхтээбиттэрин, үптээбиттэрин-харчылаабыттарын ахтыбат этэ. Бэл, сыылкаҕа кэлбит атын омук дьоно кинилэр тэрийиилэринэн туох да кыһалҕаны билбэккэ аһаан-таҥнан, баҕарбыттарынан үлэлээн, аат-суол оҥостон баран, аһаабыт иһиттэригэр кулгуйбут кэриэтэ, үөрэҕэ суох, кэнэн сахалары кинилэргэ утары өрө туруора сатыылларын истэ-билэ сырытталлар, тугу да гынар кыахтара суоҕа.

Мэхээлэ дьиэ кэргэттэригэр бастакы ыар сурах Дьокуускайга духовнай семинарияҕа үөрэнэ сылдьар Миитэрэй диэн улахан уолларыттан кэлбитэ. Уол ыараханнык ыалдьан, суорҕаннаах-тэллэххэ сытан доҕор уолунан суруттарбыт суругар маннык эппит этэ:

“Күндүтүк саныыр баар-суох дьонум, уолгутуттан, Миитэрэй Мэхээлэбистэн, бокулуонна тутуҥ! Бу күннэргэ мин таҥара илиитин иһигэр киирэн сытабын. Манна саҥалыы өйдөөх-санаалаах эдэр дьон киһи айаҕар батаран саҥарбат саҥатын тыллаһаллар: “Саҥа үйэ киһитэ таҥараттан, абааһыттан аккаастаныахтаах. Тоҕо диэтэххэ, ити кулаахтар биһигини көлөһүннээн сиир албастара”, — эҥин дэһэллэр. Мин ону утарааччы буоламмын, үнүр биир миитин кэнниттэн үлтү кырбаммытым. Киэһэ хараҥа уонна билигин дьон мээнэ таһырдьа быкпат буоланнар, өйө суох сытан, суол ханаабатыгар хонон хаалбыт этим. Сарсыарданан биир үтүө санаалаах извозчик булан, балыыһаҕа илпитин көрө да барбакка: “Баай ыамата, өссө баачыска буолбут буола- буола”, — диэн, куойка да биэрбэккэ көрүдүөргэ сытыарбыттара. Хата, бииргэ үөрэнэр доҕорум булан төттөрү дьиэбэр илпитэ. Онон бөрүкүтэ суох буолаары гынным быһыылаах. Эһиги наһаа ытаһымаҥ. Айыы таҥара көмөтүнэн этэҥҥэ олоруҥ...”

Бу сурук кэнниттэн, аҕыйах хонон баран Миитэрэй өлбүтүн туһунан кутурҕаннаах илдьит кэлбитэ. Мэхээлэ ханна да үҥсэн туһа тахсыбатын билэн уонна биир үксүн оҕолорум айманыахтара диэн айдаарбатаҕа. Дьокуускайга үөрэнэ сылдьар оҕолоругар онно-манна орооһумаҥ, чуумпутук сылдьыҥ диэн кытаанахтык бобон сурук ыыппыта. Ол үрдүнэн икки сыл курдук буолан баран, аны педтехникум үһүс курсугар үөрэнэ сылдьар, саамай эрэнэр уолун, Баһылайы, революцияны утары баайдар тэрийбит сааҕыбардарыгар кытынна диэн сымыйанан буруйдаан сибииккэҕэ симпиттэрэ.

Михаил Николаевич хас эмэ ый устата Баһылай дьыалатыгар сүүрэ сылдьан, дьон майгыта-сигилитэ тосту уларыйбытын этинэн-хаанынан билбитэ уонна бу өрө турбут дьонтон туту барытын күүтүөххэ сөбүн өйдөөбүтэ. Кини ханна киирэр да, барытыгар аккаас ылан, сороҕор ыт курдук үөҕүллэн, санаата түһэн аҕай сырыттаҕына, буруйа дакаастаммыт үһү диэн Василий Михайлович Оруоһуну, сүүрбэ үс эрэ саастаах саха биир чулуу уолун, киһи төннүбэт сири- гэр, Соловецкай хаайыыга, көскө ыыппыттара.

Бу күнтэн ыла кинилэр дьиэ кэргэттэрин кыыллааһын сытайан туран саҕаланан барбыта. Дьокуускай куорат киин уулуссатыгар турар үтүөкэннээх дьиэтин былдьаан ылбыттара. Онно олорбут оҕолорун уонна дьиэлэнэн үөрэнэ сылдьар дьону бүтүннүү таһырдьа бырахпыттара. Дьахтар гимназиятыгар үөрэнэр кыыһын “революцияны утарааччылар балтылара” диэн үөрэҕиттэн барарыгар күһэйбиттэрэ. Мэхээлэ оҕобун онно-манна тиэрдиэхтэрэ диэн түргэнник дойдутугар тахса охсоругар модьуйбута.

Киэһээҥҥи аһылык иннинэ Ыстапаайа Анна хоһун тоҥсуйан тобугуратта. Онуоха симик куолас “да” диэбитигэр, дьахтар сэрэммиттии үөмэн киирдэ. Кыыс оронун кытыытыгар чөкөччү туттан түннүгү одуулуу олорор эбит. Кини хойуу чачархай баттаҕын икки гына мөлбөччү өрүнэн, хоҥор өҥнөөх куруһуба саҕалаах былааччыйатын икки өттүнэн түһэрбит. Анна куба маҥан моонньун кыҥначчы туттан, ытаан санна титирэстии олорор эбит. Дьахтар кыра эрдэҕиттэн оҕолообут оҕото ыар санааҕа баттатан, муҥу көрө сылдьарыттан олус долгуйан:

  1.  Тоойуом, хайдах гыныахпытый? — диэн, ыган таһаараат, кыыһы ыга кууһан ылла.
  2.  Ыстапаайаа, мин кырдьык туох да буруйум суох ээ... Тоҕо ким да итэҕэйбэт? — диэт, өр кэмҥэ мунньуллубут хараҕын уутун итэҕэйэр киһитигэр сарт түһэрэн, ыгдаҥныы-ыгдаҥныы ытаан барда.
  3.  Оҕом сыыһа, кыатан... мин итэҕэйэбин буолбат дуо? Дьонуҥ да эйиэхэ куһаҕаны санаабаттар ээ... — дии-дии, Ыстапаайа кыыс саҥа сууммут килбэлдьигэс солко баттаҕыттан уһуннук сыллаан ылла.

Онуоха ахтыбыт аҕай минньигэс сыта муннугар дьаралыйан киирдэ. Дьахтар Анна намчы сыҥааҕын модороон илиитинэн өрө аста. Кыыс кубаҕай сирэйин балачча сыныйан көрдө уонна иһигэр: “Барахсаным оҕото, алыс да кэрэ, намчы. Маннык киһини көрөн туран хайдах атаҕастыахха, куһаҕан тылынан үөҕүөххэ сөбүй? Кини адьас оҕо эбээт. Ол кинилэр тугу былдьаһалларын да билээхтээбэт ини”, — дии санаата уонна былаатынан Анна хараҕын уутун сото-сото:

  1.  Хата, этэҥҥэ дойдугун буллуҥ дии. Мин эйиигин хайдах айаннаан кэлэр диэн куттанан хас эмэ түүн харахпын симмэтим. Суолга билигин ороспуой, түөкүн абааһытааҕар элбээн турар. Бачча кырасыабай кыыһы сүгүн аһарыахтара суоҕа диэн куттал бөҕө, — Ыстапаайа мүчүк гынна. Кыыс эмиэ уу-хаар баспыт хараҕын быыһынан мичилийэн ылла.
  2.  Чэ, уонна, Анна Михайловна, ытаан бүт. Эн аны уоннаах оҕо буолбатаххын, бүтүн сүүрбэччэлээх баарыһынаҕын. Киэһээ аһылыкка ыалдьыттары күүтэбит, онно кып-кыһыл харахтаах сылдьыаҥ дуо? Саата бэрт буолуо. Ити курдук мичээрдии сырыт, оччоҕо барыта үчүгэй буолуо. Билигин сирэйгин-хараххын тупсарын уонна аҕаҕар киирэ сылдьар үһүгүн. Олох ытаайаҕын, аҕаҥ бэйэтэ даҕаны кэбирии сылдьар, — үтүө санаалаах Ыстапаайа барахсан кыыһы уоскутан баран, туран таҥаһын көннөрүннэ.
  3.  Өйдөөтүм. Баһыыба, Ыстапаайа.
  4.  Арба, били сырбай кыыс Кэтии ханна хаалла? — Ыстапаайа куоракка Аннаны көрөөччүнэн киирсибит балтын сураста. — Үнүр куорат наһаа үчүгэй, мин мантан барыахпын баҕарбаппын диэн суруйбут этэ. Хата, кыыс оҕото сотору эргэ тахсара буолуо, ухажора суох дуо?
  5.  Убайым аахха, Бүөтүрдээххэ, хаалла. Вералыын олус тапсаллар. Вера кинини үлэһит уонна граммотнай баҕайы диэн хайгыыр. Арааһа, сэкэрэтээр оҥостоллор быһыылаах. Эйиэхэ сурук уонна бу кэһии ыыппыта, — диэн баран, орон атаҕар турар тумбаттан кумааҕы суулааҕы ылан биэрдэ.
  6.  Онтон бу — хаарыс солко былаат — мин кэһиим. Уонна эн сөбүлүүр мыылаҕын аҕаллым. Бүөтүр Москва курдук сиртэн аҕалбыта.
  7.  Уо-аай! — Ыстапаайа үөрүүтүттэн ытыһын таһыммахтаан ылла. — Баһыыба, сыллыый... Бу буола сылдьан миигин саныы сылдьаахтаабыккын дии, — дьахтар хараастан ылла.

Ыстапаайа — нууччалыы хааннаах, куруук күлэн мичийэ сылдьар, сытыы-хотуу дьахтар. Кинилэр аҕалара — Конов Андрей Александрович — соҕурууттан көскө ыытыллыбыт политсыылынай этэ. Нуучча дворяннарын уола ыраахтааҕыны утары бууҥҥа кыттан, хаһан да түһээн баттаппатах дойдутугар көскө ыытыллыбыта. Бэйэтин кыайан көрүммэккэ, биир көстүүнэй иннигэр хоргуйан өлөөрү сытарын Мэхээлэ Оруоһун куоракка киирэ сылдьан аһынан уонна оҕолорун үөрэттэрээри дойдутугар көҥүллэтэн, тиэйэн таһаарбыта.

Бэйэтиттэн чугас алааска кыракый балаҕан туттарбыта уонна ис-тас үлэҕэ көмөлөстүннэр диэн убайдыы-балыстыы бэйэтин хамначчыттарын биэрбитэ. Конов — чахчы үтүөкэннээх киһи этэ. Ис-иһиттэн үрдүк культуралаах, хас эмэ омук тылынан саҥарар, Петербург куорат университетын төрдүс курсун устудьуона, куруук үөрэн мычылыйа сылдьар киһи этэ. Сотору үлэһитин, Арыпыай кыыһы, кэргэн ылан икки кыыс оҕоломмуттара. Кини аймахтыы Оруоһуттарга махтала муҥура суох этэ. Оруоһуттар үгүстэрэ үөрэхтээх буоланнар, үөрэххэ, билиигэ тардыһыылара былыр-былыргыттан олус күүстээҕэ. Ол иһин көскө кэлбит бары үөрэхтээхтэр кинилэргэ мустан билиилэрин-көрүүлэрин атастаһаллара. Конов эмиэ кинилэр ааннарын саппата. Мэхээлэлээх Маарыйа оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн бэйэлэрин таһынан көскө кэлбит араас омук дворяннара солбуһа сылдьан үөрэппиттэрэ, ииппиттэрэ. Ол түмүгэр оҕолор сүрдээх иитиилээх, элбэх билиилээх-көрүүлээх дьон буола улаатан испиттэрэ.

Конов ахтылҕаннаах дойдутугар кыайан төннүбэтэҕэ. Биир муҥха кэнниттэн тымныйан, сэбиргэхтэтэн суорума суолламмыта. Кэргэнэ Арыпыай соҕотоҕун кыанан олорбот буолан, Мэхээлэлээххэ кыргыттарын илдьэ төттөрү көһөн кэлэн, уруккутун курдук дьиэ үлэтигэр үлэлээн барбыта. Кыргыттарын аҕалара кыра саастарыттан бэйэтэ үөрэппитэ, онон лоп курдук үөрэхтээх дьон этилэр. Улахан кыыс, Ыстапаайа, Анна ньээҥкэтэ буолбута. Кыра кыыс, Кэтии, эстэрээпэнэн, кыра уолу көрөөччүнэн үлэлээбитэ. Онон кинилэр Оруоһуттар дьиэ кэргэттэригэр бэйэ дьоно буолбуттара.

Анна аҕатын хоһун ааныгар тиийэн, балачча тарбаҕын мускуна туран баран, сэрэнэн кыратык тоҥсуйан тобугуратта. Хос иһигэр аҕатын намыын куолаһа: “Киир ”, — диэтэ. Кыыс ааны аргыый аһан, кэҥэс хоско киирдэ. Хос хайдах эрэ уруккутунааҕар хараҥарбыкка, эргэрбиккэ дылы. Урут аҕата кинээстээн олордоҕуна, манна киһи бөҕөтө мустан, хос иһэ биир кэм күүгүнээн олорор буолара. Баай хотуттар-тойоттор күлсэн лаһыгырата-лаһыгырата Аан дойду сонуннарын ырытар буолаллара. Манна улуус бары үөрэхтээхтэрэ мустан, саха норуотун дьылҕатын хайдах көннөрөр туһунан мөккүһэллэрэ.

Биирдэ Анна үс-түөрт саастааҕар оонньуу сылдьан алҕас аҕатын хоһугар көтөн түспүтэ. Тор курдук сулардыы бытыктаах, үрдүк уҥуохтаах сыылкаҕа олорор поляк дворяна Эдуард Карлович Пекарскай остуолга үллэччи кутуллубут кумааҕылары көрдөрө-көрдөрө сахалыы саҥарда:

  1.  Михаил Николаевич, эйиэхэ көмөҥ иһин махтал. Көр, бу үлүгэр үлэни оҥордохпутун. Эһигинэ суох бу оҥоһуллубат дьыала. Хаһан эрэ бэчээттэнэн таҕыстаҕына, саха норуотугар пааматынньык буолуо.
  2.  Чэ, ол биһиги көмөбүт диэхтээн, дьиҥнээх көмө — тыл сүмэтин илдьэ сылдьар норуот буоллаҕа дии, — Мэхээлэ сэмэйэ бэрдиттэн утарылаһа олорбута. — Хайдах маны барытын дойдугар тиэрдэриҥ буолла, эчи элбэҕэ да бэрт дии.
  3.  Ханныгын да иһин өр сыллаах үлэбит буоллаҕа дии, бачча буолбат буолуо дуо? Мантыҥ антах тиийдэҕинэ, көмүстээҕэр күндү буолуо турдаҕа. Михаил Николаевич, мин уонна атын да сыылынайдар кэлин биир дьикти түмүккэ кэллибит. Ол маннык, көр бу Боотуруускай улууһа Саха сирин атын улуустарыттан барыларыттан дьикти айылгылаах, олох туспа творческай энергиялаах дойду быһыылаах. Манна кэлбит эрэ киһи тута айар үлэ умсулҕаныгар ылларан тохтоло суох үлэлээн киирэн барар. Эн ити Виташевскайы, Ионавы, Трощанскайы, онтон да атыттары көр ээ. Кинилэр манна кэлэллэригэр студеннар эрэ этэ дии. Онтон билигин көр, хайдахтаах курдук үлэлэри оҥордулар. Бу миигин да ылан көр. Сүүрбэ биэс сыл устата Саха сирин биир гына көһөрүллэ сылдьан баран, манна эрэ түбэһэн баран бу үлүгэр үлэҕэ түһүммүтүм эбээт. Онуоха төһүү буолбут дьонунан эһигини уонна кынат үүннэрбит буорбунан бу Боотуруускай улууһун ааҕабын. Онон миигин научнай үлэһит уонна уопсайынан киһи гыммыт дойдубар махталым муҥура суох, — Эдуард Карлович астыммыттыы өрөһөлөнө сытар кумааҕыларын имэрийэ көрдө. — Кэлин бу эһиги сиргититтэн саха дьоно киэн туттар талааннаах ыччаттара хойуутук тахсыахтара. Көрөөр эрэ, эппэтэҕэ диэйэҕин, — диэн баран, Пекарскай саҥа таһааран күлэн күһүгүрэттэ.
  4.  Эдуард Карлович, биһиги дойдубутун үрдүктүк сыаналыырыҥ иһин барҕа махтал.

Эмискэ Эдуард Карлович сулардыы бытыктаах сирэйэ сырдаан, мичилийэн кэллэ. Кини остуол аттыгар сэрбэллэн турар Аннаны, дьэ, өйдөөн көрдө:

  1.  Аннушка, милая, сладкая, кэл эрэ манна. Дядя эйиигин кытта бырастыылаһа кэллэ, чэ, кэл эрэ, тоойуом,
  2.  Анна куруук сылдьар улахан дьээдьэтиттэн толлубат этэ, сүүрэн тиийбитин киһи көтөҕөн ылан түһэҕэр олорто уонна таптыы-таптыы сыллаамахтаан ылла. Анна киһи бытыгыттан кычыгыланан тиэрэ түһэ-түһэ күлэн бычыгыраата. — Золотая головушка, сладкая ягодка. Мантыҥ улааттаҕына киһи билбэт киһитэ буолуо. Дьэ, бу кинилэргэ наадалаах үлэ буолуо этэ буоллаҕа дии. Михаил Николаевич, мин Аннушкабын хайаан да үөрэттэриэм диэн тылгын биэр. Саха дьахтара хайаан да үөрэхтээх буолуохтаах. Бачча өйдөөх төбө кураанах сылдьара табыллыбат, — дии-дии кыысчааны төбөтүттэн сыллыы олорбута.

Ити Эдуард Карлович босхолонон, дойдулаары доҕотторун кытта бырастыылаһа кэлбит этэ. Ол киэһэ олус да үчүгэй буолбута. Улуус бары мааны дьоно мустан атаарыы остуолун тэрийбиттэрэ.

Анна хара тирии кириэһилэҕэ олорор аҕатын иннигэр тиийэн: “Папаа”, — диэн баран, аҥаар атаҕын кыратык кэннигэр ууран реверанс оҥордо. Михаил Николаевич ойон туран, кыыһын сүүһүттэн сыллаан ылла уонна утары кириэһилэҕэ олорто. Анна аҕатын саҥа көрөр курдук сыныйан одууласта. Кини иннигэр олох атын киһи олорор курдуга. Аһаҕас төгүрүк, куруук сайаҕастык мүчүҥнүү сылдьар сирэйин оннугар куп-кубаҕай мырчыстаҕас, кэҥээн хаалбыт санаарҕаабыт харахтардаах, уҥуохтаах-тириитэ эрэ хаалбыт, сыл иһигэр туртайа охсубут убаҕас баттаҕын өрө-таҥнары анньыммахтыы оҕонньор олороро. Намыһах бэйэтэ өссө кыччаабыкка дылы буолбут, урут толору олорор кириэһилэтигэр оҕо курдук толугураан хаалбыт этэ. Биир да быыл сыстыбатах көстүүмэ кэҥээн, баанчыга холкутаан ханньары барбыт. Арай, дьахтардыы намыын туттуута арыый сыыдамсыйбыкка дылы буолбут. Анна аҕата ыар санааҕа баттатан бу айылаах дьүһүн-бодо буолан олорорун көрөн, ту- луйбакка ойон турда уонна аҕатын моонньуттан кууһа түстэ да, ытаан барда.

  1.  Анна, Аанчык, Аннушка... уоскуй, уоскуй, — дии- дии Мэхээлэ кыыһын түһэҕэр олорто уонна ыгдаҥныыр нарын саннын имэрийбэхтээтэ. — Мин эйиигин гимназия туохха олоҕуран уураппытын туһунан ыспыраапканы бу тутан олоробун, — диэн баран, түөһүн сиэбиттэн пенснетин хостоон хоҥуруутугар уурунна уонна остуолга сытар суругу ылан түргэнник ааҕан субурутта. — Манна кинилэр ОГПУ бирикээһигэр олоҕуран уураттыбыт диэбиттэр. Онтон бу класснай дамаҥ ыыппыт суругар эйиигин үөрэҕэр олус кыахтаах оҕону өйдөммөт быһыыга-майгыга тэптэрэн, үөрэҕиттэн бүтэһиктээхтик буолбакка, быстах кэмҥэ тохтоттулар диэн уоскутар суругу суруйбут. Дьэ, онон, Анна Михайловна, санааҕын наһаа түһэримэ, билигин да эрэл баар, — диэт, кыыһын сүүһүттэн сыллаан ылла.

Оо, аҕа барахсан. Аннаны аҕатын курдук ким да, хаһан да сатаан уоскуппат этэ. Кини хайаан да киниэхэ наадалааҕы, туһалааҕы булан этэрэ. “Аҕам, аҕам барахсан, эн эрэ куруук мин аттыбар баар буол”, — диэн, Анна күн сиригэр саамай ытыктыыр киһитигэр махтана олорбута. Кыыс оҕо эрдэҕиттэн ийэтинээҕэр аҕатыгар ордук чугас этэ.

Маарыйа соҕотох кыыһыгар тоҥуй сыһыаннааҕа. Кини ордук уолаттарыгар охторо. Бэйэтэ, Дьааҥы бардам баай Курлецкайдарын кыыһа буолан, эр киһилии кытаанах майгылааҕа. Ол иһин от-мас курдук наһаа нарын кыыс оҕону “кини тугу кыайыай” диэн аахайбат, болҕомтоҕо да уурбат этэ. Биир үксүн “кыыс оҕо — омук анала” диэн өс хоһоонунан салайтаран, дьиэ кэргэҥҥэ кыыс оҕо туох да боччумнаах оруола суох буолуо дии саныыра.

Онон Анна дьиэ кэргэнин иһигэр кинини көмүскэһээччи, саннын тоһуйааччы аҕата эрэ буоларын куруук билэрэ. Бу да сырыыга оннук буолбута, ийэтэ аахайан кыыһын кыһалҕатын билэ-истэ да сатаабатаҕа, ордук көскө барбыт таптыыр уолун, Василийын, аһыйан өйө-төйө суох сылдьара.

Чахчы дьиэ кэргэн иһиттэн ийэтигэр Василий эрэ саамай чугас этэ. Кини ийэтэ суох буоллар эрэ, дьиэтигэр да тэһийэн олорбот этэ. Аҕата төһө да кини иннигэр түүннэри- күннэри сүүрдэр, уол ийэтигэр эрэ суруйара, ийэтин эрэ аһынара. Дьон Василий ийэтин кытта ыга тоҥолохтоһон дьаарбайа сылдьалларын үгүстүк көрөллөрө. Кинилэр ким да билбэт туох эрэ кистэлэҥнээх курдук тохтоло суох ботугураһан кэпсэтэ иһэр буолаллара. Ийэ атын оҕолорун Василийтан аллараа кэрдиискэ туруорара. Биллэн турар, саамай кэнники кэрдиискэ Анна турара.

Киэһээ аһылыкка киэҥ остолобуойга остуолу тула бары мустубуттара. Начальнай оскуолаҕа нуучча тылын үөрэтэр уоллара, Николай Михайлович — үрдүк уҥуохтаах, хойуу хара баттахтаах, уоһун үрдүгэр кичэллик кыргыллыбыт чараас бытыктаах, кыыс оҕолуу уһун, хойуу кыламаннардаах киэҥ, сырдык харахтаах, хатыҥыр, көнө таһаатыгар хара көстүүмү уурбут-туппут курдук кэппит, эҥкилэ суох ыраас ырбаахытын уолугун нэлэкэйдэммит, ийэтинии модороон куоластаах, чахчы саха интеллигенэ, отуччалаах киһи олоппоһун өйөнөрүгэр тиэрэ түһэн олорор. Кыра Михаил хараҥа күөх өҥнөөх мотуруоскатын уолугар маҥан салфетканы иилинэн аһыырга бэлэмнэнэн остуол үрдүн көрүөлүүр. Мария Афанасьевна — дьиэ кэргэн хотун ийэтэ, хаарыс солко халадаай ырбаахытын таһынан хара хоруоҥка симэхтээх хаһыаччыгын толору кэтэн, сарбынньахтаах солко былаатын кэннигэр салыбыраччы баанан баран ас үллэрэн кэлэр- барар. Михаил Николаевич — дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, хара бостон көстүүмүн кэтэн, баархат баанчыгын баанан, олоппос өйөнөрүгэр тоҥонохтонон олорон тулуйбатахтыы- тэһийбэтэхтии Анна хоһун аанын кэтиир. Сотору-сотору сэлиэччигин сиэбиттэн сыапка иилиллибит көмүс чаһыытын ылан көрөр. Кини аһылыкка биир да мүнүүтэ хойутууру сөбүлээбэт этэ.

Остуол нөҥүө бу киэһээҥҥи ыалдьыттар — кэргэннии Слепцовтар билиҥҥи муоданан тигиллибит хара атлаас көстүүмү, былааччыйаны кэтэн килэһэн-халаһан олороллор. Вонифатий Нестерович суон тарбаҕар анньыммыт ыйааһыннаах кыһыл көмүс биһилэҕинэн сотору-сотору остуолу тобугуратар уонна тиэрэ түһэ-түһэ күлэн сатарытар. Кэргэнэ — София Васильевна, маҥан эттээх моойугар кылыргыы охсуллар олус улахан үрүҥ көмүс түгэхтээх ытарҕата эйэҥэлээн ыла-ыла тугу эрэ омуннаахтык кэпсиир. Остуол аҥаар уһугар кинилэр уоллара, сүүрбэтиттэн тахсыбыт куораттан сылдьар Константин Вонифатьевич, аҕатыныы үрдүк, төрөл уҥуохтаах, кытархай хааннаах, билиҥҥи муоданан уһун хара баттаҕын ньалҕаарыччы тарааммыт, уоһун үрдүгэр тор курдук бытыктаах, эриличчи көрбүт киэҥ биилээх харахтаах, сахаҕа олус кэрэ сэбэрэлээх эдэр киһи аттыгар олорор Николайга ботур-ботур тугу эрэ кэпсиир.

Хаптаһын аан “лап” гына сабылларын кытта, бары ол диэки хайыһа түстүлэр. Маҥан аныгылыы тигиилээх, хара куруһуба саҕалаах, бэрэнньиктээх, синньигэс биилин ыбылы курданан өссө тупсубут, чачархай хойуу баттаҕын куруһуба сиэккэҕэ эрийэ уган кэннигэр түһэрбит, киһи эрэ сэргии көрүөх кэрэ кыыһа, Анна, симиттэн хойуу кыламанын быыһынан дьону көрө турда. Дьон кылгас түгэҥҥэ ах баран, таптаабыт харахтарынан кыыһы имэрийэ одуулуу олордулар.

Ыстапаайа сылабаарын туппутунан айаҕын атан таалан тура түстэ. Онтон өй ылан, кыыс диэки астыммыттыы имнэннэ уонна киэн туттубут хараҕынан Константин диэки кылап гына көрөн ылла. Николай ойон туран, балтын икки илиитин сэрэммиттии тутан олбу-солбу уураталаан ылла уонна кулгааҕар төҥкөйөн:

  1.  Вы просто чудо, дорогая. Мы все сражены. Наһаа да тупсубуккун, прямо как Наталья Ростова, я горжусь вами,— диэн сибигинэйдэ уонна илиититтэн ылан остуол аҥаар уһугар олорто.

Анна Константин кэлиэхтээҕин билбэт этэ. Онон остуол уһугар уолу кытта уун-утары олорон эрэ баран өйдөөн көрбүтэ. Уол хайдах эрэ боччумурбут харахтарынан кинини имэрийэ көрөн ылаат, кыбыстыбыттыы умса тутта оҕуста. Кыыс ону бэлиэтии көрөн, кыбыстан сирэйэ итийбэхтээн ылла. Хата, остуолга олорор дьон онно эрэ кыһаммакка, аһыырга тэринэн үрүҥ көмүс иһиттэри лаҥкыната олордулар.

Костя олус уларыйбыт, тупсубут. Кинилэр дьиэлэрэ чугас-чугас турар буолан, оҕо эрдэхтэриттэн куруук бииргэ оонньууллара. Анна мыс курдук суп-суон уолу “пышка, пышка” диэн хаадьылаан ытата сыһара. Онто олох атын киһи буолбут. Костя төһө да куоракка үөрэннэр, Аннаны көрсүбэтэх эбит. Кыыс аҕатын уонна убайдарын бобуутунан үөрэҕиттэн атын ханна да сылдьыбата.

Остуолга олорооччулар кыыс симиттэрин, кыбыстарын билэр буолан, кини үөрэҕин туһунан тугу да сураспатылар. Буолар буолбутун курдук истиҥник сыһыаннаһалларыттан Анна сыыйа холкутаан барда. Чахчыта да Слепцовтар Оруоһуттартан ордуга суох балаһыанньаҕа түбэһэн сылдьаллара. Онон бары даҕаны бу ыарахан кэпсэтиини саатар кылгас кэмҥэ умна түһүөхтэрин баҕараллара.

  1.  Костя аны күһүҥҥэ дылы тахсыбыт. Этэҥҥэ буоллаҕына Иркутскайга институкка барыахтаах, — диэтэ Суоппуйа уонна уолун диэки астыммыттыы көрөн ылла.
  2.  Табылыннаҕына, — Вонифатий бу тылы чиҥэтэн биэрдэ. Дьиэлээхтэр барытын өйдөөтүлэр.
  3.  Анна даҕаны табылыннаҕына, сотору үөрэҕэр төннүөн сөп, — диэтэ аҕата, кыыһа кини диэки өрүһүлтэ көрдөөн көрөн олорорун сэрэйэн.
  4.  Ким билэр, кыыс киһиэхэ маннык ыарахан кэмҥэ улахан үөрэх туохха наада эбитэ буолла, — диэн Маарыйа бэйэтин бүччүм санаатын иһитиннэрдэ.

Онуоха Мэхээлэ кэргэнин диэки сөбүлээбэтэхтии көрөн баран:

  1.  Доҕоччуок, үөрэх кимиэхэ баҕарар наада, — диэн унаарытта. Атыттар бу кэпсэтиини сэҥээрбэтэҕэ буоллулар.

Аһылык кэнниттэн улахан дьон Михаил Николаевич хоһугар киирэн, бары ыалдьар боппуруостарын, дьэ, ырытыһа хааллылар. Эдэрдэр — Николай, Константин уонна Анна киэһээҥҥи салгынынан тыына, сэбирдэҕэ түһэн бүтэн эрэр хатыҥ чараҥ устун хаамсан истилэр.

Анна чараас суккун сонунан дьагдьайан барбытын көрөн, Николай кыыс сылаас былаатын аҕала дьиэтигэр төттөрү тэбиннэ. Костялаах Анна иккиэйэх хаалан баран, бэйэ- бэйэлэриттэн кыбыстан, саҥата суох атахтарын анныгар хачыгырыыр сэбирдэх тыаһын иһиллии хаамсан истилэр. Онтон Костя тохтуу түстэ уонна симиктик:

  1.  Анна, Анна Михайловна, мин Дьокуускайтан тоҕо кэлбиппин истибитиҥ дуо? — диэн ыйытта.

Кыыс тугу эппиэттиэн билбэккэ, хараҕын симириҥнэттэ:

  1.  Суох, онтон эн мин историябын иһиттиҥ ини? — диэн баран, эргиллэ түһээт, иннин диэки хаама турда.
  2.  Истибитим эрээри, ол эн убайдарыҥ дьыалатыгар орооспотох буоллаҕыҥ дии, ол үрдүнэн...
  3.  Түксү, түксү... Мин ити туһунан кэпсэтиэхпин баҕарбаппын. Я — не Орлеанская дева, ни с кем воевать не собираюсь, — кыыс хаамыытын эбэн биэрдэ.

Костя кыыс кэнниттэн эккирэтэн кэлэн:

  1.  Бырастыы гын, Анна. Мин эйиигин өһүргэтиэхпин баҕарбатаҕым. Эн билэҕин дуо? Мин дьыалам букатын ыарахан ээ. Баҕар, миигин бүгүн-сарсын тутан илдьэ барыахтара, — диэн баран, уол иэҕиилээх төбөлөөх торуоскатынан маһы саайда.
  2.  Туох диигин, Костя, ол хайда-ах? Эн сэбиэскэй былааһы эмиэ утараҕын дуо? Оттон убайыҥ Никита бастыҥ коммунист буолбатах дуо?
  3.  Никита — туһа-туспа, мин — туһум-туспа, — Костя суон тииккэ өйөнөн торуоскатынан сэбирдэхтэри ыһа турда.
  4.  Никита алыс “кытаран”, аҕам биһигини кулаахтаргыт дии-дии дибдийэр буолбута ыраатта. Аҕабын баайгын- дуолгун былдьаан ыла иликтэринэ, бэйэҥ дьоҥҥо үллэр, киһини саакка киллэримэ диир. Үнүрүүн бу барыта бэйэбит хара көлөһүммүт, төрүт уус баайбыт, дьоммут хас эмэ үйэ тухары муспут баайдарын хайдах ыскайдыахпытый диэбиппэр кыыһырбыта. “Суукка көрсүөхпүт”, — диэн баран, ааны хайа быраҕан тахсыбыта. Мин кинини өйдүүбүн. Абаҕам Пантелеймон хаайыллыаҕыттан кини уйатыгар уу киирбитэ. Былаастар оҕолорбун тыытыахтара диэн. Онон олус “кытарбыта”. Чахчы оҕолоро да кыралара бэрт, — Костя иһигэр тута сылдьыбытын тоҕо тэбээтэ.
  5.  Оо, Костя, бырастыы гын... Мин биһиэхэ эрэ маннык ыарахан кэм кэллэҕэ дуу дии санаабытым... Онтум баара эһиги эмиэ... Никита, мин санаабар, наһаа суукка тиийбэт ини.
  6.  Тиийиэн да сөп, мин кини нутротун үчүгэйдик билэбин. “Ксенофонтовщиналары кэһэтиэххэ” дии-дии оруо маһы ортотунан тыллаһар дьону кытта куодарыһар. Миигин куораттан кини үүрэн таһаарда дии, “хаайыллыаххын баҕарбат буоллаххына дойдулаа” диэтэ, — Костя истээхтик мүчүҥнээтэ. — Анна, мин эйиигин куоракка олох көрбөт этим дии, ханна саһа сылдьыбыккыный?
  7.  Дьэ, саһар сирдээх этим, библиотека, гимназия уонна утуйар хоһум, — кыыс тэбэнэттээхтик күлэн ылла. — Оттон эн “хапытаал хоолдьугатыгар”, Василий муҥнаахха, кэлэ да сылдьыбат этиҥ дии, — кыыс да иэскэ хаалбата.
  8.  Ах, так, “чөчүөккэ”, — Костя кыыһы хаадьылаан, оҕо эрдэҕинээҕи аатынан үөхтэ.
  9.  Эн да “пышкаҥ” сүппүт дии, “пышка, пышка”, — дии-дии, Анна, кураанах сэбирдэҕинэн уолу ыһаат, ыллык суол устун сүүрэ турда.
  10.  А-һа, вот какая, киһи кистэлэҥин истэн баран, өссө хаадьылыыр эбиккин, — дии-дии, кыыһы эккирэтэн атаралаата.

Анна биир суон хатыҥы кууһа түстэ. Костя диэки эргиллэрин кытта, уол кыыһы хатыҥнары баҕастары кууһан ылла уонна аҕылыы-аҕылыы:

  1.  Анна, Аннушка, Аанчык... Эн тоҕо маннык наһаа кэрэҕиний, эт эрэ миэхэ? — кыыс тырымнас харахтарын утары көрөн туран ыйытта.
  2.  Кыра эрдэхпиттэн үүккэ сөтүөлээбитим, бурдукка буккуллубутум ол иһин, — кыыс күлэ-күлэ хаадьылыы турда.
  3.  Күн курдук Аннушка, эн аттыгар буоллум да, мин сүрэҕим тоҕо толугуруу мөхсөрүй?
  4.  Куоракка киирэн Дон-Жуан буолбуккун быһыылаах, ыыт, миэхэ “кулаах хоолдьугатыгар” чугаһаама, “чумааҕа” сыстыаҥ, — Анна кыыһырбыта буолан илгиэлэннэ.
  5.  Зараза к заразе не пристает.
  6.  Ээй, барышня, барин, где вы? — диэн, Николай Анна маҥан былаатын туппутунан хаһыытыы-хаһыытыы сүүрэн иһэрин көрдүлэр.

Уоллаах кыыс киниэхэ утары бардылар. Хас да хонон баран, биир хараҥа түүн Анна утуйа сытар хоһун түннүгүн ким эрэ тоҥсуйан тобугуратта. Кыыс ойон туран түннүк сабыытын сэгэтэн көрбүтэ, убайа “таҕыс” диэн илиитинэн ыҥыраат, сүтэн хаалла. Николай кыра аайы кинини түүн үөһүн саҕана ыҥырбатын билэр буолан, сып- сап таҥнан тыаһа суох таһырдьа таҕыста.

Тахсыбыта, соҕуруу халлаан аннын диэки уот кыһыл сардаҥата күлүбүрүүрэ көстө түстэ. Анна ону көрөөт, “ой” диэн кыланан ылла. Ити диэки Вонифатий Слепцовтаах нууччалыы тутуулаах улахан дьиэлэрэ турара. Аттыгар Николай баар буола түстэ. Сөмүйэтин уоһугар таҕайан “тсс” диэтэ уонна “барыах” диэн ыҥырда. Анна хараҥаҕа оттон- мастан иҥнэ-иҥнэ, убайын батыһан тыа саҕатыгар турар ампаар кэннигэр тиийдэ.

  1.  Анна, эн соһуйума, куттаныма. Бу соторутааҕыта Слепцовтарга комиссардар Костяны тутаары кэлбиттэрин, аҕата эрдэттэн сэрэйэн түннүгүнэн куоттарбыт. Онуоха бандьыыт уолгутун кистээтигит диэн барыларын таһырдьа соһон таһааран баран, дьиэлэрин уоттаабыттар, — диэн Николай балтыгар быһаарда.
  2.  Уой, оттон Костя? — диэн ыйыппытын Анна кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Ол эрээри кини убайыттан тугу да кистээбэт буолан уонна биир үксүн маннык ыксаллаах кэмҥэ кыбыстар туһунан умнубута.
  3.  Костя күрүөн иннинэ эйиигин кытта көрсөн бараары миэхэ кэлбитэ, ити тыа саҕатыгар саһан олорор, эн онно бар. Мин манна маныам, хайаан да көрдөөн кэлиэхтэрэ. Кэллэхтэринэ биллэриэм, чэ, сүүр.

Анна онтон-мантан иҥнэн охто-охто тыа саҕатыгар сүүрэн тиийдэ. Чугас тиит кэнниттэн:

  1.  Анна, — диэн Костя ыҥырар саҥата иһилиннэ. — Анна, манна кэл. Көрөҕүн дуо миигин?

Кыыс саҥа диэки сүүрэн эрдэҕинэ эрчимнээх илии күөйэ кууһан ылан саҥата суох уоһуттан уураата. Соһуйан уолу түөскэ күүскэ анньан кибилиннэрээт, кэннинэн тэйээри иҥнэн охтон түстэ. Уол охтон эрэр кыыһы тутаары иннин диэки ыстанна. Анна илиитин иннигэр тутан “суох” диэтэ.

  1.  Анна, бырастыы гын. Уонна аны хаһан эйиигин ууруомуй? Аны көрсөрбүт да биллибэт, ол иһин эйиигин тиһэх төгүлүн көрөөрү кэлбитим. Быраһаай, көмүс суһуох, таптыыр кэрэчээн Аннушкам. Эн, баҕар, саҥарыма даҕаны, миэхэ син биир, — уол тохтоло суох биир тыынынан кутта. Онтон бэргэһэтин имиппэхтии тура түһэн баран, тыа үөһүн диэки хаама турда.
  2.  Костя... Константин, тохтоо, — Анна кыланаат, уол кэнниттэн сүүрдэ.

Костя эргиллэ түһээт, утары сүүрэн иһэр кыыһы түү курдук чэпчэкитик көтөҕөн ылла. Харса суох ууруу туран, тохтуу түстэ уонна:

  1.  Анна, миигин кытта барыс. Эн миигин кытта барсарыҥ буоллар, мин тугу барытын кыайыам этэ, — Костя кыыс төбөтүн түөһүгэр сыһыары тардан ылла уонна кыайан саҥарбакка бөтөн хаалла.

Анна намчы моонньун устун сылаас харах уута сүүрэн түспүтүн биллэ:

  1.  Костя, доҕорум оҕото, оннук букатын табыллыбат. Эн бэйэҥ да өйдүүр инигин...
  2.  Өйдүүбүн, тылга тииспиччэ этэбин уонна хаһан этиэмий. Баҕар, кэлин олох оннугар түстэҕинэ, бииргэ ыал буолан олоруохпут дуо? Эн миигин кэтэһиэҥ дуо, Анна? — кыыс Костяны тиһэх төгүлүн көрөрүн сүрэҕинэн таайбыта эрээри, билигин чугас дьонун дьылҕалара киниттэн тутулуктаах буолбутун өйдөөбүтэ.
  3.  Костя, мин эрэнэбин, эн хайаан да эргиллиэҥ. Баҕар, биир сылынан, баҕар, уон сылынан. Мин тыыннаах буоллахпына кэтэһиэм... Чэ, кытаат, билигин кэлиэхтэрэ, куот, сүүр уонна ханна да буолларгын эйиигин биир киһи туохтааҕар да ордук таптыырын умнумаар. Көрсүөххэ диэри! — Костя кыыһы хаһан да умнума диэбиттии уһуннук уураан баран, хараҕын уутун бэргэһэтинэн туора садьыйа-садьыйа, тыа үөһүн диэки сүүрэ турда. Анна уол кэтит көхсүн хараҥаҕа сүтүөр диэри көрөн хаалла. “Туох иһин?!” — диэн сүрэҕэ кыланар хаһыытыттан аһыы хараҕын уута икки иэдэһинэн тохтоло суох таҥнары суккулунна.

Кыыстаах уол дьиэлэригэр киирэн оронноругар сыталларын аҕай кытта, ааннарын күүскэ тэбиэлээн биллиргэтэн бардылар. Анна сүрэҕин туттубутунан олоро түстэ. “Костяны туттахтара” диир санаа өйүгэр тимир тоһоҕо курдук батары киирбит этэ.

Бадьай Уйбаан мөҕүттэ-мөҕүттэ аан күлүүһүн төлөрүтэрин кытта, үс хара бэкир дьон дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстүлэр:

  1.  Уйбаан, уоккун умат эрэ, доҕоор. Тойотторгун туруортаа, — диэн кэһиэхтээх куоластаах сылайбыт киһи саҥата иһилиннэ.

Уйбаан саҥата суох кыраһыын лаампатын уматта уонна кэрийэ сылдьан хос ааннарын тоҥсуйда. Бу үлүгэргэ ким утуйа сытыай, бары биир-биир хостон тахсыталаатылар.

Арай Анна, суорҕанын ыбылы ытыран, куттанан титирэстии олордо.

Уйбаан кыраһыын лаампаны остуол ортотугар уурбутугар, киирбит дьон сирэйдэрэ, дьэ, көстө түстэ. Остуол баһыгар тирии тужуркалаах, сүүһүн ортотугар сулустаах хоттуустаах, хара бараан сылайбыт, салбаҕырбыт сирэйдээх орто саастаах киһи, атын ыал дьиэтигэр толору бырааптаах хаһаайын курдук туттан, илиитинэн икки сыҥааҕын өйөөн олорор уонна мустубут дьону сыныйа көрөр. Кини аттыгар бинтиэпкэтин тайахтанан, саллаат таҥастаах, эдэркээн, хатыҥыр уол дьиэлээхтэртэн саллыбыт курдук туттан турар. Остуолтан тэйиччи хара суккун сонун сиэҕигэр кыһыл таҥаһы бааммыт, өһөс будьурхай баттахтаах, лыс курдук бэлтэйбит, имиллибит курдук маҥан сирэйдээх эдэрчи киһи сис туттан турар.

Маннык түүҥҥү ыалдьыттары күүппэтэх Маарыйа булууһа халаатын хардары тардан туран:

  1.  Бу туох үлүгэр буолбут дьон түүннэри дибдийэ сылдьаҕыт? — диэн эрдэҕинэ Мэхээлэ ойоҕун ойоҕоско аста. Маарыйа онно эрэ дьон бөрүкүтэ суох санаалаах киирэн олороллорун сэрэйэн кубарыс гынна.
  2.  Түүҥҥү сырыыбыт иһин бырастыы гынаргытыгар тиийэҕит, — диэтэ тирии сонноох киһи. — Биһиги даҕаны эһиги курдук сылаас тэллэххэ утуйа сытыахпытын баҕарабыт эрээри, дьыала туһугар ыалы “дибдийэбит”. Дьиэҕэ өссө ким баарый? — ыалдьыт Мэхээлэ диэки хайыста.
  3.  Кыыһым, Анна Михайловна, баар. Кинини ыҥырар эмиэ наада дуо? — диэн, чиҥээн хаалбыт куолаһынан утары ыйытта.

Ыалдьыт иэгэҥнээн ылан баран:

  1.  Чэ, кини хаалл... — диэн эрдэҕинэ сис туттан турбут лыс курдук киһи:
  2.  Кэллин, баҕар, олох да суоҕа буолуо, — диэн киһитин быһа түстэ.

Мэхээлэ Ыстапаайаҕа имнэннэ. Дьахтар тугу эрэ утараары гынан эрдэҕинэ, Маарыйа: “Ыҥыр”, — диэтэ.

  1.  Бу түүн эһиэхэ ким да биллибэтэ дуо? — диэн, тирии сонноох киһи доппуруоһун саҕалаата.
  2.  Суох, ол ким биллиэхтээх этэй? — Мэхээлэ хардары ыйытта.
  3.  Эһиги хоолдьугаларгыт — Слепцовтар уоллара, Константин Вонифатьевич, чиэһинэй сууттан бу түүн күрээтэ. Кини сэбиэскэй былааһы утары саалаах сааҕыбар тэринэ сылдьара чахчы буоларын ити быһыыта дакаастыыр. Сэрэтэбин, өскөтүн эһиги государственнай преступнигы саһыарбыт эбэтэр билэ-билэ куоттарбыт буоллаххытына, революционнай суутунан бэйэҕит дьүүллэниэххит. Онон кырдьыгы эрэ этиҥ, — киһи сылайан арыычча саҥара олорон, эмискэ ах барда уонна силин быһа ыйыһынна.

Аттыгар турбут саллаат уол тэпсэҥнээн ылла. Сис туттан турбут киһи сирэйэ сырдаатар сырдаан барда. Мэхээлэ кинилэр туохтан итинник уларыйа түспүттэрин көхсүнэн сэрэйбитэ. Ити кини Анната хоһуттан тахсан турар буолуохтаах. Аҕа сүрэҕэ ыарыылаахтык быһыта кымаахтаата. Кини кыыһа көстө түстэр эрэ, дьон хараҕа уоттана түһэрин билэрэ. Бастаан киэн тутта саныыра, оттон кэнникинэн дьаахханар буолан барбыта. Бу үлүгэр кэми маннык кэрэ сибэкки хайдах уйуон сөбүн элбэхтэ толкуйдуура.

Анна хойуу, чачархай баттаҕа ыһыллан бөдөҥ долгуннарынан такымар тиийэ мөлбөһө намылыйбыт. Куттанан кэҥээбит хараҕа симик уокка өссө тупсан уот ирбинньигинэн оонньообут. Чараас солко халаатын таһынан бүрүммүт баайыы былаата сиргэ тиийэ соһуллан улуу худуоһунньук хартыынатыттан түһэн кэлбит аанньал курдук буолан турара.

Тирии сонноох киһи ойон турбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Туран баран хайыай, кыыска утары тиийэн:

  1.  Комиссар — Егоров Семен Семенович, — диэн баран, кыыс илиитин ыга тутта.
  2.  Анна Михайловна Оросина, — диэн Анна симиктик хардарда уонна ыга тутуллубут илиитин, ыарыытын мүлүрүтээри, тэбээмэхтээн ылла.
  3.  Эһиги хойутаан тахсыбыккытынан сибээстээн хатылыыбын, — диэт, киһи тугу эппитин чабырҕах курдук хатылаата. — Анна Михайловна, Константин Вонифатьевич эйиэхэ хайдах сыһыаннаһар этэй уонна бу түүн таарыйан ааспата дуо? — диэн ыйытан баран, кыыһы үөһэттэн алларааҥҥа диэри таҥнары көрөн түһэрдэ.

Анна кыбыстан кытар гына түстэ эрээри, бу харса-хабыра суох тыллаһа турар бэркэ билэр киһитигэр абаран туох эрэ кыһыылааҕы этиэн баҕаран кэллэ:

  1.  Константин Слепцов биһиги икки ардыбытыгар туох да киһи сүөргүлүөх сыһыана суоҕун сытырҕаан билбиккит буолуо. Уонна кэлэн ыйыта тураҕын, — диирин кытта, киһи сирэйгэ бэрдэрбит курдук чинэс гына түстэ.
  2.  Анна Михайловна, эн саҥа былаас представителлэрин кытта куруук маннык кэпсэтэҕин дуу эбэтэр миигин билэбин оҥостон, сэнээн итинник саҥараҕын дуу? Бука, гимназияттан даҕаны мээнэ устубатахтара буолуо. Онон дьыалаҕын дириҥэтиэххин баҕарбат буоллаххына, көнөтүк эппиэттээ, — киһи былааһын биллэрээри куолаһын сонотон ылла.

Анна тугу да хардарбата эрээри, өһөс харахтарынан киһини сэнээбиттии аллараттан үөһэ көрөн таһаарда.

Бу киһини нэһилиэк дьоно бары билэллэрэ. Егоров — орто сэниэ ыал оҕото, маннааҕы оскуоланы бүтэрэн баран, Мэхээлэ убайыгар, Киргиэлэй Оруоһуҥҥа, бирикээсчигинэн үлэлээбитэ. Киргиэлэй уол үөрэххэ дьоҕурдааҕын билэн, Иркутскайга атыы-эргиэн дьыалатыгар бара сылдьан, үөрэҕин төлөбүрүн төлөөн институкка юридическай факультекка киллэрбитэ. Онно олохсуйбут сурдьугар, Иван Оруоһуҥҥа, олохтоон хаалларбыта. Семен революционнай ыччат хамсааһыныгар кыттыбытын иһин үһүс курстан уһуллубута. Дойдутугар кэлбитин кэннэ, үөрэхтээх юрист аҕыйаҕынан сибээстээн, тута земскэй суукка кыра дуоһунаска сулууспаҕа ылбыттара. Сотору үлэһит былааһа Саха сиригэр олохтоммутун кэннэ, кыһыл комиссар буолан, дойдутугар сэбиэскэй былааһы олохтуу тахсыбыта.

Дьиҥэр, Семен Семенович — сытыары-сымнаҕас майгылаах, дьон-сэргэ ытыктыыр киһитэ этэ. Кини бу билиҥҥи балаһыанньатын соччо сөбүлээбэт этэ эрээри, эдэриттэн хайдах эрэ ити сүүрээҥҥэ кыттыһан хаалбытынан арахпакка сылдьара. Семен атыттар курдук ис-иһиттэн баайдары абааһы көрбөт этэ. Ол эрээри ардыгар саҥа былааһы утары киксэ-киксэ, туох эрэ моһолу оҥороллоруттан олус абаран кэлэрэ.

Семен — Мэхээлэлээх улахан уолларыттан, Миитэрэйтэн, балачча аҕа этэ. Ол эрээри бэйэтин саастыылаахтарыттан быдан оттомноох, тугу барытын ис-иһиттэн дириҥник ылынар чараас сүрэхтээх, билиигэ-көрүүгэ эрэ тардыһар, бэриниилээх “таҥара хамначчытынабын” дэнэр уолу олус сөбүлүүрэ. Дойдутугар таҕыстаҕына куруук кэлэн, хонон-өрөөн ааһара. Оччоҕо икки сир олоҕуттан тэйбит курдук уолаттар итэҕэл, араас наука арыйыыларын, политика, эдэр ыччат тустарынан элбэхтик мөккүһэллэрэ. Семен кырдьыгы куттаммакка уот харахха этэ сылдьар интеллигентнэй уолга куруук ымсыыра саныыра. Бэл, кэлиҥҥи кэмҥэ сорох туттуута-хаптыыта, саҥарара-иҥэрэрэ Миитэрэй курдук буолбута.

Миитэрэй кырбанан өлбүтүгэр бэйэтэ баҕа өттүтүнэн буруйдаахтары көрдүү сатаабыта эрээри, бу кини кыаҕын таһынан дьыала буолан тахсыбыта. Доҕоро өлүөҕүттэн кини курдук ис сүрэҕиттэн сөбүлээн кэпсэтэр-ипсэтэр киһитэ суох хаалбыта. Мэхээлэ Оруоһун кыра оҕолорун улааппыттарын кэннэ көрө да илигэ. Бүгүн Аннаны көрө түһээт, хайдах эрэ убайыгар, Миитэрэйгэ, майгынната санаабыта. Оттон аҕыйах хадьар тылынан бырахсаат, онно ордук итэҕэйбитэ. Кыыһы үкчү убайын курдук сөбүлээбэтэҕин иһитиннэрэн баран тэйэрин, төбөтүн дьон иннигэр хоҥкуппат майгылааҕын астына көрбүтэ. Кини тута өлбүт доҕорун булбут курдук санаммыта эрээри, ону дьоҥҥо көрдөрүө суохтааҕын билэрэ.

  1.  Чэ, ол күрүөйэҕи син биир булуохпут. Эһиги биири өйдөөҥ, сэбиэскэй былаас кырдьык иһин охсуһар, батталы утарар, хараҥа дьон хараҕын аһар сыаллаах. Эһиги буоллаҕына өлөрөр-өһөрөр эрэ былаас кэлбитин курдук саныыгыт. Ол иһин арааһы барытын таһаараҕыт, бэйэҕит күөттүүгүт. Бу Слепцовтары да ылан көрүҥ, умуһахтарын толору саа-саадах. Кинилэр сааҕабарга бэлэмнэммиттэрэ ырааппытын биһигини билбэттэрэ буолуо дии саныыллара дуу? Онтон уот барыытыгар эмиэ бэйэлэрэ буруйдаахтар. Чэ, ол — туһа-туспа. Сарсын Михаил Николаевич, Николай уонна Анна доппуруоска ыҥырыллаҕыт. Фома Петрович, бэбиэскэлэри туттартаа, — Семен Семенович ити курдук дьаһайан баран тахсан барда.

Сарсыныгар Анналаах Николайы чаас кэриҥэ доппуруостаатылар уонна улуус иһиттэн ханна да барбаппыт диэн баппыыска ылан баран ыыттылар. Оттон Мэхээлэ аатыгар хас да үҥсүү киирбитинэн сибээстээн, хаалларан доппуруостуурга быһаарыннылар.

Мэхээлэ доппуруостуур хосторугар киирбитэ, табах күөх буруотун ортотугар бэҕэһээҥҥи Егоров уонна сааһыра барбыт Лесков Марк Ионович диэн Дьокуускайтан тахса сылдьар ОГПУ үлэһитэ кыһыл сабыылаах остуол аттыгар туох эрэ кумааҕылары бэрийэ олороллор эбит. Лесков кинини ачыкытын аннынан көрөн, төбөтүн кэҕиҥнэтэн дорооболосто. Семен эмиэ кэҕиҥнээн баран, олоппоһу ыйда уонна биир кумааҕыны ылан доргуччу аахта:

  1.  Я, Матвеев, Оросина Михаила Николаевича, жителя I Игидейского наслега Таттинского улуса знал, как крупного тоена-эксплуататора, кулака и активного соучастника всех бандитских движений. Во время царизма угнетал бедняков, имел 5-6 батраков. После Советской власти в банду Коробейникова отдал своего сына Василия, помогал оружием, отдавал теплую одежду, жертвовал 1 коня. Вел пропаганду среди населения помогать белым. Родственник его, Петр Иванович Оросин — был активным бандитом, командиром- начальником. У него сейчас хранится винчестер... — маннык ис хоһоонноох суруктар бу паапканы толору угулла сылдьаллар. Ону эн туох диигин?

Мэхээлэ истибитин итэҕэйбэккэ, сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн соттумахтаата уонна саннын ыгдах гыннарда.

  1.  Правда ли, что у вас хранится винчестер и для каких целей? — диэтэ кээҕинэс куоластаах Лесков.
  2.  Миэхэ винчестер баар буолуоҕунааҕар, оннук сааны көрбүтүм да суох. Мин уолум бандьыыттаабатаҕа, үөрэнэ сылдьыбыта. Итэҕэйбэт буоллаххытына ньэҥнийэн да көрүҥ. Туох хара балыырай, доҕоор, — Мэхээлэ туох да оруна суох буруйдааһыҥҥа хабарҕатыттан ылларбытын ити түгэҥҥэ сэрэйбитэ уонна тугу да гынар кыаҕа суоҕуттан биир да ыйытыыга хоруйдаабакка, икки хараҕа уунан туолан, умса көрөн бөтө олороохтообута. Кэнникинэн дьон тугу ыйытарын, этэрин да дьүүллээн истибэт буолбута. Үйэлээх сааһыгар биир тыынар тыыннааҕы атаҕастаабатах, куолаһын да соноппотох саха киһитэ барахсан барыах сирэ баҕана үүтэ, кэлиэх сирэ кэлии үүтэ буолан дөйөн хаалаахтаабыта.

Егоров хайдах эрэ аһыммыт курдук куолаһа кини кулгааҕар иһиллэн ааста:

  1.  Михаил Николаевич, бу күнтэн ыла эйиэхэ 330 нүөмэрдээх улахан дьыала арылынна. Күн сарсын Дьокуускайга изоляторга киллэриэхпит. Оттон дьыалаҕын көрөн иһиэхпит. Олус санаарҕаама, буруйа суоҕуҥ дакаастаннаҕына уонна туох баарынан ыраас лиискэ ууран билиннэххинэ сотору төттөрү тахсыаҥ. Билигин конбуойдары кытта дьиэҕэр баран хомунан кэл, ити курдук, — диэн баран, Егоров Лесков диэки өһүөннээхтик көрөн ылла.

Туохха түбэспитин өйдөөбөккө да хаалбыт Мэхээлэ эрэйдээҕи сарсыныгар түҥ-таҥ түһэрэн, куоракка хаайыыга киллэрэн симмиттэрэ. Онно кини аатыгар сэтинньи 5 күнүттэн 1929 сыллаахха УК 58-10, 182 уонна 82 ыстатыйаларынан буруйдаан, дьыалатын өссө дириҥэппиттэрэ. Үнтү кырбаан туран араас көрдөрүүнү суруттаран ылаллара. Бу да көрдөрүүлэртэн көрдөххө саха биир бас-көс аймаҕын кыыллыы сэймэктээн эрэллэрэ сурулла сылдьара:

“По протоколу допроса от 20/Х-1929г. Оросин Михаил Николаевич показал: Мой сын, Дмитрий Михайлович, в 1923 году участвовал бандитизме в Оймяконе. Будучи студентом духовной семинарии участвовал в заговорах против революции. Был убит. Второй сын, Василий Михайлович, за участие в бандитизме был отправлен в ссылку. Третий сын, Николай Михайлович, 25 лет, работает учителем в Таттинском улусе. Племянник, Петр Иванович, был сослан в ссылку. Племянник, Иван Оросин — близкий друг Ксенофонтова, был расстрелен, Пантелеймон Оросин тоже был сослан... — бу испииһэк бүтэр уһуга биллибэт этэ. Түмүгэр. — Никакого оружия у меня нет и раньше не было. Можете хоть расстрелять... Я ведь старик, стою над могилой — пусть поскорее умру. Больше показать не хочу.

Допросил ОГПУ Нутчин”.

Мэхээлэ Оруоһуну сылы быһа сорун сордоон, хара хаанын тоҕон баран, 1930 сыллаахха маннык уураах уураллар:

“Выписка из протокола N4

Заседание тройки ЯОООГПУ от 24 февраля 1930г. по делу N330 обвиняемого, Оросина Михаила Николаевича, заключить в концлагерь сроком на 5 лет с возбуждением ходатайства перед ВЦПК с конфискацией всего имущества.

Верно секретарь тройки Смоктуновский ”.

Баай Оруоһуттар хас эмэ көлүөнэ саха дьонугар киэн туттулла дуораччы этиллибит ааттара, араскы тардан төрөөбүт буоруттан хаттаан төрөөн тахсарын көрбөккө, хаайыы-сыылка эҥээрдэнэн, сору-муну көрөн, өлөн-сүтэн испиттэрэ. Мэхээлэ эмиэ төннүбэтэҕэ.

Үрдүкү суут ити уурааҕа Мэхээлэ Оруоһун хаалбыт дьиэ кэргэттэрин үрдүгэр этиҥ буолан сааллыбыта. Маарыйа бастатан туран тугу да кэрэйбэккэ уолун, Николайы, суһаллык тэрийэн күрэппитэ.

Николай, бараары туран, Аннаҕа эппитэ:

  1.  Анна, мин эр киһи буоллаҕым, баҕар, быыһаныам. Оттон эн, оҕом сыыһа, хайдах буолаҕын? Көрөҕүн дуо, бу былаас хайдахтаах курдук эдэр, кэрэ сааспытын сарбыйда? Ама, биһиги кыра эрдэхпититтэн маннык дьылҕа күүтэрин ыраланар этибит дуо? Билигин марай-сарай эрэ дьон хаалан, саха дьонун кэнэҕэскитин хайдах салайаллар. Биһиги улууспут киэн туттар ыччаттара: Миитэрэй, Василий, Иван, Петр, Евстапий, Никита, Костя, Пантелеймон, онтон да атыттар туох эрэ ыарахан буруйу оҥорбут дьон курдук хаайыы, тыа-ыыр уйаланнылар. Кэлин ону ким эмэ саныа дуо? — онтон балтын ыҥыран туора илтэ уонна сибигинэйэ былаан. — Анна, эн тыыннаах хаалыаххын баҕарар буоллаххына уонна ийэҥ, сурдьуҥ тустарыгар ити... Егоровка эргэ таҕыс. Кини ити да сырыттар, арыычча киһилии киһи ээ... Үөрэхтээх эҥин, атаҕастатыа суоҕа. Костяны умун. Чурапчы таһыгар киниэхэ майгынныыр киһини утарыласпытын иһин суута суох ыппыттар үһү. Чэ, мин эппиппин толкуйдаа. Баҕар, кэлин биһиги ааппытын ааттатар биир эмэ киһини үөскэтиэҥ.

Анна убайын илиитин ыыппакка ыга тутан, тугу да кыайан эппэккэ, ытыы тураахтаабыта.

Николай күрээбитин сарсыҥҥы күнүгэр сарсыарда дьиэ иһигэр тобус-толору саалаах дьон кутулла түспүттэрэ уонна аҥаар кырыытыттан туох баары үнтү чүүччэйэн барбыттара. Егоров аҕаларын хоһугар чөмөхтөһөн турар дьиэлээхтэргэ супту хааман кэлэн:

  1.  Мария Афанасьевна, уолгун ханна саһыардыҥ дуу, күрэттиҥ дуу? — ол-бу диэки көрүөлээн баран сибигинэйдэ.
  2.  Олох тугу да “билбэппит” диэнтэн атыны саҥарымаҥ, — диэн баран, дьон истэрин курдук улаханнык. — Так... оо дьэ, эр дьон дьахталларын харыстаабаттара диэн буолар да эбит. Уокка эһигини уган баран күрээтэҕэ дии. Бу эһиги малгытын- салгытын, дьиэҕитин-уоккутун былдьыыр уураах кэлбит. Бэйэҕитин, уолгут көстүөр диэри, хаайарбытыгар тиийэбит, — диэн, атын сири көрөн туран, нэһиилэ ыган таһааран эттэ уонна ыараханнык үөһэ тыынан кэбистэ. Семен, туох да көмүскэлэ суох хаалбыт үчүгэйкээн дьахталлары уонна хайыы- сах олох ыар атаҕа үктэммит сирэйдээх, саҥа улаатан эрэр уолчааны аһынан, сүрэҕэ хаанынан ытыы турбута. Кини төһө да былаас бэрэстэбиитэлэ буолбутун иһин, бу балаһыанньаҕа тугунан да көмөлөһөр кыаҕа суоҕа.
  3.  Билигин бу конбуой көмөтүнэн бэйэҕит малгытын эрэ ылыҥ уонна бардыбыт.

Маарыйа дьиэтиттэн тахсан иһэн сүрэҕин туттубутунан аан холуодатыттан тайана түстэ. Онтон сыыйа икки атаҕа уйбакка бокус гынан сууллан түстэ:

  1.  Оо, сорбун ньии... Ким кэлэн көмүскүө буоллаҕай? Туох буруйбут иһин алаһа бараан дьиэбит буруотун умуруордугут? Биһиги үйэбит тухары биир кырбаһы дьонтон уорбуппут, көрдөспүппүт да суоҕа... Арай бу эһигинньиктэри иитээри-үөрэтээри, дьоммут-норуоппут туһа дии-дии умса-төннө түспүппүт. Ол манньата ити дуо? Хара түөкүттэр, мин оҕолорбун, оҕонньорбун сиэбиккитигэр топпокко, аны уу кырбас оҕолору, эмээхсини мэҥиэстээри үөрбэҥнэһэ сылдьаҕыт дуо? Мин түөрэ барбыт көмүс уйам эһиэхэ туох да үтүөнү аҕалыа суоҕа. Хааҥҥа баҕалаахтар сотору бэйэҕит хааҥҥа харан умса барыаххыт. Ийэм иҥэрбит кырыыс тылынан эһигини кырыыбын-таныйабын. Биһиги кэппитин эһиги да кэбиэххит. Орто дойдуга дьол, үтүө санаа диэн суох эбит, суох эбит... — Маарыйа мээнэҕэ “Уот Субуруку Маарыйа” дэммэтэҕэ, нэһилиэгэр кырыыстаах тыллааҕынан аатырар этэ. Бу аҕыйах кэм иһигэр күкэрсийбит баттахтаах, сааһырбыт, толуу маҥан дьахтар боруогар умса түһэн, ытыы-соҥуу сытара ынырык хартыына этэ. Дьон этэ тардан, эппэт кэлэҕэй буолан таалан турбута.

Маарыйа Оруоһуна курдук киһи толлор, ытыктыыр дьахтара улууска аҕыйах этэ. Кини төрүттэрин, улуу Крулецкайдары, батан ырыаһыт, олоҥхоһут, хоһоонньут бэрдэ этэ. Маарыйа ырыатын-тойугун уста диэн сир-сир аайыттан араас үөрэхтээхтэр сыбыытаһаллара. Оруоһуна киэҥ далааһыннаах дьаһаллаах дьахтарынан эмиэ аатырара. Кини аар-саарга аатырбыт ыһыахтары ыһан, кыратыттан-улаханыгар тиийэ астыннаран ыытара. Төһө да хабыр майгылааҕын иннигэр дьон кинини ытыктыыра, таптыыра, ырыатын-тойугун уос номоҕо оҥостон ыллыыр-туойар буолаллара.

Маарыйаҕа тэҥнээх ийэ бу Орто дойдуга баара эбитэ буолуо дуо? Дьиэ кэргэнин иннигэр ууга-уокка да киирэрин кэрэйбэт этэ. Кини кэргэнэ, оҕолоро инники күөҥҥэ эрэ туруохтарын баҕарара уонна ону ситиһэн тэйэрэ. Ол да иһин буолуо, бары үөрэх диэтэххэ үөрэх, баай диэтэххэ баай, мааны таҥас-сап, үтүө майгы-сигили, үрдүк культууралаах иитии кинилэргэ баара. Онно барытыгар улахан оруолу ийэлэрэ, Мария Афанасьевна Оруоһуна, ылара.

Ол эрээри кини үйэтэ бу күнтэн бүппүтэ. Маарыйаны ытаппытынан соһон таһааран, ат сыарҕатыгар быраҕан илдьэ турбуттара.

*   *   *

Суол устун кыраһа хаары кэһэн, илдьиркэй таҥастаах икки дьахтар уонна уончалаах уолчаан иэгэҥнэһэ хаамсан иһэллэрэ. Сотору соҕус суол аартыгынан икки аттаах дьон тибилиннэрэн утары кэллилэр. Уоллаах кыыс туораан биэрдилэр. Нэһиилэ үнүөхтээн испит эмээхсин, “үлтү тэпсэн аастаххытына ааһыҥ” диэбиттии, суол ортотугар турунан кэбистэ.

Аттаах дьон кини аттыгар тохтоотулар:

  1.  Кимнээхтэргитий? Хайа диэки баран иһэҕит? — диэн үрүт-үөһэ ыйыталастылар. Эмээхсин саҥата суох тырыттыбыт сонун сиэбиттэн туох эрэ суругу хостоон биэрдэ. Эдэрчи уол күн диэки туһулаан туран сүһүөхтээн ааҕан барда:
  2.  Бириэмэннэй ыспыраапка. Таатта улууһун I Игидэй кулааҕа Мария Афанасьевна Оросина бу 1930 сыл алтынньы 3 күнүгэр кулаахтары кылаассабай өстөөхтөр быһыытынан эһэр хампаанньа уурааҕынан мала-сала, дьиэтэ-уота, сирэ конфискацияланна. Бырааба быһылынна. Кинини кытта 9 саастаах уола, Оросин Михаил Михайлович, уонна 21 саастаах кыыһа, Оросина Анна Михайловна, улуус иһиттэн ханна да тахсыбаппыт диэн баппыыскалаах көҥүлгэ ыытылыннылар. Кинилэр олорор дьиэлэрэ суоҕунан сибээстээн, ыалга икки хонуктан ордуга суох хоноллоругар быраап бэрилиннэ... — уол салгыы аахпата, суругу төттөрү уунна.

Эмээхсин өспүт хараҕынан уолу өһүөннээхтик көрдө уонна:

  1.  Саатар сатаан да аахпат дьону маныыһыт оҥостубуттара баар ээ. Маны этэн эрдэхтэрэ, абааһы ытык хараҕын кыайан аахпатаҕар дылы диэн. Уонна өссө тугу ирдиигин, “улуу тойон”?

Уол эмээхсинтэн саллан: “Суох, ааһа туруҥ”, — диэтэ.

Бүгүн Маарыйалаах Кулаада ыалыгар, Охонооһойопторго, хонор буоллулар. Бу уруккута кинилэр таайдарын, Уйбаанчык Оруоһун, үлэһиттэрэ этэ. Ыал ийэтэ — Татыйаас эмээхсин бурдук тардан иэгэҥнии олорон, сөтөллөн күксүйэ-күксүйэ:

  1.  Мэхээлэ барахсан дьоно муҥнаахтар диигит дуу? Оо, сүрдээх да буолар эбит. Киһи өлөн биэрбэккэ, ону-маны билэн эрдэҕэ, — диэтэ уонна үөһэ тыынна.

Анна эмээхсин аттыгар кэлэн сэниэтэ суох:

  1.  Татыйаас, аҕал, мин тардыым эрэ, — диэн баран суорунаны тутта.

Эмээхсин сыҕарыс гынан биэрдэ. Анна саҥа тардан иһэн, “һуук” диэн баран сууллар тыаһа иһилиннэ. Дьон бары онно ыстаннылар. Кыайан турбат буола ырбыт кыыс муҥнаах өйүн сүтэрэн таас аттыгар охтон сытар эбит. Маарыйа аҕылыы-аҕылыы:

  1.  Сыччыай, туох буоллуҥ? Тур, киһини куттаама, — кыыһын туруора сатаан тардыаласта да, бэйэтэ нэһиилэ уйуттан турар буолан кыайбата.
  2.  Эдьиэй, эдьиэй, өлүмэ даа, — дии-дии, Мэхээчэ уол эдьиийин кууһа түстэ.

Анна өйдөнөн кэлэн:

  1.  Билигин, билигин, тардыам, — диэн ботугураат, нэһиилэ туран, балааскайдаан тиийэн суорунаны эргитээри тардыаласта.  
  2.  Кэбис, тоойуом, ыарытыйбыккын дии, сыта түһэн ыл, — диэн Сүөдэр эйэҕэс куолаһынан кыыска эттэ.
  3.  Суох, суох, үчүгэй буоллум ээ, — Анна суорунаны кыайбакка иэгэйэ-иэгэйэ тардыалыы туран эмиэ оҕунна.

Дьон былаат курдук буолбут кыыһы көтөҕөн аҕалан ороҥҥо сытыардылар. Хас да хонон баран Анна өйдөнөн кэлбитэ, ийэтэ уонна сурдьа суохтар эбит. Бу ыал уончалаах кыыстарыттан дьонун туоһуласта. Онуоха кыыс икки хонуктааҕыта бу дьиэттэн тахсан барбыттара диэтэ. Анна ороҥҥо олоро түстэ. Ойон туруох курдук гынан иһэн мэйиитэ эргийэн эмиэ сууллан түстэ. Онуоха Татыйаас эмээхсин:

  1.  Тоойуом, турума, сыт. Ийэҥ эйиигин үтүө буоллаҕына биирдэ ыытаарыҥ диэбитэ. Бэйэлэрэ арҕаа алаастарга бардыбыт, ол диэки көрдөөтүн диэн илдьиттээбиттэрэ.

Анна хараҕын уута, тыыннааҕын биллэрэн, иэдэһин устун сүүрэн түстэ. Кини төһө да дьонун эккирэтиэн баҕарбытын иһин турар кыаҕа суоҕуттан кыһыйан ытыы сытта.

Хас да хонон баран, биир киэһэ таһырдьа ыт үрэн баргыйда. Дьон куттанан төттөрү-таары сүүрэкэлэстилэр. Сүөдэр ойоҕо Огдооччуйа оҕонньоругар сибигинэйэрин быыс нөҥүө сытар Анна иһиттэ:

  1.  Саллааттар кэллилэр, бука, бу кыыһы ирдии сылдьаллара буолуо. Таах сибиэ хаалларан, туохха-туохха тиэрдэр, иэдээн...

Анна ыалга иккиттэн ордук хонуо суохтааҕын билэрэ эрээри хайыай. Кини кэлин синигэр түһэн, хайдах эрэ туохха да кыһаммат курдук буолбут этэ. Ол иһин иһигэр үөрэ быһыытыйда, хата, баҕар, өлөрөн кэбиһэллэрэ буоллар диэх курдук санаата.

Таһырдьаттан саллааттар киирдилэр быһыылаах. Ханнык эрэ куоппут бандьыыты көрдүү сылдьаллар эбит. Анна: “Хайа эрэ эрэйдээҕи сойуолуу сылдьаллара буолла”, — дии санаата.

Арай кини ханна эрэ истибит, сылайбыт кэһиэхтээх куолаһа:

  1.  Бэҕэһээ Дьокуускайтан этэрээти илдьэ таҕыстым, онон аттарбытын да аһаппакка сылдьабыт. Бу түүн манна хонон, кыратык өл хаптаран ааһыа этибит. Ону туох диигит? — диэтэ.
  2.  Биһиэхэ итиннэ биир ыалдьан сытар хоноһолоохпут. Кулаахтар кыыстара өлөөрү гыммытын киллэрбиппит. Хайдах таһырдьа быраҕыахпытый, онон баайсыбат буоллаххытына хонуҥ ээ, — диэн, дьиэлээхтэр өр саҥарбакка олорон баран хоруйдаатылар.
  3.  Ноо, ол хайаларай? — биир киһи сэрэнэн быыһы сэгэттэ.

Анна көрбүтэ, кинини тымныыттан сирэйэ дэлби кытарбыт, икки омурда тимиччи түһүөр диэри ырбыт Семен Егоров соһуйбут хараҕынан одуулуу турар эбит.

  1.  Тыый, бу Анна Михайловна муҥнаах сытар эбит буолбаат... Мин таарыйа эйиигин эмиэ көрдүү сылдьабын, — диэн эрдэҕинэ Татыйаас эмээхсин кутаалана түстэ:
  2.  Ити айылаах өлөөрү сытар кыыһы түрмэҕэ симээри көрдүү сылдьаҕын дуо? Ама да кулаахтар буолбуттарын иһин олус да муҥнаабыккыт. Уруккута туох да куһаҕана суох, дьон үтүөлэрэ этилэр. Адьас тыытымаҥ, сыттын, — диэт, быыһыах киһи курдук, кыыһы бүөлүү түстэ.
  3.  Суох, Татыйаас, сыыһа өйдөөтүҥ. Мин кинилэри тутаары көрдөөбөппүн ээ... Төттөрү тугунан эмэ көмөлөспүт киһи диэн көрдүүбүн, — диэн баран Аннаҕа чугаһаата.

Кыыс, синим биир, тугу да гыннын диэбиттии, балаҕан өһүөтүн одуулуу сытта. Семен Аннаны балтараа сыл анараа өттүгэр көрбүтүн кытта тэҥнээтэҕинэ, кини иннигэр олох атын киһи сытара. Эдэркээн кыыс хараҕар хайыы-сах олох уота өспүт курдуга. Мунна кырыыланан, уҥуох-тирии сирэйэ ыарыы, кыһалҕа муҥуттан көҕөрө кубарыйбыт. Тостуох курдук күөкэгэр моонньо төбөтүн да уйуо суох курдуга. Кыыс сотору-сотору ыараханнык кырдьаҕас эмээхсин курдук сөтөллөрө, устунан тыына хаайтаран тиэрэ-маары көрөн тыынын былдьаһара. Хараҕын анныгар дириҥ күөх иилэр тимиччи көрөн сыталлара. Семен Аннаны аһынан саҥатыттан матан турда, сэрэнэн-сэрэнэн кыыс илиитин ылла уонна:

  1.  Анна, сарсын мин эйиигин балыыһаҕа илдьиэм, онно үчүгэйдик эмтиэхтэрэ... Күрүөйэх буоллар хааллын, туох алдьархайай! Туох да буруйа суох дьону манныкка тиэрдэр диэн тугуй?

Эмискэ кыыс илиитин сулбу тардан ылла уонна бүтэн хаалбыт куолаһынан:

  1.  Ийэбин уонна сурдьубун булан аҕаллаххытына биирдэ барыам. Эбэтэр эмтээн баран эмиэ муҥнаары оҥостоҕут дуу? — диэн баран, устунан сөтөллөн барда. Онтон эмиэ тумаҥҥа сүтэн хаалла.

Биирдэ өйдөммүтэ, сып-сырдык хоско, маҥан таҥаска сытар эбит. Бастаан хайдах эрэ “өлбүт буоллаҕым дуу” дии санаата. Маҥан халааттаах сиэстэрэ кыыс киирбитигэр:

  1.  Бырастыы гыныҥ, мин ханна баарбыный? — диэн ыйытта.  Кыыс кини диэки соһуйбуттуу көрдө, сыыйа сирэйэ сырдаан кэллэ:
  2.  Балыыһаҕа бааргын. Өйдөммүккүнэн эҕэрдэлиибин, мин билигин... — диэт, көрүдүөргэ. — Оросина өйдөннө! — диэн хаһыытыыр саната иһилиннэ.

Анна хайдах эрэ аһыан баҕаран кэллэ. Тулатын көрүммүтэ, биэс куойкалаах палаатаҕа үһүө буолан сыталлар эбит. Ити икки ардыгар палаата аана тэлэллэ түстэ да, төгүрүк ачыкылаах, намыһах уҥуохтаах, сиртэн-буортан тэйбит курдук ыраас, түөрт уончалаах быраас киһи киирэн кэллэ.

  1.  Анна Михайловна, маладьыас, билигин барытын бэрэбиэркэлиэхпит, — дии-дии, олоппос ылан кыыс аттыгар чугаһаата.
  2.  Доктор, баһаалыста, эт эрэ, мин манна хас чаас сыттым? — Анна бу түгэҥҥэ ийэлээх сурдьун санаан ыйытта.
  3.  Бастатан туран уоскуй. Эн манна чаас эрэ буолбатыҥ, оруобуна биэс хоннуҥ. Тяжелый случай, — диэн унаарытта.
  4.  Как же так, а где же мои родные? — кыыс, уһуутаабытынан олоро түһээт, ыгылыйан нууччалыы ыйытта.
  5.  Эн өйдөммүтүҥ туһунан комиссар Егоров Семен Семеновичка биллэриэхпит. Кини эйиигин аҕалбыта уонна аматыйдаҕына тута биллэрээриҥ диэбитэ. Барытын бэйэтэ кэпсиэҕэ, мин тугу да билбэппин, — диэн баран, кыыһы көрөн киирэн барда.

Анна кэтэспит санаатыгар бириэмэ быт хаамыытын курдук сыыллан бытаана сүрдээх. Киэһэриитэ, палаата аана тэлэллэ түстэ да, Егоров маҥан халааты бүрүммүтүнэн киирэн кэллэ. Кини салгын харааччы сиэбит сирэйигэр бөдөҥ маҥан тиистэрин көрдөрөн мичээрдээтэ уонна Анна аттыгар олоппос ылан олорунан кэбистэ. Кини хара тирии портупеятын түһэҕэр уурарын кытта, Анна үөрэн сэгэйбит сирэйэ күлүгүрэ түстэ. Кыыс бу кэмҥэ тугу санаабытын Семен тута таайан, портупеятын ойоҕоһугар аста уонна эйэҕэстик:

— Анна Михайловна, куттаныма, мин эйиигин доппуруостуу кэлбэтим, көннөрү кэпсэтээри, билсээри кэллим, — диэтэ. Кыыс саҥа айаҕын атан эрдэҕинэ. — Мин эн тугу ыйытыаххын баҕараргын эмиэ билэбин уонна кырдьыгынан этэбин. Ийэҕин уонна сурдьугун баччааҥҥа диэри була иликпит. Улуус арҕаа өттүгэр көрдүү сатаатыбыт даҕаны онно суохтар. Арай, баҕар, мунан Чурапчы улууһугар тахсыбыт буоллахтарына сотору кэминэн көстөллөр ини. Мин оннооҕу сэбиэттэргэ илдьит ыыппытым да, биллэ иликтэр. Эн ол туһугар санаарҕаама, булуохпут. Анна, эн... туох... быраас доруобуйата мөлтөх, өссө да нэдиэлэ курдук эмтэннэҕинэ бэттэх кэлиэ диир. Мин көрдөһөбүн, саатар кыратык бэйэҥ тускунан санаан ыларыҥ буоллар. Дьонуҥ туһуттан сөптөөҕүн эрэйдэнниҥ буолбатах дуо? Билэбин, эн билигин биһигини абааһы көрөр буолуохтааххын, ол эрээри биһиги эмиэ көҥүл дьон буолбатахпыт ээ. Байыаннай балаһыанньа тугу этэринэн сылдьар кэм буоларын өйдүөх тустааххын, биһиги саллааттарбыт, — Семен Анна сору-муҥу көрбүт киэҥ харахтарыттан сырдык уу сүүрэн түспүтүн көрдө уонна кыыс, кини тугу саҥарарын олох да истибэккэ, өйө-санаата ыраах дьонугар сылдьарын өйдөөтө. Саҥата суох бу уотунан кырбаһа турар олоххо собус-соҕотох хаалбыт кэрэчээн кыыһы аһына-таптыы көрөн олордо. Киһи кыыс намчы илиитин ыга тутан баран, саҥата суох тахсан барда.

Сарсыныгар Семен Семенович санааҕа баттаппыт көрүҥнээх балыыһаҕа эрдэ соҕус кэллэ. Кинини бу күннэргэ “кулаах кыыһын уһун сонугар сөрөннүҥ” диэн үгүстүк сэмэлээбиттэрэ. Оттон бүгүн партийнай устаабы кэһэн кулаахтары өйүүгүн, дьыалаҕын бюроҕа көрүөхпүт диэн мас-таас курдук эппиттэригэр сылайа, ыра сылдьар киһи кыйаханан:

  1.  Тулаайах дьону аһыммыппар дьүүллүүр буоллаххытына дьүүллээҥ , — диэн баран, ааны хайа быраҕан тахсаат, атын үрдүгэр түһэн, бөһүөлэк таһыгар сүүрдэн кэлэн уоскуйаары табахтыы олорбута.

Кини эмиэ да бэйэтин буруйдана саныыра, эмиэ да киһини аһыммытым буруйум үһү дуо, соруйан баайсаллар дии саныыра. Ол эрээри кэлин биири бигэтик билбитэ, кини өр сыл утуйа сыппыт сүрэҕэ Аннаны көрсүөҕүттэн уһуктубутун. Сылтан ордук кэм устата ааһан, араҕан биэрбэккэ кыыс таабырыннаах кэрэ хараҕа кинини ханна да буоллар арыаллыы сылдьара. Ол аайы сүрэҕэ минньигэстик эмиэ да ыарыылаахтык нүөлүйэн ылара. Анналаах Николай күрээбитин кэнниттэн икки ый курдук хаайыллан олорбуттара. Бу кэмҥэ Семены Дьокуускайга ыҥырбыттара. Кини онно сылдьан бүтэйдии сэрэйэрэ, Анналааҕы өссө ыар дьылҕа күүтэрин. Ол иһин ыксыыра да, кэтэһэр кыһыл этэрээтэ соҕурууттан кэлэн быстыбакка, кыайан дойдутугар тахсыбакка хаайтаран сылдьыбыта.

Кэмниэ-кэнэҕэс, дьэ, тахсыбыта: Анналаах суоллара сойбута ырааппыт этэ. Ол түүн дьыалаларын билсэн баран, үс киһилээх алаастарынан көрдөөн барбыта. Кэпсиир бандьыыта күрээбитэ ый аҥаара буолбут этэ эрээри, кини ону Анналааҕы көрдүүрүгэр сылтах оҥостубуга. Оо, кыыһы булан баран эриэхсит үөрбүтүөн. Ол түүнү быһа өйө суох сытар кыыс аттыгар олорон хоммута. Бэйэтэ төһө да сылайан сырыттар, Анна ыһыллыбыт баттаҕын сыллаатаҕына сылаата барыта ааһан, сүрэҕэ дьолунан-үөрүүнэн туолара. Сарсыныгар ат сыарҕатыгар чараас таҥастаах кыыһы тулуупка суулаан, ыбылы кууһан айаннаабыта. Бу түгэҥҥэ Анна төһө да бэйэтэ сэрэйбэтэр, Семен Егоровка саамай дьоллоох айаны бэлэхтээбитэ. Уол кыыһы бу курдук кууһан үйэтин да тухары олоруох курдук этэ эрээри:

  1.  Кэллибит, — диэн саҥаттан өйдөнөн кэлбитэ. Дьон аттарын баайа турдаҕына, ким да көрбөтүгэр, кыыһы тиһэх төгүлүн сүүһүттэн уураан ылбыта уонна көтөҕөн балыыһаҕа киллэрбитэ...

Анна оронуттан өндөйөн, Семен сирэйин-хараҕын чинчийэрдии көрдө уонна кинини үөрдэр сонуна суоҕун таайбыта. Ыарахан санаа бу куруук холку, өйдөөх кыараҕас харахтарынан кинини ааттаспыттыы одуулуур, чиҥ-чаҥ быһаарыылаах саҥалаах киһини баттаабытын сэрэйбитэ.

  1.  Дорообо, Анна Михайловна, хайа бүгүн хайдахпытый?
  2.  Этэҥҥэбин. Мин дьоммун бэйэм көрдүүрүм буоллар, бука булуом этэ.
  3.  Кэбис, Анна, ити санааҕын олох бырах. Тымныы бөҕөтө түһэн турар, таҥаһыҥ да чараас, доруобуйаҥ эмиэ мөлтөх, тулуйа түс, булуохпут, — Семен туран көрүдүөргэ таҕыста.

Сотору быраастыын киирэн кэллилэр. Киһитэ сытар икки дьахталлары эмкэ диэн ыҥыран таһаарда. Егоров Анналыын биир-бииргэ хааллылар. Семен балачча саҥата суох олордо, онтон көхсүн этитэн баран:

  1.  Анна Михайловна, мин эн манна хаалыаххын баҕарабын. Маннааҕы оскуолаҕа учуутал тиийбэт. Эн буоллаҕына ботуччу үөрэхтээх киһигин. Этэҥҥэ буоллаххына ийэлээх сурдьугун көрөр кыахтаныаҥ этэ. Биллэн турар, бастаан ыарахан буолуо, ону тулуйуохтааххын. Иккиһинэн, эн араспаанньаҕын уларытыаххын наада. Сөбүлэһэр буоллаххына мин араспаанньабын ылынар гына... Чэ, быһата, Анна Михайловна, мин эн илиигин ыйытабын. Билигин тута харда эрэйбэппин, ол гынан баран эн билиэх тустааххын, мин өйбөр-сүрэхпэр эн куруук бааргын уонна баар да буолуоҥ, — диэн баран, буруйдаммыттыы умса көрдө.

Анна дьиэ кэргэнин эспит дьону абааһы да көрдөр, бу киһини хайдах эрэ куһаҕаннык санаабат этэ. Көнө, судургу майгылаах, сынньанар диэни билбэккэ күннэри-түүннэри сүүрэр, бэриниилээх байыаһы ытыктыы, аһына саныыра.

Семен туруох курдук өндөйөн эрдэҕинэ, Анна намчы илиитин эр киһи чэрдээх илиитигэр уурда уонна сымнаҕастык ыга тутта. Уол бастаан итэҕэйбэтэхтии кыыс сирэйин одууласта. Кини кыракый илиилэрин куотан хаалыахтара диэбиттии сэрэнэн бобо харбаан ылла уонна умса түһэн омуннаахтык уураамахтаан ылла. Дьолунан туолбут харахтарын кыыстан араарбакка утары көрөн олорон:

  1.  Спасибо любимая, я свое счастье словами не могу выразить, спасибо. Билигин мин ыараханы барытын туоруур кынаттанным. Эн биһи хайаан да дьоллоох буолуохпут. Анна Михайловна, Аанчык, Аннушка, сарсыҥҥа диэри, — диэт, кыыс илиитин уһуннук уураата, үөрүүтүттэн кынаттаммыт киһи чэпчэкитик ойон турда уонна аан аттыгар тиийэн дьолломмут хараҕынан өссө төгүл тапталлааҕын диэки көрөн ылла.

Ол түгэҥҥэ Анна эмискэ убайын Николай уонна Костя уунан туолбут харахтарын санаан кэллэ. Сүрэҕэ дьиктитик өрө мөхсө түстэ, ол эрээри Семены тохтоппото.

Кыыс сүрэҕэ сыыспатах этэ. Сарсыарда быраас Нестеров сурук киллэрэн биэрбитэ. Онно: “ Бу түүн Дьокуускайтан суһал дьаһал кэлэн онно бардыбыт...” — диэн суруллубут этэ. Икки хонон баран Семен этэрээтэ, бандьыыттар засадаларыгар түбэһэн, улаханнык эмсэҕэлээбитин туһунан сурах кэлбитэ. Уол өлүгүн тиэйэн киллэрбиттэрэ. Анна эмиэ сир-халлаан икки ардыгар суос-соҕотох туран хаалбыта.

*   *   *

Кыракый балаҕан аана кыычыр гына аһылынна. Күдэн туманы бүрүнэн, сирэй-харах баара көстүбэт гына былаатын бобо бааммыт дьахтар киирэн кэллэ.

Көмүлүөк иннигэр күөт күөттүү олорбут түөрт уонуттан тахсыбыт үрдүк уҥуохтаах, хатыҥыр, иҥиир-ситии киһи симириҥнии-симириҥнии ким киирбитин көрөөрү ааны одууласта. Уҥа наараҕа туһах хата олорбут, киниэхэ майгынныыр чөмөөрүйбүт, түөрт уончалаах киһи ньилбэгин тэбэнэ-тэбэнэ, хойукку ыалдьыты дьиибэргии көрө олордо. Быыһы сэгэтэн, эр киһилии үрдүк уҥуохтаах, хара бараан кыыс ыас-хара суһуоҕун өрүнэ-өрүнэ тахсан кэллэ. Бары саҥата суох киирбит дьахтары одууластылар.

Ыалдьыт ыараханнык сөтөллөн күксүйдэ уонна аан ороҥҥо саҥата суох олордо. Тууна бааммыт былаатын аллара баттаан сабыылаах айаҕын босхолоото, ыараханнык тыыммахтаата уонна кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан:

  1.  Ычча, кыратык иттэ түһэн баран тахсыам, көҥүллээҥ, — диэтэ.
  2.  Киир, киир аас. Уокка чугаһаа. Уччакайбын ньии, бу үлүгэр тымныыга бу ханналаан иһэр айанньыккыный? — диэн дьиэлээх кыыс ыйытта.
  3.  Ээ, бу эҥээр сылдьабын. Бу ыспыраапкалаахпын, таҥара баарына үүрүмэҥ, бэйэм барыам, — диэхтээтэ уонна туора сүгэ сылдьар сууламмыт былаатын хасыһан барда.
  4.  Ол эмиэ туоҕуҥ кумааҕытай? Кумааҕыта да суох итин ээ, — диэтэ кыыс уонна хаҥас диэкиттэн мас кытыйаҕа үүт кутан аҕалан ыалдьытыгар биэрдэ.

Дьахтар үүтү биир тыынынан түһэрэн кэбистэ уонна дьиэлээхтэри буруйдаммыт хараҕынан эргиччи көрөн ылла.

  1.  Өссө иһэҕин дуо? Кыһалҕаҕа ылларбыт барахсан бачча киэһэ ыалы кэрийэ сырыттаҕыҥ буолуо? Сыгынньахтан, бу үлүгэр түүн ханна барыаҥый, хонон аас. Биһиги киирбит ыалдьыты үүрэн таһаарар айыыга киирэ илик ыал этибит, — кыыс өрө халыгырыы-халыгырыы кытыйатын туппутунан хаҥас диэки баран иһэн. — Хайа,баҕар, таһырдьа ким эмэ күүтэн турара буолаарай?
  2.  Суох, ким да күүппэт, соҕотохпун, — диэтэ ыалдьыт.
  3.  Бэйэ тохтоо, арба, аччык искэр үүтү иһэр кутталлаах буолуо, тохтуу түһэн баран иһээр. Уч-чыы... бу таҥаһа халтаҥын, ити иһин ыарытыйбыккын дии. Суппун эрэ сонноох эбит буолбаат... Бар, убаай, куобах суорҕанна аҕала оҕус. Оо... атаҕын таҥаһыан... бүтүннүү тэстэн хаалаахтаабыт буолбаат. Көстөкүүн, аҥайан баран олоруоҥ дуо? Куобах куллукута аҕала тарт, — омуннаах кыыс дьаһайа-дьаһайа, барытыгар бас бэринэн олорор ыалдьытын сыгынньахтыы оҕуста. Оттон былаатын сүорэ тардаат, хойуу чачархай баттах мөлбөрүс гына түспүтүгэр соһуйан. — Баай... мантыбыт олох даа кыыс буолан таҕыста буолбаат. Барахсаныа, иэдэйээхтээбит буолбаат. Чэ эрэ, ханна дьөлө түстүгүт? — кыыс, ыалдьыта тоҥон ибигириирин көрөн, убайдарыгар хаһыытаата.

Эр дьон биирэ суорҕан, биирэ куллука туппутунан өрө сырсан кэллилэр. Кыыс сонно тута сабыта харбаан ылан, ыалдьытын тыыммат да гына хам суулаан кэбистэ уонна:

  1.  Бу эрэйдээҕи, биир да кырбас этэ суох, уҥуоҕар киһи атыллыах. Көхсүн тыаһыан. Арыычча тыына сылдьаахтыыр эбит. Соппуруон, уоту эбэн биэр. Көстөкүүн, үүттэ оргут, инньэ диэн киһини өлөрүөхпүт дуо, быыһыы охсуохха, — Анна ыалы соһуччу маннык аймаабытыттан буруйдана саныы олордо. Кинини ким да маннык бүөбэйдэспэтэҕэ хас үйэ буолбута буолла. Арай Ыстапаайа ис сүрэҕиттэн маннык кыһаллара. “Чээн, бу итии балаҕаҥҥа, бу үтүө дьону кытта олорбут киһи баар ини” диэн төбөтүгэр бүччүм санаа охсуллан ааста. Кинини хаһан да билбэтэх дьоно, төрөппүт оҕолоро тоҥон кэлбитин курдук, тулатыгар айманалларыттан алааран хаалла.
  2.  Дьээ... мэ, маны иһэн кэбис, оччоҕо ириэҥ, — кыыс оргуйа охсубут үүтү суорҕантан нэһиилэ быгар Анна илиитигэр туттарда. — Уу, илииҥ сыыһа кыратыан. Мин — Балбаара диэммин. Оттон бу — убайдарым Соппуруон уонна Көстөкүүн. Араспаанньабыт Боппойоонопторбут. Дьон Боппойоон Уустар диэн ааттыыллар. Эн саҥарыма, аһара илистибиккин, сарсын да күн үүнүө. һуу, арба даҕаны, мин билигин өссө от буһарыам. Дьэ, дьүөгээ, ону истэххинэ, сарсын саҥа төрөөбүт курдук сананан туруоҥ.

Балбаара дэлэҕэ даҕаны Омуннаах Балбаа диэн ааттамматах этэ. Ньилбэгин охсунаат, ойон туран сундуугар тугу эрэ хасыһан хачыгыратта, ол тухары айаҕа хам буолбата. Анна бу аһаҕас санаалаах кыыска хайдах да махтаныан билбэккэ олордо. Иһигэр “аата үчүгэйин, маннык эдьиийдээх киһи, киһини чуҥкутуо суох барахсан” дии саныы олорон, икки күнүнэн бу бэйэлээх итии дьиэттэн эмиэ барыах бэйэм буоллаҕа диэн хараастан ылла.

Ол икки ардыгар Балбаара бэйэтин курдук ото омуннаахтык оргуйан бидилийдэ. Кыыс өрө дьалкыһытан аҕалан, эмиэ Аннаҕа иһэртэ. Сыыйа кини сылайбыт этин-сиинин сылаас сүүрээннэр ыбылы кууспуттарыгар утуктаан нухарыйан барда. Ханна эрэ Балбаара саҥата сүтэ-сүтэ күөрэйэрэ, ким эрэ күүстээх илиитэ кинини сымнаҕас ороҥҥо сытыар- да. Анна: “ Үчүгэйиэн, оо, Айыы тойон таҥараа, миигин манна хааллар дуу... Бу мин дьиэм, бу мин дьонум”, — диэн санаан иһэн минньигэс уу байҕалыгар умсан хаалла.

Анна сарсыарда хаһан да сынньамматаҕын сынньанан уһугунна. Уҥа диэки Балбаара дагда ытыйан бидилитэр тыаһын кытта көмүлүөк оһох умайан тигиниирэ иһиллэр. Балаҕан сып-сылаас, ып-ыраас. Таҥас быыс быатыгар ырбаахы ыйаммыт. Иннигэр ууруллубут талаҕынан уустуктук иэҕэн оҥоһуллубут олоппоско куобах истээх сэлиэччик ууруллубут. Тэйиччи эмиэ оннук олоппоско таптайан оҥоһуллубут тимир суунар тааска ыраас уу дьалкыҥнаан көстөр. Анна эмиэ: “Манна олорор төһө эрэ сынньалаҥ, үчүгэй буолуо этэй? Суох, мин үлэттэн кутаммаппын, үлэһитинэн да хаалларыҥ диэн көрдөһүөм, саатар кылгас кэмҥэ”, — диэн бигэ санааны ылынна. Анна өөр-өр көрдөөн, дьэ, бэйэтин уйатын булбут курдук санаммыта. Ол курдук барыта хайдах эрэ кини санаатын иһинэн буолан испитэ. Кини хараҕын симэн баран аһыан куттанна: “Түүл дуу, илэ дуу? Аны билигин астахпына, барыта сүтэн хаалыа. Эмиэ хотон долборугар дуу, тымныы муустаах муннукка дуу сытар буолан хаалыам”, — дии санаат, хараҕын аспыта, барыта оннугар. Хаста да хатылаата, барыта оннугар: көмүлүөк умайар, сылабаар сырылыыр, Балбаара иһитин бэлэмнээн хаамар-сиимэр.

Анна уһуктубутун биллэрэн көхсүн этиттэ. Онуоха Балбаара ойон кэлэн:

  1.  Хайа, хайдаххыный? Туран ити ууга суун уонна бу таҥаһы таҥын, барыта ыраастар. Олох кыбыстыма, арба, ааккын ыйыппатахпыт дии...
  2.  Оо, бэйэм да эппэтэхпин дии. Бырастыы гын, Анна... Аанчык диэммин.
  3.  Бөлүүн бэккэ утуйдуҥ, сөтөллүбэтиҥ, — Балбаара саҥара-саҥара эмиэ түбүгүрбүтүнэн барда.
  4.  Маннык үчүгэйдик утуйбатаҕым хас сыл буолбута буолла. Баһыыбаларыҥ...
  5.  “Баһыыба үөһэ баһыыба” буолан түһэҥҥин. Киһи киһиэхэ көмөлөспөт буоллаҕына, киһи аатыттан ааһар буоллахпыт дии. Баҕар, сарсын мин эн балаһыанньаҕар киириэм дии, дьэ, оччоҕо?

Анна иһигэр Балбаара барахсан кини курдук сору көрбөтүгэр баҕарда. “Оо, дьон бары эн курдук эбиттэрэ буоллар, хайдахтаах үчүгэй олох буолуо этэй. Үтүө санаалаах Балбаара барахсан, мин дьылҕам эйиигин ырааҕынан тумуннун”, — дии санаата Анна.

Сотору улахан убайдара Соппуруон бүтүннүү кырыаны бүрүнэн киирэн кэллэ. Икки куобах сүгэһэрдээх. Балбаара үөрэн өрө тиргиллэ түстэ:

  1.  Тыый, Аанчык, байанайдаах кыыс оҕото эбиккин дии. Соппуруон бу эҥээртэн куобах аҕалбатаҕа ыраатта, дьэ эрэ, баай хара тыаҥ бэйэтинэн аһатар буолбут. Чэ, аһыаҕыҥ.

Үс атахтаах төгүрүк остуолга олорон, Анна хаһан да маннык минньигэстик аһаабатаҕын аһаата. Икки үүт-үкчү бырааттыылар олох саҥата суох дьон буолан биэрдилэр. Ол оннугар балтылара үһүөннэрин оннугар саҥарар киһи эбит. Аһаан бүтэн, Көстөкүүн оһох кэннигэр муҥха абырахтаан барда.

Сопнуруон хамсатыгар табах уурунан уот иннигэр табахтыы олорон:

  1.  Аанчык, эн биһигини баалаама. Эн туох кыһалҕаҕа ылларан, бу үлүгэр тымныыга бэйдиэ сылдьаахтыыргын билиэхпитин баҕарабыт. Туох дьонноох-сэргэлээх буолаҕын? — диэн ыйытта.

Анна күүппүт ыйытыытыгар хайдах хардарыан сатаан тобулбакка олордоҕуна, Балбаара:

  1.  Кыбыстыма, туох да буоллун, кэпсээ. Биһиги истиэхпит эрэ, үүрэн таһаарыахпыт суоҕа, — диэн баран, кыыс саннын эйэҕэстик имэрийэн ылла.

Онуоха Анна хайдах эрэ уйадыйан ылла, сыл аҥаарыттан ордук кэмҥэ мууһуран хаалбыт хараҕын уута, дьэ, ирэн, таһынан саккыраата. Туох баар олоҕун хайдах баарынан, туту да кистээбэккэ ыраас мууска ууран кэпсээн барда. Кини кэпсээн бүппүтүн кэннэ балаҕан иһигэр ыар чуумпу сатыылаата. Анна иһигэр “үүрэр буоллахтарына саатар биир хоннорон баран үүрдүннэр” дии санаата. Туох дииллэрин кэтэһэн, кыыс дьиэлээхтэр сирэйдэрин-харахтарын маныы олордо.

Эмискэ Балбаара ытыы-ытыы кыыска саба түстэ:

  1.  Туох атаҕастабылай? Аата ынырыгын. Биир дьиэ кэргэнтэн бу эн эрэ ордон сылдьарыҥ тоҕо сүрэй?
  2.  Ийэм Чурапчы Арыылааҕын анныгар суолга охтубутун дьон булан харайбыттар этэ. Икки ый анараа өттүгэр онно тиийэ сылдьыбытым. Онтон сурдьум муҥнааҕы ыал устун бу мин курдук умнаһыттыы сырыттаҕына, былаастар Дьокуускайга тулаайах оҕолор интернаттарыгар тутан ыыппыт сурахтаахтара. Мин ол эҥээр ыалы барытын кэрийэн билбитим. Чэ, бу мин курдук муҥу көрө сылдьыаҕынааҕар онно кэм үчүгэй буоллаҕа дии. Мин да оҕо эбитим буоллар, онно ылыа эбиттэрэ буолуо. Эһиги куттанымаҥ, сокуон быһыытынан эһиэхэ өссө биир хонорум көҥүллэнэр. Сарсын киирбит кэммэр барыам.
  3.  Тоҕо да сүрүкэтэй, ол эһиги Оруоһун диэн араспаанньалааххыт иннигэр биир да суох гына эстиэхтээх үһүгүт дуо? Биһиги куруук истэрбит, Оруоһуттар диэн саха саарыннара, улуу үөрэхтээхтэрэ, киһи тэҥнэспэт чулуу дьоно үһү диэн. Онтукаларбытын эһэн баран, бу хайдах саха буолабыт? Тоҕо бэрдэй, доҕоор, — Соппуруон бэркиһээн төбөтүн хамсаппахтаан ылла.
  4.  Дьэ, хайаатыннар даҕаны, Аанчык, манна хаалыаҥ. Биһиги аймахпыт диэхпит, — Балбаара кыһыытыттан сатаан да саҥарбат буолбут этэ.
  5.  Кэбиһиҥ. Кинилэргэ мин аймахтарым испииһэгэ оҕотугар тиийэ баар эбээт. Онон ити табыллыбат. Арай, хаҥас диэкиттэн сүрдээх холку баҕайытык Көстөкүүн саҥата унаарыйда:
  6.  Оччоҕуна, Соппуруоҥҥа эргэ тахсан саахсаланан баран, араспаанньаҕын уларыттаххына хайдах буолар? — бары соһуйан, ах бардылар.
  7.  Кырдьык даҕаны, убайым бэдэр мэйии уот харахха эттэ, — Балбаара күлэн быһыгыраата.

Соппуруон соһуйан өрө ходьоҥолоото. Аннаны кылап гынан көрбүтэ, кыыс эн тугу этэҕин диэбиттии утары көрөн сандааран олорор эбит. Үйэтигэр дьахтарга чугаһаабатах сэмэй киһи сүрэҕэ биллигирии тэппититтэн кыбыстан таһырдьаны былдьаста.

  1.  Аанчык, оонньуута суох мин убайым курдук көнө, сытыары-сымнаҕас, көмүс тарбахтаах уус киһини бу эргин булуоҥ суоҕа. Кыыс эрэ барыта ымсыырар даҕаны, интикэйиҥ бэйэтэ туспа санаалаах киһи. Туохтааҕар даҕаны кыһата, күөтэ киниэхэ күндү. Дьон олус идэтигэр охтубут дииллэр, ол чахчы. Көр эрэ, бу балаҕан иһин, эн манныгы ханна эмэ көрбүтүҥ дуо? Онтон көмүһү кини курдук кыайа тутар уус сахаҕа ахсааннаах буолуохтаах. Урут баай дьахталлар, сир-сир аайыттан ыытан, симэх арааһын куттаран ылаллар этэ. Тимири-алтаны этэ да барыллыбат. Көр эрэ, ол доруоп сааны, ити чаан олгуйу, бу чаанньыктары.
  2.  Онтон ол мас иһиттэр? — долбуурга толору симиллибит иһиттэри көрөн олорон Анна ыйытта.
  3.  Ити Көстөкүүн хаһаайыстыбата. Кини маска, туоска, кылга үчүгэй. Бу нэһилиэк муҥхатын барытын кини баайар. Оттон бу мин илиим үлэлэрэ, — диэн баран, Балбаара истиэнэҕэ ыйаммыт, наараларга тэлгэммит киһи сөҕүөн курдук кыл сөрүөлэри, дьахтар симэхтээх соннорун, этэрбэстэрин, бэргэһэлэрин эргиччи ыйан кэбистэ. — Мин убайбар эргэ таҕыстаххына, эйиигин бэйэм симиэм.

Анна аҕыйах эрээри оттомноох саҥалаах, сытыары-сымнаҕас майгылаах, хайдах эрэ бэйэтигэр майгынныыр кубаҕай хааннаах, чулбугур сэҥийэлээх, кэмин иннинэ күрэҥсийэн эрэр уһун баттахтаах, биир кэм кыһа уотун сыралыттан кытарбыт чараас халтаһалаах, саһарчы көрбүт, симириҥнээбит сымнаҕас харахтаах, саар тэгил иҥиир-ситии уҥуохтаах, киниттэн сүүрбэччэ сыл аҕа киһини хара маҥнайгыттан ытыктыы көрбүтэ. Кыыс урут бу аатырбыт ууһу хайдах эрэ олох кырдьаҕас киһи буолуо дии саныыра. Онон күөгэйэр күнүгэр сылдьар эр бэрдэ буолбутуттан соһуйбута. Өскөтүн Соппуруон кини илиитин көрдөөтөҕүнэ, биир тыла суох сөбүлэһэргэ бэлэмэ.

Соппуруон кыыс дьылҕата быһаарылларыгар биир эрэ күн хаалбытын эмиэ билэрэ. “Оо, барахсан, олус да эрэйи- муҥу көрөөхтөөбүт. Тугу уһатан-кэҥэтэн, син сөбүлүүр эрээри. Бэйи, аны ити аанньал курдук барахсан миэхэ сөбүлэҥин биэрэр үһү дуо? Ол эрээри бэрт истиҥник төгүрүччү көрөөхтүүр ээ. Арааһа утарбат курдук дии. Чэ, саас да ыраатта, кыыһы да быыһыахха. Ол да иһин бэрт дьикти түүлү көрбүтүм ээ, бука, бу мин күнүм балаҕаным иһигэр сандааран киирбитэ буолуо. Холонон да көрүөххэ,” — диэн, Соппуруон кытаанахтык сананан балаҕанын аанын арыйда. Тугу этиэн булбакка турдаҕына балта:

  1.  Ол да иһин убайым котоку үтүө санааламмыт буолуохтаах диэн бигэ эрэллээх олоробун. Көстөкүүн, чэ, кытаат, нэһилиэккэ киирэн, сэбиэккэ саахсалана охсон кэлиэҕиҥ. Анна, аҕа киһиэхэ миэхэ балыс, убайбар хотун ойох. биһиги балаҕаммыт холумтанын уотун араҥаччылааччы буол, — диэн баран, мас хопполорун арыйталаан, тэрийбитинэн барда.

Анна Михайловна Оруоһуна — Боппойоонобо эрэйдээх- муҥнаах олоҕо бу кыракый балаҕаҥҥа түмүктэммитэ. Кини толору дьоллонон, үс оҕону төрөтөн, улуу удьуордарыгар ытык иэһин төлөөбүтэ. Ол эрээри Анна барахсан сырдык, ыраас олоҕо олус эрдэ быстыбыта. Таптыыр дьонун харахтарын уутунан сууннаран, отут биэс эрэ сааһыгар сэллигин ыарыыта көбөн суорума суолламмыта. Кини олоҕун аргыһа, Боппойоон Уус, кэпсииринэн, инники эдэригэр томмута- хаппыта, аччыктаабыта-быстыбыта таайан кылгас олохтоммута үһү.

Дьокуускай, 2002 с.

Алдьархай адаҕыйыыта

Күһүн. Арҕаа арҕахтаах халлаан анныттан былыттар күрүҥ оҕус күөлэһийэн бороҥ буору бурҕачытарыныы будулуһан тахсан, ийэ халлааны бүрүйэ бүрүүкээтилэр. Сотору ардах өтөр уостубаттык муора быыһылаан, сиккирээбитинэн барда. Үөһэттэн суккуллар уу быыһын сэгэтэн көрдөххө, өтөхсүйэн хаалбыт Дүрбүөннээх алааһын тулаайах балаҕана тулуһабын дуу, суох дуу диэбиттии самнарыйан тураахтыыр.

Дүрбүөннээх өтөҕө. Былыр-былыргыттан бу өтөх туһунан сүрдээх иччилээх үһүйээннэри кэпсииллэрэ. Ол эрээри күн-дьыл ааһан истэҕин аайы ити кэпсээннэр умнуллан, сүтэн испиттэрэ. Манна өр кэмҥэ тыынар тыыннаах үктэммэт буолан, иччитэхсийэн турдаҕына абааһыны- аньыыны итэҕэйбэт саҥа үйэ кэлэн, сайылык иккистээн тиллибитэ. “Кыһылга” кыттыспыты абааһы да, таҥара да тыыппат үһү диэн дьон чахчы аньыырҕаабат буолбуттара, ньир-бааччы олорбуттара. Арай тумустуу анньыллан киирбит тыа саҕатыгар кубарыһа хатан турар чардааттаах киһи уҥуохтара чөҥөрүспүт чуолҕан харахтарынан барытын маныы тураллара дьон сүрүн баттыыра. Ол иһин эбитэ буолуо, алта уонус сыллардаахха оччотооҕу холкуос бэрэссэдээтэлэ Хабырылла Лэкиэһэп — Хаамаайы Хабырыыс диэн киһи, дьон: “Аньыы, алдьархай уйатын аймаама, иэдээни төрөтүөҥ”, — дэспиттэрин истибэккэ, комсомуол оҕолорунан бурайтараары таһаарбыт. Онно эмискэ ыраас халлааҥҥа этиҥ этэн тоҕо барчаламмыт, чаҕылҕан, киһи уҥуохтарын аттыгар үүнэн турбут аарыма тиити үлтү кулаан түһэрэн, дьону былдьыы сыспыт. Ол тиит билигин даҕаны салгыбат манабыл буолан, аргынньахтыы түһэн адаарыйан сытар.

Кэлин дьон хараҕа үөрэнэн куттаммат-толлубат буолбуттара эрээри, тоҕо эрэ ким да тахсан тыыппат, ыспат этэ. Бэл ынах-сүөһү да чугаһаабат курдуга.

Саҥа үйэ үүнэн, үрэллии, ыһыллыы-тоҕуллуу буолуутугар сайылык туох баар саҥа тутууларын көһөрөрүн көһөрөн, уорарын уоран ый-күн ыһыаҕа оҥорбуттара. Арай эргэ балаҕан туһатыттан тахсыбыт буолан тыытыллыбакка хаалбыта.

Чэ, бэйи, устубут хонуктар умнууга хаалан эрэр кэпсээннэрин айылааҕын арыый атын соҕустук айан кэпсээбиппин атыҥырыы санаабат буоллаххына, ааҕаччым, ааҕан да көр. Ардах да астыбат, түүн да уһун. Дьэ, иһит...

*   *   *

Кытара тохтубут кыһыл хаан ортотугар түөрт харахтаах ыас хара ыт тугу эрэ хадьырыйа туран, харахтарын кырыытынан көҥөммүттүү кынчыатыы көрөөт, ырбатын ыһыктан эрэр айа курдук ардай аһыытын килэттэ. Онтон иһин түгэҕиттэн иҥиэттэн үгэхтээхтик ырдьыгынаатын кытта, Мыыр сыҥаһа оронуттан сарылаабытынан балаҕан туой муостатыгар тиэрэ таһылла түстэ. Тыын былдьаһан өрүтэ уһуутуу-уһуутуу, көлөһүн аллыбыт түөһүн имэриммэхтии олордо.

  1.  Туох буоллуҥ? Киһини куттаатыҥ дии, кутум көтө сыста... — орон түгэҕиттэн эдэр дьахтар саҥата иһилиннэ.
  2.  Аргыый саҥар! — Мыыр бэйэтин титирэстээбит куолаһын билбэтэ. — Түүлбэр баттаттым. Биирдэ эмэ киһини уһугуннарыаҥ дуо? Утуйан оҥтордоҕуҥ кытаанаҕын, — төһө да ойоҕун мөҕүтүннэр, кини саҥатыттан балаҕан иһигэр баарын дьэ өйдөөн, уоскуйа быһыытыйда. Туран көмүлүөгэр мас сыыһын быраҕан биэрдэ уонна уотун иннигэр аргынньахтаан олордо.
  3.  Кукаам, туох буоллугут? — уҥа диэкиттэн кырдьаҕас киһи саҥата унаарыйда.
  4.  Утуйуҥ, утуйуҥ, аҕаа, көннөрү баттаттым, — Мыыр, уоскуйан тымтыгынан хамсатын уматта сатыы-сатыы, сибигинэйэ былаан эттэ.
  5.  Былыт истэҕэ дуу? — диэн, оҕонньор ботугуруу- ботугуруу улаҕа диэки хайыһар тыаһа иһилиннэ.

Барыта уоскуйбут курдук буолла. Мыыр түүлүн ырыта сатаан баһын тарбана олордо. Эмискэ муус түннүгүнэн түспүт ый толонун туох эрэ күлүгүрдэн ылаат, элэс гынна. Балаҕаны тула чигдигэ туох эрэ сүүрэн сундулуйар атаҕын тыаһа иһилиннэ. Мыыр чөрбөс гына түстэ. Санаатыгар атах тыаһа кинилэр сытар муннуктарын туһунан кэлэн, иһийэн хаалла. Киһи, кутталыттан титирэстии түһээт, оронугар ыстанна уонна куобах тириитэ суорҕанын анныгар дьылыс гынна. Онуоха кэргэнэ сымнаҕас илиитинэн эпсэри кууһан ылан сылаас түөһүгэр хам тарта, эттээх атахтарынан хардары эрийэн бэйэтигэр сыһыарда. Мыыр сыыйа-баайа уоскуйан, аны ходьоҥ айыыта киирэн, дьикти имэҥнээхтик дьахтарын таптаан барда. Эргэ тахсыаҕыттан үһүс сылын кытараабыт ойоҕо бу түгэни мүччү туппата. Эдэр дьон Дьылҕа тойон тугу бэлэмнээбитин хантан билиэхтэрэй, уохтара харыар диэри уураһан, таалалыы таптаһан, куустуспутунан утуйан хааллылар.

Дьахтар онус ыйын ыарахан сылдьан, күһүөрү, биир күн эмискэ ыарыйда. Ийэлэрэ Далла эмээхсин, уонтан тахсата оҕоломмут киһи, эдэр дьахтар ыарыыта талыы буоларын тута таайда:

  1.  Айылааҕын, күүттэрэн, күүттэрэн, дьэ, кэлээри гынна дуу, хайа сах? Айыыһыт бэйэтэ, арааһа, кэмин аһаран баран аҕалардыы сананнаҕа, — диэн, ынаҕын ыы олорон, дьахтар дөрүн-дөрүн уһуутуурун истэн муннун анныгар киҥинэйдэ. Туран ыаҕыйатын иҥнэрэн ыабыт үүтүттэн хотонун муннугун аайы кыра-кыратык кутуталаата. — Хоноҕор муостааҕым хотонун иччитэ, Ньаадьы Ньаҥха тойон эһэм, оҕо хотуҥҥун абыраа-быыһаа, хомоппуттаах буоллаҕына хоргутума, — диэн баран, ынах сааҕын баллырҕаччы кэһэн, балаҕаҥҥа киирэр аан диэки саллардаата.

Далла дьахтар олорор кэмин аһардаҕына куттала улаатарын билэрэ уонна биир үксүн былыр дьон кэпсииринэн улуу ойуун эрэ төрүүрүгэр кэмин аһарар үгэстээҕин истэрэ, ол иһин олус дьаахханара. Онуоха эбии үнүр киһи киһиэхэ кэпсээбэт түүлүн көрөн, бу күннэргэ кыайан хараҕын да симпэт буолбута. Арай түһээтэҕинэ, кини өбүгэтэ Субуйа Сууһут диэн баара үһү, ол дьахтар илэ бодотунан кэлэн, уот иннигэр дьаҕыллаах сылгы тириитин тэбии турар эбит. Кийиитэ Саары уот аттыгар олорон, тугу этэр эбит диэбиттии, кинини одуулуур. Сууһут сүрдээх иччилээх баҕайытык кэпсээн киҥинэйэн барда: “Тоойуом, кэмиҥ кэллэҕинэ тумулга үүнэн турар аарыма тиит анныгар, бу сөрүөҕэ олороор. Эн оҕо төрүүрүн кэтэһимэ, эйиигиттэн атын төрүөҕэ. Ону кимиэхэ да көрдөрбөккө, бу тириигэ суулаан, эриэн ситиинэн кэлгийэн баран, сэбэргэнэҕэр кистээр. Уһүс күнүгэр оҕолуу ытаатаҕына эрэ ылан киһилии иитээр. Сэрэнээр, сыыһа туттаран иэдээни оҥороойоҕун, куотан хаалыа”, — диэт сүтэн хаалла.

Улуу ойуун иккистээн төрүүрүгэр сиэн уруутугар дьахтар аймахтарын талар сурахтааҕа. Кинилэр уустарыгар Куора курдук улуу ойуун иккистээн төрүөхтээҕэ биллэрэ. “Бу иэдээни, оннук эрэ буолбатын” дии санаан баран, Далла балаҕанын аанын харбаата.

Барык-сарыкка аҕалара оҕонньор, уот иннигэр тымтык тыыра-тыыра, ботугураан ааттаһа олороохтуур эбит:

  1.  Алаһа бараан дьиэм иччитэ, баҕанам төрдүгэр бахтыйбыт Дьиэдэ Бахсыыла кырдьаҕас, аал уотум иччитэ Хатан Тэмиэрийэ тойон эһэкэм, аньыыта-харата суох оҕолоргут муҥнаахтары атаҕастатымаҥ, үтүө хараххытынан көрүҥ, киһи гыныҥ. Ыччатынан кэмчи дьону ытатымаҥ, айар айыыларын арчылааҥ, ааттыыбын, — дии-дии аттыгар сыппыт сылгы сиэлиттэн үс төгүл уотугар быраҕарын кытта, салгыбыттыы сыыгынаан умайа турбут инчэҕэй дүлүҥ сууллан бурал гына түһээт, умуллан күөх буруонан будулуйда. Оҕонньор соһуйан. — Татат, таҥхабыт табыллыбата, — диирин кытта, эмээхсинэ биирдэ аттыгар баар буола түстэ.
  2.  Үрүмэ, күтүр! — диэн, хаһан да үөгүлээбэтэҕин үөһүн таттаран үөгүлээт, оҕонньорун көхсүгэ охсон “күс” гыннарда. — Туох аньыытын тылластыҥ, арбах абааһыа, эн уоскунан көстүбэт күллэ дуу, тугуй? — мөҕүттэ-мөҕүттэ кийиитэ сытар хаппахчытын иһигэр дьылыс гынна.

Оҕонньор тоҕо итинник тылласпытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла, умса нөрүйэн кыырыктыйбыт баһын кырбыы олордо.

  1.  Ийээ, уоскуйуҥ, этэҥҥэ аһарыа ээ, — диэтэ Мыыр, дьахтара төрүүрүгэр анаан ачаах мас кыччайа олорон.

Дьахтар барахсан баттаҕа бүтүннүү бураллан, бычыгынас уу буола тиритэн кулуннуу мөхсө сытара. Эмээхсин киирбитигэр сэргэхсийэ быһыытыйан, уу-хаар баспыт харахтарынан буруйдаммыттыы көрө-көрө сибигинэйдэ:

  1.  Ийээ, эһиги аһара айманымаҥ, этэҥҥэ буолар инибит...

Эмээхсин саҥата суох кийиитин баттаҕын көннөрдө уонна наҕылыйа сатыы-сатыы:

  1.  Кукаам, Иэйиэхситиҥ илэ иэрийбит, кэлэрдии кэлбит, уоскуй, буолары кытта мөккүспэттэр, — диэн баран, сукуҥнаан тахсан барда.

Ити кэнниттэн кийииттэрэ кыайан быыһаммакка, үс түүннээх күнү мэлдьи эрэй бөҕөтүн көрөн, быста-быста салҕанна.

  1.  Оҕонньоор, били, Кучуй уоллуун Кээмпэс кырдьаҕаска бара сылдьыыһыккын. Кырдьаҕас майгыта көммүт сурахтааҕа, абыраа диэн көрдөс, — балаҕан муҥур хотуна, Далла, ити курдук дьаһайаат, хаҥас диэки түбүгүрбүтүнэн барда.

*   *   *

Бу унаар-мунаар көрбүт урааҥхай саха биир бастыҥ ыала Элиэлээх Даллалар буолаллара. Кинилэр ийэлэрин ууһугар удьуордаан туран үтүөкэн хотун дьахталлар үөскүүллэрэ. Ол курдук былыр Субуйа Сууһут диэн сахаҕа төрүөбэтэх чулуу дьахтар олорон ааспыта үһү. Кини сыһыыга сүүрэ сылдьар сылгыны эккирэттэҕинэ, хойуу суһуоҕа биэстээх атыыр кутуругун курдук субуллан иһэр буолара үһү. Ханнык да бэйэлээх сылгыны атахтаах оҥорбот эбит. Ситэн ылан, сиэлигэр хатаастан, түҥнэри тардан түһэрэрэ үһү. Аны күүстээх көлүүр оҕуһа тардар сыарҕатын икки аҥы өрүммүт суһуоҕунан мыаннарыктыы баайан баран, алааһы биир гына эргийэ сүүрэрэ үһү. Бу дьахтар тэҥнээҕин булан эргэ тахсыбакка сылдьан, Куора диэн аатырбыт ойуун киһиэхэ харааччы иирэн, ким даҕаны сөбүлээбэтэҕин үрдүнэн, күүһүнэн кэриэтэ эргэ тахсыбытыттан дьон хомойо санаабыттара.

Куора хайа да өттүнэн Сууһукка сөбө суох курдуга. Намыһах ньаачайбыт уҥуохтааҕа, чаан олгуйун курдук лэҥкэйбит бастааҕа, уҥуоҕар сөбө суох уһун илиилээҕэ, мара дьүһүнүн ааһан сүрдээх дьэбир майгылааҕа эбитэ үһү. Дьон сиэмэх ойуун диэн куттанан ырааҕынан тумналлара. Сөбүлээбит дьахтарын хомуһунунан сүгүн утуйбат буолуор диэри буулаан туран сордуура. Ол иһин ыаллар кыыс оҕолорун кини хараҕар көрдөрбөттөрө. Сууһуту эмиэ оннук абылаатаҕа диэн сибигинэһэн кэпсэтэллэр эбит. Ол эрээри Сууһуттаах Куора элбэх оҕолонон, байан-тайан саха тэҥнэспэт саргыламмыттара.

Куора ойуун өлбүтүгэр Сууһут аһыйан ый ытыытын ытаан, алыс айманан харайбыта үһү. Онуоха дьон сүөргүлээбитигэр: “Эһиги Куораны абааһы курдук кырыы хараххытынан кынчарыйа көрөргүт, дьэ, ол кэпкит кэлэрэ буолуо. Куора кырдьаҕас бу дойдуттан кыайан айаннаабата. Онон эһиги хара санааҕыт кини муунтуйбут кутун бобо харбаабытынан мин удьуорбар дьиҥнээх сиэмэх ойуун буолан иккистээн күөрэйиэ. Ону эһиги бэйэлээхтэр уйаргыт саарбах”, — диэн ынырык тыллары тылласпыта үһү.

Чахчыта да, Куора ойуун бастакы олоҕор кими даҕаны кыраан-таныйан, аньыы-хара оҥостубута суохха дылыта. Арай бэйэтигэр тэҥэ суох чулуу дьахтары ойох ылан дьон да, айыылар да ордук санааһыннарыгар киирбитэ эбитэ буолуо.

Куора ойуун анараа аттанарыгар дьонугар-сэргэтигэр: “Мин Орто дойдуттан аттанар кэммэр күүстээх силлиэ түстэҕинэ олохтоох дойдубар айанныам, онтон кыайан айаннаабатахпына, хаан урууларбар эрэй эҥээрдэнэн эргиллиэм”, — диэн сэрэппитэ үһү.

Чахчы Куора ойуун кута Орто дойдуттан арахсыбатаҕа дииллэр. Ол кэмтэн бэттэх бу удьуорга Куора иккистээн төрүүрүн хас көлүөнэ дьахтар төрөөтөҕүн аайы куттана кэтэһэр буолбуттара. Ыарахан дьахтарга сыһыан тосту уларыйбыта, талбыттарынан таралыта атаахтаталлара. Тыый, Куора төрөөтөҕүнэ, кынчарыйбыт киһини ирдээн туран эһиэ турдаҕа. Ол да иһин бу удьуорга дьахтар таҥара кэриэтэ муҥур хотун буолбута.

Далла — Куоралаах Сууһут орто кыыстарын төрдүс көлүөнэ сиэн кыыһа этэ. Уон алта сааһын туолаатын кытта, ыаллыы, Дүрбүөннээх алааһыгар олохтоох Чалыат ууһун баайын Элиэлээх Элгимэ Дуурай диэн үтүө ыччатыгар эргэ биэрбиттэрэ.

Икки кыахтаах ыал ыччаттара сотору туспа ыал буолан, Дүрбүөннээх хонноҕор буруо таһааран, байан-тайан олорбуттара. Далла уонтан тахсата оҕоломмутуттан биир эрэ уолу тутан хаалбыта.

Күҥҥэ көрбүт оҕолоро Мыыр — дьахтар курдук кэрэ сэбэрэлээх, дьулугур уҥуохтаах, наҕыл туттуулаах, киһи көрө- көрө таптыах оҕото буола улааппыта. Уон тоҕуһун туолуута хаан уларытаары Дьааҥы диэкиттэн Байаҕы ууһуттан Саары диэн олус кэрэ кыыһы сүгүннэрэн аҕалан, ийэлээх аҕатын кытта ыал буолан олорбуттара. Саары үс сылы мэлдьи кэтэһиннэрэн баран, дьэ, ыарахан буолан, үрдүнэн үрүҥ чыычаах көппөт буолан сылдьара. Барыта этэҥҥэ курдуга...

*   *   *

Кээмпэс ойуун балаҕан халҕанын тэлэйэ тардаат, муустаах ууну испит сылгы курдук өрө титирэстии түстэ да, төттөрү ыстанна. Дуурай төһө да этэ атыйдар, кырдьаҕаһы кэнниттэн батыста. Тахсыбыта, кырдьаҕаһа тиэргэн ортотугар үөлүллүбүт сордоҥ курдук өрө таһынньахтыы-таһынньахтыы, хара буорга күөлэһийэ сылдьар эбит. Күрэҥсийбит баттаҕа бураллан, эбирдээх сирэйэ ханньары тардыллан хаппыт тирии курдук сөрүөстүбүт, аҥаар эргэлээх хараҕын өҥүргэһинэн көрөн, айаҕыттан күүгэн алла-алла бабыгырыы сытар эбит.

  1.  Чот, чот... антах кэбэлий... абытайбыын... сиэтээ... — мустубут дьон куттанан, ол-бу кэннигэр түстүлэр.

Дуурай ампаарыгар дьөгдьөрүйэн киирээт, утаакы буолбакка маҥан сылгы тириитин соһон таһааран кырдьаҕаһы саба бырахта. Ойуун балачча уоскуйбуттуу налыйан сытта, онтон олох атын киһи сөҥ куолаһынан сүр иччилээхтик кутуран киирэн барда:

  1.  Буйа-буйа-буйакабын ньии... Хааннаах хара тэҥсикпин хайа тэбэн тахсаммын, Орто дойду олоҕун хаардыы кэһэр кэмим кэллэҕиэн, айыы сирин арҕара хаамар аналлаах күнүм адаҕыйдаҕыан... — диирин кытта, саһан сыппыт дьон: “Куора, Куора”, — диэн, сарылаһа-сарылаһа балаҕаннарын, хотоннорун диэки ыстаннылар. Кээмпэс ойуун үрүллүбүт хабах курдук кытара үллэн тахсаат, биирдэ өрө үҥнэрин кытта, балаҕан иһигэр дьахтар өлөр хаһыыта өрө сарылыы түстэ уонна тута ньим барда, ону кытта тэҥҥэ Кээмпэс ойуун:
  2.  Тутуоҥ, тутуҥ, мүччү эрэ ыытымаҥ... — диэн үөгүлүү- үөгүлүү, сири хоруйан балаҕан диэки сыыллан иһэн, өйүн сүтэрэн налыс гынна.
  3.  һуук...тэһэҕэс ытыс мүччү туттуом! — диэн кылана түһээт, Далла уһуутуу-уһуутуу тугу эрэ эккирэтэн олох мастары, үөт түрэҕи түҥнэритэ көтөр тыаһа балаҕан иһигэр туох эрэ алдьархай буолан эрэрин биллэрдэ. Дуурай дьонуҥ быыһаары балаҕан аанын тэлэйэ баттыырын кытта эмээхсин үөһүн таттаран үөгүлүү түстэ:
  4.  Ааны тоҕо тэлэйдигит? Куоттыы, саба тарт! — саҥатын дорҕооно сүтэ илигинэ, оҕонньор саба ахчайан турбут атаҕын икки ардынан суорга майгынныыр хара мөкөчөк сулбу ойон тахсаат, даллаахтыы-даллаахтыы хара тыа диэки дайан иһэн сүттэ. Оҕонньор сыыһа харбаан икки ытыһын таһынан хаалла.
  5.  Сорбуун... — Далла балаҕанын холумтаныгар умса түһэн ынчыктыыр дуу, ытыыр дуу икки ардынан бөтүөхтүү сытта.

Бу аймалҕан кэнниттэн күнү быһа силбиктээх ардах түстэ. Элиэлээх Даллаларга Куора ойуун иккистээн төрөөбүтүн туһунан ынырык сурах, өрт уотунааҕар дөбөҥнүк өрө күөдьүйэн, сири-сибиири биир гына тилийэ көтө оҕуста.

Дьон абааһы ойууна төрөөбүт “дьааһык киэһэлэрэ” үүннүлэр диэн халлаан хараҥардар эрэ таһырдьа быкпат буоллулар. Абааһылара истиэхтэрэ диэн сибигинэһэн эрэ кэпсэтэр эрэйин көрдүлэр. Даллаларга ким да үктэммэтэ. Бэл алаастарын тумнар буоллулар.

Абааһы ойууна төрүөн инниттэн кулут ыта Орто дойдуга быгыалыыр буолар эбит. Бу улуу дьаалы кыыла илэ-бааччы өлүү бэриэччитэ буоларын саха дьоно барахсаттар билбэт буолуохтара дуо? Кыыл иччитин куһаҕаннык санаабыт дьону ирдээн туран сиирэ, урууну уруунан имири эһэрэ үһү диэн былыргы кырдьаҕастар кэпсиир буолаллара. Алыс иччитин истибэт буоллаҕына ойуун бэйэтэ тутан ылан, дойду иччитигэр илдьэн, тимир томторук кэтэттэрэр эбит, оччоҕо арыый уоскуйар, обото уҕарыыр. Саҥа төрөөбүт ойуун абааһыта Орто дойдуга амырыыннаах сырыытын саҕалыырыгар айыы ытын сүрэхтээх мэйиитин сиэн илэ бодотун ылынар эбит. Итинник кэпсээннэри истэ-истэ хайа киһи куттаммат буолуой.

Симириҥнии умайа турар хараҥа балаҕан аана хаачыр гына аһылларын кытта, Дуурайдаах үлэһиттэрэ, Кучуй ибили сытыйбыт даба ырбаахытын уста-уста киирэн кэллэ. Уот иннигэр аргынньахтаан олорор дьиэлээх оҕонньорго сибигинэйэ былаан эттэ:

  1.  Кээмпэс кырдьаҕас уута кэһиллэн ардаҕырҕаан сытар. Бэттэх кэлиэх курдук. Ардах аһыннар эрэ уолгун илдьэ барыаҥ үһү. Саары бүгүн хайдаҕый?
  2.  Бүгүн эрэ, бэҕэһээ эрэ, күнү да билбэт буоллубут. Быһыыта, бөлүүн балачча утуйда быһыылаах. Кырдьаҕас бэттэх кэлбит буоллаҕына, кини да аматыйаа ини? Хайа абааһы күнүүтүгэр түбэстибит буолла. Уол саакка киирдим диэн таһырдьа быгыан да баҕарбат, дьэ аньыы баҕадьы... Олорбуппут сыччах... — оҕонньор өлбөөдүйбүт харахтарынан уотун одуулуу олордо.
  3.  Хотунум Күрдьүгэһи туттуохпут диир, ону туттара ыыттым, — Кучуй уол диэн ааттыыр саас ортолоох, бөдөҥ-садаҥ, турбут-олорбут киһилэрэ тойонун санаатын аралдьытаары кэпсии-ипсии олордо.

Кучуй удьуордара былыргыттан Элиэлээхтэр хамначчыттара да буоллаллар, син дьиэ кэргэн дьонун курдуктара. Кини оҕо эрдэҕиттэн бу балаҕаҥҥа баай ыал оҕотун курдук мааныланан улааппыта. Мыыры кини оҕолообут, биэбэйдээбит буолан адьас оҕотун курдук саныыра. Бэйэтэ даҕаны үтүө майгылаах, барыны бары сатыыр, кыайар буолан оҕон- ньордоох эмээхсин улахан уолларын курдук буолбута. Атын хамначчыттары бэйэтэ билэринэн дьаһайан үлэлэтэрэ. Онон Кучуйа суох Даллалар илиилэрэ-атахтара баайыллара. Дүрбүөннээҕи кытта сэргэ турар Быыс алааска кыра балаҕан туттан, ийэлээх аҕатын кытта быр-бааччы олороллоро. Түөрт сыллааҕыта ойоҕо эмискэ өлөн огдообо хаалбыта, арай аһыытын икки кэргэниттэн хаалбыт игирэ кыргыттара мүлүрүтэллэрэ.

Кучуй туран, наара ороҥҥо сылгы тириитин бүрүнэн түҥнэри хайыһан сытар Мыыры санныттан тардыалаата. Онуоха киһитэ сөбүлээбэтэхтии илгиэлэннэ:

  1.  Тоойуом, Мыыр, аралдьыйа таарыйа миигин кытта дүөдэ кэрийсэ барсыбаккын ээ? Кус оҕолоро дайар буолбут- тар...
  2.  Барбаппын, ийэм ханна да быгыма, араас буолуон сөп диэбитэ, — диэн Мыыр буугунаан кэбистэ.

Мыыр соҕотох оҕо буолан олус атаахтык иитиллибитэ. Ол да иһин буолуо, куттас, хоргус, кыра оҕо курдук майгыта арахсан биэрэ илигэ. Кучуй даҕаны, төрөппүттэрэ даҕаны ону сирбэт этилэр, куруук оҕо курдук таптыы эрэ сылдьар идэлээхтэрэ.

  1.  Чахчы оннук, эмээхсин сөпкө сэрэтэр, — Дуурай тарбаҕынан Кучуйу ыҥырда уонна кулгааҕар. — Куора төрөөбүт буоллаҕына аҕалаах ийэтин сүгүннүө суоҕа, аһайан туран буулуур эрэ хайа сах... Туох да диэбит иһин айбыттар кинилэр буоллахтара дии.
  2.  Оо, оннук эрэ буолбатын. Киһи түүлүгэр да баттаппатах алдьархайа. Кээмпэс кырдьаҕас түүнү быһа Куораны кытта охсуһан хоммут үһү, күнүһүн эрэ киһитийбит. Саатар бу ардах хаһан астар, — Кучуй, барытыгар ардах буруйдааҕын курдук мөҕүттэ-мөҕүттэ, сукуччу туттан тахсан барда.

Кучуй ардах уутун чаллырҕаччы кэһэн, балаҕанын диэки кудуччу хааман истэҕинэ, моойторуктаах хара ыта ыйылыы- ыйылыы кэлэн атаҕар эриллэ түспүтүттэн иҥнэн умса баран түстэ. Үөхсэ-үөхсэ туран, ытын маһынан быраҕан кыыратта. Ыт “ньаах”дии түһээт, хараҥаҕа аҕыйахта ойуолаан хаалла. Сотору соҕус иннин диэки ыта сүр ынырыктык үрэн бардырҕаат, өлөр ыйылааһынын ыйылаата. Кучуй ону истээт, тохтуу түстэ, көлөһүн-балаһын алынна, тугу да гыныан булбакка биир сиргэ тэпсэҥнээтэ, онтон баар-суох бастыҥ булчут ытын саныы биэрэн:

  1.  Хоҥор, Хоҥор, — диэн, ыҥыра-ыҥыра ыт ыйылаабыт сирин диэки сүүрдэ.

Ол сүүрэн иһэн туох эрэ бөскөйө сытарыттан иҥнэн, эмиэ умса туруйалаата эрээри охтубата. Тура эккирээн сүүрүөх курдук гынан иһэн эргиллэн көрбүтэ, кини Хоҥорун маҥан моойторуга кылбайа сытар эбит. Итэҕэйбэтэхтии сэрэнэн, чугаһаан иһэн көрө түспүтэ, ытын быһа тардыллыбыт баһын оннуттан хаан өрө тыга сытар эбит. Кучуй иирбит киһилии сарылыы түһээт, балаҕанын диэки тэбиннэ. Санаатыгар кэнниттэн туох эрэ аҕылыы-аҕылыы, тилэх баттаһа сырсан иһэргэ дылыта. Эмискэ ким эрэ кэтит түөһүгэр кэтиллэ түстэ. Киһи мүччү көтөөрү өрө булумахтана сылдьан, муус-маҥан арбайбыт баттахтаах Кээмпэс ойуун буоларын билэн тохтуу түстэ:

  1.  И-иһэр, си-сиир буолла, — диэн баллыгыраата.
  2.  Оргууй. Айдаарыма. Истиэҕэ, — кырдьаҕас маҥан сылгы кутуругунан тугу эрэ үүрэрдии сапсына-сапсына, Кучуйу кэннигэр саһыара аста. Тохтоон иһиллээтэ. Онтон оргууй кулгааҕар сибигинэйэн ыйытта. — Ыт мэйиилээх сүрэҕин сиэбит дуо? Силигэ ситэрэ, таҥхата туолара кэлбит, аны туттарара да саарбах. Арай айыытын ааттаспыт киһи кыаҕырыан иннинэ хараҕалаан кэбиһиллиэ этэ. Онтон антах хайа абааһы буолар... Манан мээнэ тиэстибэт буол, бу Куора аартыга, кытаат, ыт атах буоллаҕыҥ дии балаҕаҥҥар тэбин, —диэн баран, Кучуйу бэйэтиттэн тэйитэ аста.

Биирдэһэ арахсымаары тардыаласта. Онтон өйдөөн көрбүтэ, кырдьаҕаһа суох буола охсон хаалбыт. Кучуй буута быстарынан балаҕаныгар тэбиннэ.

Сарсыҥҥы күнүгэр Элиэлээхтэр чугас ыаллара, түөһэйэ барбыт Малаар кырдьаҕас, хотонун кэннигэр ииктии турбут. Арай туох эрэ бөскөйө сытарын көрөн, сыалдьатын да тардыммакка, онно бакаалаата. Оҕонньор уу мустубут аппатыттан ибили сытыйбыт ыт өлүгүн хостоон таһаарбыт уонна бултуйбут саҕа сананан кыра оҕолуу үөрэн ытыһын таһына турбут.

Ол кэмҥэ саах күрдьээччи уоллара атах сыгынньах дыраҥнаан кэлэн:

  1.  Хайа, оҕонньоор, тугу булан үөрэ тураахтыыгын? — диэн ыйытта, итиэннэ оҕонньор булумньутун көрөөт, чинэрис гына түстэ да, төттөрү ыстанна.

Оҕонньор этэрбэһин оһуттан кыыннаах быһаҕын таһааран, булуутун сүлэн киирэн барда. Ыт кэтэх уҥуоҕа хайа ыстаммытын, мэйиитэ сүүрбүтүн оҕотугар түспүт барахсан хантан өйдөөн көрүөй? Сотору били уол дьону батыһыннаран саба сырсан кэллилэр. Оҕонньор булдун көҥөммүт адьырҕа курдук быһаҕын өрө туппутунан ыты бүөлүү бахчаччы тэбинэн туран:

  1.  Мин туһахпар иҥнибит булпун былдьаары өрө салаһа тураҕыт дуо, киэр буолуҥ! Миэнэ. Баай хара тыам күндүтэ, биэриэм эрэ суоҕа, — диэтэ.
  2.  Тыый, бу оҕонньор иирбит буолбаат... Суолдьутуҥ муҥнааҕы бултуу сылдьаҕын дуо ол?
  3.  Тугу тыллаһаҕын, нокоо? — диэн баран, оҕонньор “булдун” диэки кылап гына көрөн ылла. Онтон быһаҕын мүччү ыһыктаат, мэрбэҥнии-мэрбэҥнии ытаан киирэн барда. Дьон киниэхэ эрэ кыһаммакка бары ыт үрдүгэр түстүлэр.

Илэ барбыт ойуун абааһыта үксүн төрүөххэ охсуулаах буолар диэн аарыма кырдьаҕастар, сээркээн сэһэнньиттэр сэһэргиир буолаллара. Ол курдук сотору кэминэн хас да ыалга илэ илиэһэй чиччик оҕолор, итэҕэс ньирэйдэр, кулуннар төрөөбүт сурахтара сир аннынан иһиллэр буолан бардылар. Хат дьахтар хааччаҕа элбээтэ: “Итини сиэмэ, маны тутума", — диэн хас хардыытын аахтарар буоллулар.

*   *   *

Ыт мунна баппат ыркый ойуур иһигэр балачча кэҥэс ырааһыйаҕа сиҥнээри гыммыт кыра балаҕан оҕото сүрэҕэлдьээбиттии бөтө-бөтө харанан буруолуу турара. Тэлгэһэҕэ хара маҥаас ынах кэбинэн энньэҥнэтэ сытан, балаҕан аана хаачыр гына аһыллыбытыгар тура эккирээтэ. Көрүөхтэн сүрдээх сэбэрэлээх эмээхсин тайахха тэптэрэн арыычча атыллаан тахсан кэллэ. Үйэтигэр тараах диэни билбэтэх саһарымтыйа маҥхайбыт баттаҕа сирэй-харах баарын биллэрбэт гына саба арбайбыт. Абааһы кыыһа диэн баар эбит буоллаҕына — чахчы маннык эрэ көрүҥнээх буолуон сөп. Уоспа быһыта сиэбит сирэйигэр уҥуохтара эрэ килбэһэн көстөллөр. Арай муус курдук турулуччу көрбүт соҕотох өлүөр хараҕа тымныы чүөмпэ курдук бүлтэҥниир.

Эмээхсин уҥуох илиитинэн чарапчыланан арҕаалаан эрэр күнү көрдө уонна балаҕанын аанын тэлэччи аста. Онуоха ынаҕа тиэтэйбиттии балаҕан иһигэр дьылыс гынан хаалла. Эмээхсин ону көрөн ынаҕын таптаатаҕа аатыран уоһа да, тииһэ да суох айаҕын амаҥнатта, онуоха хабарҕатыттан туох эрэ куоласка майгынныыр кээҕиргээтэ.

Бу — өтөх иччитэ буолбатах, хаһааҥҥыта эрэ дьонноох- сэргэлээх, киһи-киһи курдук айыы оҕото этэ. Ол эрээри дьылҕа хаан талбытынан дьон олоҕун үөһэ-таҥнары тутарын курдук кини олоҕун аҕыйах күнүнэн умса тэпсибитэ.

Дүрбүөннээх алааһыттан хоту диэки бардахха, Бааллаах диэн үтүөкэннээх күөллээх алааска Куулат аҕатын ууһун дьоно хас да ыал буолан тус-туһунан кыстык балаҕаннанан олороллоро.

Биир саас сайылыкка көһүөх иннинэ алаас ыалыгар үөрүү бөҕөтө буолбута. Хайа да диэкиттэн кэлбитэ биллибэт олоҥхоһут баар буолбута. Ол киэһэтигэр олоҥхоһут алаас дьонун барытын мунньан, дьоро киэһэ тэрийэн түүн ортотугар диэри олоҥхолообута. Арай Чааҕа диэн отоһут эмээхсин сиэнин илдьэ түүҥҥү от хомуйа Хаастаах хайатыгар айаннаабыт буолан суохтара.

Сарсыҥҥы күнүгэр олоҥхоһуттара кыайан саҥарбат да, турбат да гына ыалдьан уһугунна. Дьон дьаҥнаатаҕа диэн ким тугу сатыырынан эмтии-томтуу сатаатылар. Киэһэлик киһилэрэ этэ-тириитэ бүтүннүү онон-манан кытаран таҕыста. Түүнүн утуйбата, быһа үлүгүнэйэ мээрик буолла. Көнтөс диэн бу аҕа ууһун аарыма кырдьаҕас ойуунун ыҥыттардылар. Кырдьаҕас ортолуу кыыран иһэн эттэ:

  1.  Хоту Муустаах байҕалтан Эбэ өлүүтүн абааһыта буулаабыт. Мин ону кытта харсан көрөргө сананным. Чэ, тэрийэ охсуҥ. Симмит биир, киирсэн баран хаалыаҕыҥ. Харсар кэммэр ким да быгыалаабатын, иэдээн буолуо, — диэн баран, кырдьаҕас ойуун кыыран киирэн барбыт.

Ортолуу кыыран иһэн, түөрт атах буолан, атыыр оҕус курдук мөҥүрүү-мөҥүрүү аан модьоҕотун төрдүнэн балаҕан буорун хаһан барбыт. Онтон хантайан туран үстэ айаатаабыт. Онуоха икки чабырҕайыттан икки хаан өлбөх муостара үүнэн тахсыбыттар. Кырдьаҕас онон модьоҕо буорун логлорута олуйан тахсар хайаҕас хаспыт уонна тэлгэһэҕэ тахсан хаста да айаатаабыт. Онуоха хоту диэкиттэн тымныынан айаатаабытынан хара күрүҥ оҕус тиийэн кэлбит.

Дьон куттанан саһар аатыгар түспүттэр. Икки оҕус үс түүннээх күнү мэлдьи харсыбыттар. Үһүс күн бүтүүтүгэр Балта диэн халы-мааргы уол хотон түннүгүнэн уоран көрөөрү баһын быктарбыт. Көнтөс ойуун кини диэки кынчыатаабыт. Ол кэмҥэ Эбэ абааһытын оҕуһа Көнтөс ойуун хорук тымырын быһа анньан кэбиспит да, айыы оҕуһа сүр тыастаахтык күр гына сууллан түспүт. Ойуун сонно тута өлөн хаалбыт.

Төрдүс күнүгэр ыарыһах кытарбыт сирдэринэн хабах курдук үллэн тахса-тахса тэһитэ бардаҕын аайы ириҥэ уһунна. Олоҥхоһут муҥнаах ыарыытыттан өйүн сүтэрэ-сүтэрэ өйдөннө. Киһи аймах барыта өлөрдүү куттанар уоспа ыарыыта кэнэн саха дьонун буулаабытын оччотооҕу барахсаттар хантан билиэхтэрэ баарай? Чааҕа кэлэригэр тиийэрэ буоллар, эмээхсин быыһыа этэ дэһии буолла. Сотору кини сытар балаҕаныгар киһи тулуйбат ынырык сыта тунуйда. Үгүстэр сиргэнэн ол ыалга сылдьыбат буоллулар.

Аны бу ыал икки оҕото тэҥинэн ыарыйдылар. Ол кэнниттэн иккис ыал оҕолоро оҕуннулар. Дьон онно эрэ куһаҕан ыарыы булбутун сэрэйэн, аймалҕан бөҕөтө буоллулар.

Чааҕа отоһут биир күн алааһыгар эргиллэн кэлэн баран, алдьархай буолбутун тута таайда. Туспа турар кыстык угун саҕа балаҕаныгар киирээт, суос-соҕотох сиэнин ханна да быкпат гына хаппахчытыгар олуурдаан кэбистэ уонна сирэйин-хараҕын тууна баанан баран таһырдьа таҕыста. Дьон Чааҕа сэрэхэдийбититтэн илэ иэдээн буолбутун таайдылар. Кини курдук улуу отоһут дьоллоох аҕа ууһугар үйэҕэ биирдэ төрөөн ааһар. Онон битэ-билгэтэ хайа да ойууннааҕар ордук күүстээх буолара. Дьон куттанан саа тэбэр сиринэн отоһуту төбүрүөннүү турунан кэбистилэр уонна туох буолбутун ытыы-ытыы кэпсээтилэр.

  1.  Айаннаабыт дьону уоттуу охсуҥ. Түннүгү-үөлэһи барытын бүөлээҥ. Кими да чугаһатымаҥ, — диэн, Чааҕа дьаһайда уонна көмөлөһөр кыаҕа суоҕуттан хараастан, икки иэдэһинэн хараҕын уута саккырыы турбута.

Сотору кэминэн Бааллаах ыаллара бары эстибиттэрэ. Арай Чааҕа сиэн кыыһынаан эрэ хаалбыттара. Отоһут атын дьону сутуйбатын диэн туох баар алаас ыалын балаҕанын, малын-салын уоттаан баран, ким да булан тиийбэт сиригэр күрэммитэ. Бааллаахха дьон сылдьыбатын, сылгы-сүөһү тэпсибэтин диэн үс бүтэй күрүөнэн күрүөлээн ким да, туох да сылдьыбат оҥорбуттара. Бу ынырык ыарыыттан ама ким саллыбат буолуой, абааһыта истиэ диэн аатын да ааттаабат этилэр, көннөрү “Эбэ” дииллэрэ. Онон Бааллаахха чугаһыахтааҕар аатын да ааттыахтарын куттанар буолбуттара.

Чааҕа бадарааннаах улуу маардары туораан, быстыбат сис тыалары уҥуордаталаан, ыркый ойуур иһигэр арыыланан турар ырааһыйаны булан сатыырынан балаҕан туттан, сиэтэн барбыт ынаҕар сыһыыга төрөөн хаалбыт ньирэйи булан ханыылаан ким да булбатын курдук олорбута. Кини дьонтон саһара төрүөттээх этэ. Улуу отоһут төһө да сиэнин харыстаатар, оҕо уоспаҕа сыстыбыт этэ. Дьэ, ол иһин, дьону да сутуйумаары, сиэнин да быыһаары кый ыраах кыйдаммыта. Кини бу ынырык ыарыыны хайдах кыайбытын айбыт таҥара бэйэтэ эрэ билэрэ уонна ол кистэлэҥин бэйэтин кытта илдьэ барбыта. Отоһут идэтин сиэн кыыһыгар иҥэрбитэ. Ол бэйэлээх үтүө идэлээх сиэн кыыһа бу арбах абааһы курдук буолан олороохтоотоҕо. Хаһан эрэ эбэтин кытта амыдайдыы Чаар диэн ааттааҕа да, онтун да умнубут курдуга.

Сиэн Чааҕа муҥнаах төһөнөн уһуннук олорор даҕаны, дьону абааһы көрөрө улаатан иһэрэ. Кини ыарыы быһа сиэбит этигэр соҕотохсуйуу муҥун көрбүт өһөх уота өс- саас буолан саһан сытара. Ыырыттан быкпатах буолан киһи хайдах дьүһүннээҕин да умнубут курдуга. Иккитэ-үстэ дьоҥҥо чугаһаары бара сылдьыбыта эрээри, бастакытыгар дьон саҥатын истээт, кыыл курдук тыаҕа түспүтэ. Иккиһигэр ынах хомуйа сылдьар дьахталлар кинини көрөөт, илэ абааһыны көбүт курдук сарылаһа-сарылаһа куоппуттара. Бүтэһигэр оттуу сылдьар дьоҥҥо чугаһаабытыгар, отчуттар туох түбэспитин харбаан ылан үүрэрдии эккирэппиттэрэ. Кини арыычча тыаҕа түһэн тыыннаах хаалбыта. Бэйэтин ыырыгар төннөн кэлэн, хас эмэ түүннээх күн иирбит курдук ытаабыта-соҥообута. Ким ону билиэй, истиэй? Арай чуумпу тайҕата кинини уоскутан иһийэн тубута. Онтон ыла дьоҥҥо тардыһыыта уоттуун умуллубута. Ол оннугар хомолто өһө- сааһа күн-түүн улаатан испитэ. Кэлин, төттөрүтүн, аны ким эмэ кэлэн уу долгураҥ олохпун аймыа диэн куттанан, ханна сылдьарын тухары суолун саһыарар идэлэммитэ.

Күһүҥҥү халлаан суһуктуйуута Чааҕа уотун иннигэр тымтык тыыра олорбута, таһырдьа ынах үргэн орулуу- орулуу сүүрэн тибигириирин кытта күкүргэ бааллан турбут торбуйах өрө мөхсө түстэ. Эмээхсин кыыл кэллэ быһыылаах диэн чаачар саатын үрдүгэр түстэ. Нэһиилэ бакыҥнаан хаамара кыл түгэнэ ханна да суох буолла. Кыылга үөмэр тыһы бөрө курдук сылбырҕатык үөмэн тиийэн, халҕанын сэгэттэ. Чыпчылыйбакка көрөр муус хараҕа дьүккэтиттэн тахсыах курдук бүлтэҥнээтилэр. Кулгаахтара туох да тыаһы мүччү аһарыа суох айылаах чуҥнаатылар.

Эмискэ көмүлүөк үөлэһинэн хатан үлүгэрдик суор хоохтоото. Чааҕа дьулайбата, чахчыта да хоодуот булчут буолан, баччаҕа диэри бу түҥ тайҕаҕа тыыннаах олордоҕо. Чаачарын туппутунан балаҕантан таҕыста. Сытыы хараҕынан кыра хара күлүк барыҥнаан ааспытын көрө оҕуста. Түүҥҥү көтөр эбит диэн уоскуйа быһыытыйда. Арай ол туран көрдөҕүнэ, тиэргэн ортотугар батары саайыллыбыт маска саҥа көппүт суор оҕото сохсоллон олорор эбит. Эмээхсин соһуйбата. Өтөрдөөҕүттэн күүппүт ыалдьыта кэлбитинии үөрэн, куолайын түгэҕэр саҥа туома кулдьугураата. Чугаһаан кэлэн маҕаас суор оҕотун чинчилиирдии одууласта. Оттон саба харбаан ылан, тырыттыбыт таҥаһын туомугар суулаан балаҕаныгар киллэрдэ. Чааҕа эмээхсин тэлгэнэ сыппыт сылгы тириитэ сөрүөтүн ньылбы тардан суор оҕотун хамсаабат гына хам суулаата, ынаҕын кыаһытын сулбу таһыйан ылан хамса быатын курдук чороччу эрийээт, түргэн үлүгэрдик сэбэргэнэтигэр аста. Үлэтин бүтэрбит киһи быһыытынан соруктаах аҕайдык утуйардыы оннун оностон сытынан кэбистэ.

Ити курдук дьонтон күрэммит дуу, үүрүллүбүт дуу түүҥҥү олох иччилэрэ, тулаайах дууһалар бэйэ-бэйэлэрин ахтыспыттыы булсубуттара.

Ол эрээри Чааҕа утуйан быстыбата. Хаһан эрэ көрбүөччү эбэтэ билгэлээбит билгэтэ бүгүн үүммүтүн итэҕэйбэккэ сытта. Бу түгэни кини төһөлөөх өр күүппүтэ буолуой? Аны кини, Чааҕа, соҕотох буолбатах, аны кини кимҥэ да биэрбэтэх сүрэҕин аһыытын Улуутуйар Улуу Тойон Суор Суорун уолугар аныа. Хас күн соҕотохсуйуу, атаҕастаныы муҥун көрбүтүн хара кырыыс оҥорон ити сытааччыга иҥэрэн, икки атахтаахтан сир сиҥниэ да буоллар ситиһиэ. Кини ыытар ыта, тэбэр мохсоҕоло өс-саас ситиһээччитэ үс күнүнэн хараҕын аһыа. Оччоҕо хара хапсык Орто дойдуга илэ бэйэтинэн эргиллиэ. Оо, Улуу Суорун тойон аҕам, махтал, махтал...

Эмээхсин тулуйан сытарыттан ааһан ойон турда уонна илэ-бааччы абааһы кыыһын илбиһирбит битиитинэн көмүлүөгүн тула эккирии сырытта.

*   *   *

Дуурай оҕонньор уолунаан, Мыырдыын, Кээмпэс ойуун тэлгэһэтигэр киирээт, куттара тилэхтэригэр түстэ. Күн тахсар сирин диэки көтөөрү олорор хотой кыыллаах Аар баҕах сэргэ атыҥыраабыттыы ачыаһыран турарыгар харахтара хатанна. Багдайбыт улахан балаҕан хаҥас өттүгэр кыыллаах сэлэлэр анньыллыбыттар. Киирэр аан үрдүгэр хаппыт куоҕас тириитэ хам хараҕаламмыт. Кулун тириитинэн бүрүллүбүт ыарахан халҕаны арыйан, биирдэ иһирдьэ баар буоллулар.

Киирээттэрин кытта кырдьаҕас ойуун дьаардаах сыта муннуларыгар саба биэрдэ. Күнүһэ-түүнэ биллибэт хараҥа балаҕан киһи кутун баттыах им-балайынан көрүстэ. Барык-сарыкка киһи көхсүн этиппитигэр иэннэрэ кэдэҥнээн ылла уонна биллэрик орон диэки тэҥҥэ эргиллэ түстүлэр. Харахтара хараҥаҕа үөрэнэн, өйдөөн-дьүүллээн көрбүттэрэ, аарыма, арбах бастаах атыыр ойуун кэтэх тардыстан бу сытар эбит.

  1.  Кырдьаҕаас, бу — биһиги кэллибит, — диэн, Дуурай муҥнаах кэлэн баран хайыай, нэһиилэ ыган таһаарда.

Кырдьаҕастара утуйа да сытара, уһуктаҕас да сытара биллибэт. Биир кэм хараҕын быһа симэн сытар, тугу да хардарбат. Хаҥас диэки хотон аана хаачыр гынна. Сайыҥҥылыы таҥастаах ньыламан маҥан ньуурдаах, орто саастаах дьахтар тахсан кэллэ. Сүр эйэҕэстик мичийдэ-мичийбитинэн кэлэн, олох мастары уҥа диэки сыҕарытан баран:

  1.  Туох кэпсээннээх дьоҥҥутуй? Киириҥ, ааһыҥ, ыалдьыт буолуҥ, — онтон сибигинэйэ былаан. — Кырдьаҕас уутун хаммакка ардаҕырҕаан күн көрүнньүгэ буолан сытар, санаата көнньүөрдэҕинэ туруо, — диэн баран, оҕонньорун диэки сүр эйэҕэстик көрө охсон ылла.

Мыыр кырдьарс диэки кылап гына көрөн ылаат, аҕатын өттүккэ аста. Дуурай уола ыйбытын хоту хайыһаат, кутталыттан кубарыйа өллө. Кырдьаҕастара киһи бодотуттан тахсан, лүҥкүрэ хаппыт дүлүҥ буолан сирэйин эрэ борооно томтойон сытар эбит.

Балаҕан хотуна маҥнай күлэн быһыгыраата уонна оҕонньоругар кыыһырбыттыы иэдэс биэрэн олорон:

  1.  Улуу күтүр дьону куттаары кубулҕатыра сытар эбит буолбаат... Чэ, уһуктубут буолларгын аҥныбакка тур, кыһалҕалаах дьону тутума, — туран хаҥас диэки сайбаҥнаата.

Балачча буолан баран кырдьаҕастара аҥнан-бохтон, ынчыктаан-ыҥырынан туран олордо. Үстэ иччилээхтик дьааһыйда. Дьон баарыгар дьаалыйбакка хараҕын быһа симэн, умса нөрүйэн олорон бэйэтэ-бэйэтин кытта кэпсэтэрдии кэһиэхтээх куолаһынан кээҕинээтэ:

  1.  Улуу дьаалы, үтүөкэннээх да барахсаттары буулаабыт. Күлүк түспэтэх ый толоонунуу ыраас оҕолортон түптүрдэнэн төрүөбүт, — диэн баран оҕонньордоох уол диэки хайыста. Хос маҥан иилээх, эргэлээх аҥаар хараҕын Мыырга тохтотто. Уол ыксаата, барыах-кэлиэх сирэ баранан иҥнэҥнээн ылла. Онтон олордо-олорбутунан таастыйа утуйан хаалла. Кырдьаҕас туран, уот иннигэр кэллэ. Удьурхай хамсатын соппойон-соппойон уматтан баран, өр табахтаата. Онтон Дуурайга туһаайан эттэ. — Улуу дьаалыҥ кэлэр суолун эрдэттэн хайыммыт. Айыыта суох барахсаттарга кутун укпут. Оо, саха киһитэ барахсан аныаха диэри эрэйи эҥэринэн тэлэн, айыы, абааһы ыйыытын ыйаах туттан аҕай кэлбитэ. Ол бэйэтэ тугу туора туттан харахтарын далын хаайбыта, санааларын алдьаппыта буолла? Итини тобулан тойоннуур киһи, бука, бу кырыыстан тахсыа эбитэ буолуо. Дьэ, хайдах гыныамый, ындыыгар ындыы, санааҕар санаа эбэбин, анарааҥҥылар бу барахсаттары толук көрдүүллэр. Дьоҥҥун-сэргэҕин быстарыаххын кэрэйэр буоллаххына, оҕолоргун ыытаргар тиийэҕин...
  2.  Оо... Улуу кырдьаҕаһыам, онтон атын суол соломмотох дуо? Этэн кулуу... оо... оҕолорбуон, көмүс чыычаахтарбыан, - Дуурай муҥнаах бөтөн киирэн барда. Арай Добун халлааҥҥа тахсан үҥсэн көрбүт киһи, тугу сүбэлиэхтэрэ эбитэ буолла? — Кээмпэс кырдьаҕас санааҕа ылларан ыҥырынан ылла. — Илиҥҥилэр кытыт биэни сэргииллэр, дьаҕыллаах үс саастаах кытыт биэҥ Дүрбүөннээх атаҕар хара тураҕас атыыр үөрүгэр мэччийэ сылдьар. Дьэ, ол биэҕин сарсын күн үрдүк тиит чыпчаалын таарыйыытын саҕана бэлэмнээ, сордонон көрүөм. Арҕааҥҥылар айахтаах соҕус буолааччылар. Алталаах кур оҕускун, үстээх кунаҥҥын, күрдьүгэс кытарах ынаххын толук туттан көрөр киһи хайыахтара эбитэ буолла? Уоллаах кийииккин бу күннэргэ саһыара сатаан көр, — диэн баран, кырдьаҕас Мыыры сирэйгэ үрэн сирилэттэ, онуоха уол утуйан баран уһуктубут киһи курдук саһархайдыҥы харахтарын симириҥнэтэ-симириҥнэтэ аргыый аста. Ханна баарын дьэ өйдөөн, соһуйан тура эккирээтэ. Ону көрөн, кырдьаҕас сылаанньыйбатах сүрэҕэ сымнаан мүчүк гынна уонна:
  3.  Бу уолуҥ олус да нарын эр оҕо. Үтүө да төрүөхтэниэх киһини хара күлүк туора түһэ сытар эбит. Санааҕын кытаатыннар, тоҕойуом, мин көтөҕөн көрүөм, — диэтэ уонна кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, уотун диэки хайыста.

Дуурайдаах аҕалбыт кэһиилэрин аан чанчыгар ууран баран, түргэн үлүгэрдик таһырдьаны былдьастылар.

Чахчы Мыыр айылҕаттан аньыыга сыстыбатах кэрэ киһи буолара кини дьүһүнүгэр-бодотугар, тутта-хапта сылдьарыгар, бэл, саҥатыгар-иҥэтигэр барыта этиллэ сылдьара. Кинини көрбүт эрэ киһи хараҕа хатанара таптыыра, сылаанньыйара. Киһи эрэ, бу кирдээх-хахтаах Орто дойдуга хантан түһэн кэлбит айыы оҕотой диэх курдуга. Бэйэтэ даҕаны сир олоҕуттан тэйэн, туораттан эрэ одуулуу турар курдук этэ. Ийэлээх аҕата, дьоно-сэргэтэ ити да иһин кыра эрдэҕиттэн былыттаах халлаан быылыттан сатыылларынан-кыайалларынан араҥаччылаан баччаҕа диэри аҕалбыттара.

Ойоҕо, Саары, эмиэ таҥара табатын курдук барахсан түбэспитэ. Кыргыттар уонна дьахталлар кини курдук кэрэ субалаах, көнө уҥуохтаах, нарын куоластаах, уста сытар уу долгунун курдук наҕыл туттуулаах буолуохтарын баҕараллара. Иккиэн мааны таҥастарын таҥнан баран сэргэстэһэ хаамтахтарына күн кытта сырдыырга дылы буолара. Дьэ, ол бэйэлэригэр Дьылҕа Тойон олус ыарахан ыйааҕы ыйбыт эбит. Киһи өйүгэр да батаран толкуйдаабат этэ — бу айыы оҕолоруттан абааһы төрүө диэн. Биир үксүн ити да иһин олус аймаммыттара. Дуурай дьон хараҕа хатанан итинник буолла дии саныыра. Эмээхсин эрэйдээх ити буолан ааспыт ынырык кэпсэтиини хайдах истэрэй? Онтон Саары муҥнааҕы санаан, бөтөн ылла.

  1.  Аҕаа, мин эйиигин кытта кэпсэтиэхпин баҕарбытым балачча буолла, — диэн, уолун долгуйбут саҥатыттан ити санаата быстан хаалла.
  2.  Тугу, тоойуом?
  3.  Саары куруук о... оҕотун ыйытар.
  4.  Тыый, тоойуом, эн эппэтэҕиҥ дуо? — Дуурай муннута оҕустарбыт курдук хонос гына түстэ.
  5.  Суох, суох! Мин тылым тахсыбат. Туох диэн этиэмий? — Мыыр ыгылыйан, биир сиргэ тэпсэҥнээн ылла.
  6.  Оттон, — оҕонньор туох диэн булбакка, тохтуу түһэн баран, — ку-куһаҕан оҕо төрөөтө диэн...
  7.  Хайдах да буоллун, көрүөм этэ, оҕом буоллаҕа дии диир, — Мыыр аҕатын сирэйин-хараҕын болҕомтолоохтук маныы туран эбэн эттэ. — Мин... мин эмиэ оннук саныыбын. Ханныгын да иһин оҕобут буоллаҕа дии. Кэлин, баҕар, кэмсиммиппит да иһин кэнтиккэ кэтиллэ туруохпут турдаҕа. Көрдөөн көрүөх баара...
  8.  Аньыы даҕаны, саҥарба! Көстүбэт истиэ! — Дуурай уолун саба саҥаран кэбистэ. Иһигэр оҕолуу кэнэн майгылаах буолан, куһаҕаҥҥа үчүгэй хайаан да баар буолуохтаах диэн итинник тыллаһар дии санаата. Абааһыттан куоттардаҕа буолан. — Антах... антах, — дии-дии илиитинэн атын сир диэки күүскэ сапсыйбахтаат, иннин хоту дьүккүйэ турда.

Мыыр аҕатын истэ үөрэммитинэн утарыласпакка хаалла. Чахчыта да кини хантан билээхтиэй, киһиттэн абааһы төрүүрүн. Билиэхтээҕэр буолуох, истибэтэх да суола. Ийэлээх аҕата кинини харыстаан, истэригэр итинҥик ынырык кэпсээннэри кэпсэппэттэр да этэ: “Оҕону куттаан ону-маны лахсыйыма”, — диэн эбэтэ тугу эрэ быктардаҕына буойар этилэр.

*   *   *

Үһүс күнүгэр Чааҕа эрдэ туран, ынаҕын ыан баран хаһан эрэ кэтиэ диэн эбэтэ киис оноолоон, туртас тириитин ыыһаан тикпит хаһан да кэтиллибэтэх мааны сонун кэттэ. Тайҕа мааны саарбата үллүргэлээх дьабакатын сэгэччи уурунна. Эбэтиттэн хаалбыт баай симэхтээх илин-кэлин кэбиһэрин иилиннэ. Синньигэс харытыттан халты тутан түһэн хаалыах курдук икки бөҕөхтөрүн кэттэ. Онтон урүҥ көмүс ытарҕаларын салыбыраппытынан ылан кэтээри гыммыта кулгааҕын үүтэ суох буолан, араастаан иилэ сатаата, төттөрү бырахта. Киэргэллээх сарыы этэрбэһин дьороччу анньынан баран хам тардан кэбистэ. Үйэтигэр тараамматах, кыырык маҥан суһуохтарын аччарыһан- аччарыһан тараан, икки аҥы хайытан өрөн намылытта. Дьиэттэн бэдьэйэн тахсан, көлүйэ күөлүн талаһатыгар төҥкөйөн күлүгүн көрүннэ, астыммыттыы уоһа суох айаҕын дьаппатта, онуоха куолайа кулдьугураан ылла. Чааҕа муҥнаах таҥара буолбут тэҥэ сананан, хаһааҥҥытааҕар даҕаны чэпчэкитик дугунан, балаҕанын диэки хаамта.

Чахчыта да маннык мааны таҥас, киэргэл саха баай дьахтарыгар эрэ баар буоларын Чааҕа хантан билээхтиэй. Кини эбэтэ — саха биир уус тарбахтаах дьахтара этэ. Ол идэтин төһө да дьонтон тэйэн олордор бырахпатаҕа, уһун түүннэри-күннэри ииһинэн аралдьытынан атаарара. Булчут буолан тайҕаттан талбыт көтөрүн-сүүрэрин бултуура уонна ону таҥаска кубулутан сиэн кыыһа үйэтин тухары кэтэр таҥаһын бэйэтэ таптыырынан тикпитэ. Онтукаларын мастан, туостан үүйэн оҥорбут дьикти кэрэ оһуордаах хопполоругар толору симитэлээн уурталаабыта.

Ол эрээри сиэнэ ити үлүгэр мааны таҥастары ханна баран кэтиэй, көннөрү киэргэл эрэ курдук санаан, эбэтэ суох буолбутун кэнниттэн таҥныбатаҕа. Хаһааҥҥы эрэ эр киһилии тигиилээх тырыттыбыт торбос тириитэ ырбаахытын этиттэн араарбакка кэтэрэ. Балаҕан иһигэр баар киһи сөҕөр сиэдэрэй мандара сахаҕа аҕыйахта төрөөн ааһар көмүс тарбахтаах дьахтар олорон ааспытын толору кэпсиир кыахтаахтара. Хомойуох иһин, бу бэйэлээх маллар-саллар, иһиттэр-хомуостар, сөрүөлэр-тэллэхтэр собус-соҕотох сиэн Чааҕа ордон хаалбыт аҥаар хараҕын эрэ сымнаталлара. Онтон атын бу икки атахтаах умнубут тайҕатын быыһыгар ким кэлэн маны барытын кэрэхсии көрүөй.

Чааҕа балаҕаныгар киирэн сөрүөтүн кыбыта аспыт сэбэргэнэтин утары олорунан кэбистэ. Кини сонун иһигэр сүрэҕэ олоҕун саамай кэрэ бэлиэ кэмин долгуйа күүтэрин биллэрэн битиргэччи тэбэрэ. Чааҕа — айылҕа оҕото. Онон айылҕа тугу ыйарынан олороро. Оттон эбэтэ сиэнин хаһан даҕаны бырахпатаҕа, куруук кута-сүрэ аттыгар баара уонна ыйан-кэрдэн биэрэрэ. Дьону кытта олорор эрдэхтэринэ Чааҕа отоһуту улахан ойууну кытта биир маска иитиллибитэ дииллэрэ, онон илбистээх илбийиилээҕинэн аатырара. Ол да иһин киниэхэ ойуун абааһытын хаайар түктүйэҕэ тиийэ тиктэрэллэрэ, удаҕаттар, ойууттар таҥастарын таҥастаталлара. Онтон улуу уустар, отоһуттар, ойууттар олохторун сүмэтэ идэлэригэр барар буолан ыччатынан кэмчи буолаллара. Дьэ, ол иһин Чааҕа быстан эрэр удьуорун тугу да быраҕан туран быыһыы сатаабытыттан бу чороҥ соҕотох төҥүргэс эрэ ордон дьылҕата тугу дьаһайбытын толороору кэтэһэн чочоллон олордоҕо.

Күһүҥҥү күн киирдэ. Чааҕа кэтэһэриттэн кэтэҕэ сылайан моонньоох баһын куоҕатан нухарыйан барда... Куруук буоларын курдук, көмүлүөк оһох кэнниттэн эбэтэ бэркэ силбиэтэнэн тахсан кэллэ уонна уордаахтык: “Хотуой, хохтоох санаалааҕы кытта кыттыһан эрэҕин. Өбүгэлэргин хомотуоххун баҕарбат буоллаххына — түктүйэтэ оҥорон хараҕалыы охсон кэбис, алдьархайы таһаарыаҥ. Мин куруук дьоҥҥо өстүйүмэ, миэхэ кэпкин туон диэн этэрбин эт мэйиигинэн ылыммаккын, хоҥуруугар холообоккун. Этэрбин ылын, эрэйи элбэтимэ...” — диэн эрдэҕинэ, таһырдьа ынах маҥыраата, ону кытта тэҥҥэ Чааҕа уһукта биэрдэ. Тура эккирээн, көмүлүөк кэннин диэки тиийэн хантайан туран салгыҥҥа силлээтэ уонна күлэн хардьыгынаат, таһырдьа ыстанна.

Ынаҕын ыан чуучурдата олордоҕуна, уҥа диэки бастаан бүтэҥитик оҕо ыҥыргыыра иһилиннэ. Чааҕа чөрбөс гына түстэ. Ыырын тохтотон иһиллээтэ. Эмискэ хатан үлүгэрдик оҕо ытаан бэбээрдэ. Чааҕа үүттээх ыаҕыйатын садьыйан кэбиһээт, онно ыстанна. Арай сэбэргэнэҕэ анньыллыбыт сылгытын тириитэ туой муостаҕа түһэн сиргэ төкүнүҥнүү сылдьар эбит. Кини чэпчэки үлүгэрдик ойон тиийэн, уон дэгиэ тарбахтарынан харбаан ылан, харса суох быатын төлүтэ тардыалаата. Ол кэннэ сэрэнэн тириини арыйбыта, кыһыл оҕо барылаччы ытыы сытар эбит. Чааҕа көрбүтүн итэҕэйбэтэхтии сиргэ таалан олордо. Онтон өй ылан, уол оҕону икки атаҕыттан таҥнары ыйаан таһааран, кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы кыҥастаста. Сыыйа уоспа сиэбит сирэйэ сырдаатар сырдаан, дьолунан, үөрүүнэн туолла. Оҕону түөһүгэр сыһыары тутан, бигээн биһинньэхтии-биһинньэхтии тэбис-тэҥҥэ ытаан ыҥыранан барда. Өлүөр дьүккэтин уута туолбут чабычах таһынан чаккыраабытыныы өлгөмнүк таҥнары суккуллан түспүтүн оҕо баҕадьы омурдугар түһэрэн ылан иҥсэлээхтик оборбутунан барда.

Ити курдук Куора ойуун Орто тэгил дойдуга харах уутунан утахтана иккистээн эргилиннэҕэ.

*   *   *

Күрэҥсийэн эрэр астаах, кыра уҥуохтаах, сытыытык чолбоодуччу көрбүт харахтаах, содьороҥноон хаамар, өрө умайыктаммыт саҥалаах Чыамай эмээхсин хотонуттан балаҕаныгар киирбитэ, хаҥас ороҥҥо алталаах-сэттэлээх сиэн кыыһа маҥан туоһунан төбөтүн бобуонньуктуу баанан хараҕын оҕотун быһа симэн, атаҕын чырбаччы тэбэн, уҥуох-тирии сирэйигэр хонуруута туртайан сытар эбит. Аттыгар таммах да хаан атына суох игирэтин анаара кыыс тугу эрэ оонньоон букунайа олорор. Эмээхсин ону көрөөт, өрө чардырҕыы түстэ:

  1.  Аньыы күтүр, бу туох буолбут сиргидэҕий ээ?! Эмиэ куһаҕаны биттэнэ оонньообут. Тур диибин дии, иэҥҥин хастыам, — диирин кытта өлбүтэ буола оонньуу сыппыт оҕо олоро түстэ уонна бобуонньуктуу бааммыт туоһун уот диэки кыыратта.
  2.  Туох буолбут оҕонуй, доҕоор, киһи этэрин истибэт баҕайытай! — эмээхсин иҥнэҥнээн тиийэн кыыһы хойуу аһыттан харбаан ылан, көмүлүөк иннигэр чинэкэччитэн аҕалла. — Абааһы сөрүөстүбүт буоллаҕына, билигин мин кинини араарарым буолуо! — диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ, чанчыкка анньыллан турбут талах чыпчаххайын харбаан ылан, сиэнин сабырҕаппытынан барда. Бу аймалҕан буола турдаҕына, кыргыттар аҕалара Кучуй киирэн кэллэ:
  3.  Хайа, доҕоттоор, эмиэ туоххутун кыайан үллэстибэтигит, туох аймалҕана буолла?
  4.  Оҕоҕуттан ыйыт, тугу оонньуурун, — эмээхсин тириппит сүүһүн сиэҕинэн соттоору кыыһы мүччү тутарын кытта, биирдэһэ куотан аҕатын кэннигэр түстэ. Сиргэ олорооччута аҕата киирбитин көрөн, буола турарга мин кыттыгаһым суох диэбиттии, кинилэр диэки хайыһан да көрбөккө, үөрэн ытыһын охсунаат, аҕатыгар ыстанан тиийэн кууһа түстэ.
  5.  Дьэ, дьикти адьынаттаах оҕону көрөбүн, куруук итирдик оонньуур дьигэр ылларан хаалла. Туох сөрүөстүбүт сорой... — эмээхсин санааҕа ылларбыттыы сиэнин одуулуу турда. — Арай былыр көстүбэт сөрүөстүбүт оҕото итирдик оонньуура үһү. Мин ийэм ол иһин куруук чыпчаххайынан кымньыылыыр буолара, оччоҕо абааһыта арахсар диирэ, эн буоллаҕына оҕонньордуун тэппини тулуйа түһэр суох, киһиэхэ дьаһайтарыах буолууһуккут дуо? — Чыамай уотунан кутаалана-кутаалана иһитинэн-хомуоһунан тамнааттанна.
  6.  Ийээ, туоҕун тыллаһаҕын, бу дьүһүннээх киһиэхэ туоҕар ымсыыран көстүбэт сөрүөһүннэҕэй? Ийэтин муҥнааҕы көрбүтүн үтүктэрэ буолуо? — Кучуй кыргыттарын ньилбэгэр олордон, кэтэхтэриттэн сыллаталаата.
  7.  Аҕаа, миигин куруук ийэм ыҥырар ээ, мин элбэхтэ итинник сыттахпына киниэхэ барабыын...
  8.  Дьэ ити, киһи этэрин иһит диэн ыт эрэ буолан үрбэтэҕим... Кырдьаҕаһы ыҥырыах баара, — эмээхсин кыйахаммыттыы саҥарда.  Кучуй бастаан кыыс саҥатын истэн таалан олордо, онтон анараатын ньилбэгиттэн түһэрэн баран, кыыһын бэйэтин диэки эргилиннэри тарта уонна саҥа көрбүттүү одуулаата. Кыыс кубаҕай сирэйин ооккотугар бэлиэр олох уота өһөн эрэр харахтарынан аҕатын утары көрөн олорбохтоон баран, төбөтүн төҥкөттө.
  9.  Оокком сыыһа, ыарытыйа сылдьаахтыыр эбит буолбат дуо? Ол да иһин түүнү мэлдьи үлүгүнэйэн тахсаахтыыр эбит дии... Тоойуом, тугуҥ ыалдьар? — тулаайах аҕа барахсан сүрэҕэр ыттарда.
  10.  Суох, тугум да ыалдьыбат. Аҕаа, мин ийэбэр барыахпын баҕарабын, ону эбэм ыыппат дии. Эн киниэхэ ыыт диэн эт эрэ... — диэн кыыс иччилээх баҕайытык аҕатын кулгааҕар сибигинэйдэ.

Онуоха аҕата тура эккирээтэ уонна саҥата суох кыргыттар оронноругар күөдэллэнэ сытар таҥастар быыстарыттан кыыс этэрбэһин аҥаарын булан, харбаан ылаат, таһырдьа ыстанна...

Кээмпэс ойуун көмүлүөгүн иннигэр аргынньахтаан олорон оҕо этэрбэһин уокка сыҕайан сылыта-сылыта ытыһынан имэрийбэхтээтэ уонна тилэҕин сыныйан одуулуу- одуулуу;

  1.  Дьэ, тоҕойуом, хайдах гыныаҥый, оҕоҥ кута хайа сах дьабыҥҥа көтөн баран сылдьаахтыыр эбит. Хайыаххытый, хайыыр да кыах суох. Кинилэр дьылҕаларын биһиги салайбаппыт. Ийэтэ буолбатах, аҥаарын кытта холбоспут. Бу икки киһи кутун иҥэриммит биир сымыыт Орто дойду оломун көмүскүүр улуу удаҕан сүрэ сүрдээх буолсу.
  2.  Кырдьаҕаас, мин удьуорбар оннук улуу удаҕан да, ойуун да суоҕа дииллэрэ ээ... — Кучуй истибитин итэҕэйбэтэхтии, бүтүн бэйэтэ кумуччу туттан олорон, тыл ыһыгынна.
  3.  Улдьуйбут удаҕан кута киирбит, ону үөһээҥҥилэр биһигиттэн ыйыппаттар, ыйааҕа оннук. Мин кинини күүппүтүм ыраатта. Баҕар, ол көрдөһүүбүн ылыммыттара эбитэ дуу... Эттэнэр кэмэ кэллэҕинэ, Сиэллээх ыккыйыгар балаҕан оҕото тутан, дьон хараҕыттан кистээр. Бу кэмҥэ киртэн харыстыах тустааххыт. Чэ, уоннааҕытын оччолорго билиэххит. Мин баар да, суох да буоллахпына, кутум куруук аттыгар буолуо, — диэн баран, кырдьаҕас үөрбүт-көппүт киһи курдук Кучуй диэки диэличчи көрөн кэбистэ.

Кээмпэс кырдьаҕас билгэтэ туолбута. Кучуй муҥнаах төһө да оҕотун аһыйдар, кырдьаҕас эппитин санаан олус аймамматаҕа уонна оҕом аҥаардаммыт кутун иҥэриннэҕэ диэн бэйэтин уоскутуммута.

*   *   *

Илин халлаан диэки ыйбыт куочайдаах аарыма кэрэх анныгар Кээмпэс ойуун дүҥүрүн тайахтанан, илиитин чарапчыланан күн тахсар сирин одуулуу турда. Кини ачаахтаах ийэ маһын халлааны үөлэр чыпчаалыгар дьаҕыллаах сылгы сүлүллүбүт тириититтэн баһын, түөрт атахтарын араартарбакка эрэ тэниччи ыйатта. Күн тахсар сиринэн халлаан кытаран эрдэҕинэ кырдьаҕас былаайаҕын сүүһүттэн, дьэ, араарарын кытта, кутуруксут уол кэрэххэ ыйанан турбут ойуун арбаҕаһын саҥата-иҥэтэ суох кэтэрдэрдии илтэ. Кырдьаҕаһа биир кэм тэһиин сылгы курдук өрө холоруктуу турар буолан, бэрт эрэйинэн таҥыннараат, тэһииниттэн харбаата. Бу кэнниттэн улуу дьаалы дүҥүрүн ылан, ойоҕолуу тутан туран ис- иһиттэн имэҥнээхтик кутуран киирэн барда. Үстэ хатан үлүгэрдик суордуу кыланна, өрө бабыгырыы-бабыгырыы куоҕас курдук хахаарда, мэкчиргэ буолан бэбээрдэ, эмискэ көнө түһээт, хантайан туран икки илиитин быластаан хотой курдук чаҥыргыы-чаҥыргыы, көтөн эрэрдии салгыны тыырбахтаата. Эмискэ күн сардаҥата килбэс гына түстэ да, ойуун арбаҕаһыгар иилиллибит алтан күнүттэн тэйэн дьикти бэйэлээхтик өрө сандаара түстэ. Кээмпэс кырдьарс бэйэтэ күн сардаҥата буолан көтөн эрэр курдуга да, биирдэ мэлис гынан хаалла. Дьон кырдьаҕастара туох соруктаах айаҥҥа туруммутун бэркэ билэр буоланнар, бу быһыыны буолуохтааҕын курдук ылыннылар. Кырдьарс айанын мэһэйдээбэт туһуттан туту да саҥарбакка иһийэн олордулар.

Кээмпэс кырдьаҕас өксөкү кыыл буолан соҕуруу содуомнаах халлаан туһун диэки соруктаах аҕайдык көтөн күксүйэн истэ. Былыр эдэригэр иккитэ, үстэ төхтөрүйэн төрдүс олоҕор Улуу Суорун тойоҥҥо тиийэр буолара. Кэлин кырдьан, аата-суола үрдээн истэҕин аайы сырыыта-айана сыыдамсыйбыта. Бу да сырыыга тэтимнээх соҕустук айаннаан, халлаан иирбэ-таарба суолларыттан бутуура суох айанын аартыгын тобула оҕуста. Эдэригэр өрүү бу үһүс халлаан аартыгын булбакка сору-муҥу көрөрө. Манна куруук бастакы олоҕор сынньанааччы. Ол сиэриттэн бу да сырыыга туораабата. Сынньанан тыын ыла түһээт, салгыы өрө дабайда. Элбэхтэ сылдьыбыт аартыктарынан эрчимнээхтик сапсынан элэстэнэ көтөн ааһыталаата. “Бэйи, аны сэттис халлааҥҥа тиийэр киһи өл хаба түһэн баран, дьэ мускуурдаах дабатыыга киириэ этэ. Улуутуйар Улуу тойоҥҥо этэр тылгын эрдэттэн оҥостон тиийэҕин. Ол улуу дьаалы хайдах санаалаах уһуктан олороро биллибэт, бэйэбин да былдьаатаҕына боруога суох. Чэ, кыайарбынан-сатыырбынан ааттаһан көрүөм буоллаҕа. Дьоҥҥун-сэргэҕин араҥаччылаа диэн бэйэтэ анаан ыыппыт кырдьаҕаһа буоллаҕым дии” диэн Кээмпэс кырдьаҕас саныы истэ.

Күлүгэ суох ып-ыраас, кылбаа маҥан халлаан сэттис сардаҥалаах хартыгаһыгар кэхтэр диэни билбэтэх, кэрэ бэйэлээх Аал Луук мас үрүлүйэ үүнэн тахсыбыт модун лабаатыгар лаглас гына олоро түстэ. Үүтүнэн-сүөгэйинэн үллэ турар илгэлээх сөлөгөйүттэн утаҕа ханыар диэри ыймахтаат, суһал сырыылаах айанньыт буоларын быһыытынан, өрө көппүтүнэн барда. Көтөөрү олорор хабдьы курдук өрө хабыгыраһа олорор Аар баҕах сэргэлэринэн сэлэлээбит, көстө-көстө сүтэ турар аартыкка тиийэн, Кээмпэс кырдьаҕас кылана түһээт, супту сурулаан киирэн өрө ытылла турар аан холорук киинигэр биирдэ баар буола түстэ. Бу үлүгэрдээх мискииргэ үөрүйэҕэ суох киһи тута төттөрү сууллааччы, үгүстэр бэйэлэрин былдьатааччылар. Кээмпэс үөрүйэҕэ бэрт буолан, уһун моонньун ууга умса сылдьар улун курдук унньутта, икки дабыдалын эттигэр хам сыһыарда, хараҕын симнэ. Улуу холоруктаах халлаан өрө ытыйан таһааран, саадьаҕай оҕус көхсүн курдук тараах- тараах оломноох халлаан ахсыс хартыгаһыгар бырахта. Дьэ, доҕоттоор, кырдьыгыныы турар кумах тыаллаах, кунан оҕус саҕа көһөҥө таастары төкүнүтэ оонньуур буурҕалаах амырыын дойду бу баар эбит.

Кээмпэс уруккута буоллар, түөһүнэн тыыран утары көтө сатыа этэ. Ол аайы билигин акаары буолбатах, моҕой кыыл курдук кырылыы сытар кыһыл кумахха тумсунан батары түстэ да, бокуойа суох ууга устар курдук сурулуу турда. Хараҕа сырдаан кэлбитигэр өйдөөн көрбүтэ, барбатах балык миинин курдук бадыа-бүдүө дойдуга тохсус халлаан улаҕатыгар Улуутуйар Улуу тойон уоругар кэлэн турар эбит.

Суор төбөлөөх күлүк курдук сойуодуспут дьон тохтоло суох бара-кэлэ барыгылдьыһа сылдьаллар. Кээмпэс кырдьаҕас алта кырыылаах халҕаһа таас ураа уораҕайга бокуойа суох көтөн түстэ да, илэ бодотунан буолан хаалла.

Суорба тааһынан суоруллан оҥоһуллубут олбоххо уолугун төрдүгэр улар кус сымыытын саҕа урдаах, сойуо хара тумустаах улуу кырдьаҕас таллан таас тайаҕар өйөнөн нуктуу олорор эбит. Өр күүттэрбэтилэр, икки бэкир хара дьон соруктаах аҕайдык хааман киирэн, уһун субуйа батаһынан курбачыйа эргийэ олорор өттүгүн үүтүн устун өтөрү түстүлэр. Онуоха улуу дьаалы уһуктан өрө хонох гына түстэ да, таас истиэнэ салыбырыар диэри хаһыытаан тоҕо барда:

  1.  Оо, татат, татакай, уҕалаар! Туохха бэһирэн улуу уубун аймаатыгыт, хара ыттар?
  2.  Кээмпэс кырдьаҕас кэпсээннээх кэллэ, истиэҥ буолаарай?
  3.  Ээ, ол иһин даҕаны хаҥас хараҕым тардыалаабыт эбит дии. Дьэ, кэпсээн көр.
  4.  Улуутуйар Улуу тойонуом, Суостаах Суодаллаах Суор Суорун тойон аҕам, эн атаххар үҥээри-сүктээри сырыы бөҕөтүн сылдьан, айан бөҕөтүн айаннаан кэллим. Кулут уолум кураанах кэлбит дуу диэн хоргута санаама, алта сыл куруламмыт атыыр оҕуһунан айах туттум! — Кээмпэс кырдьаҕас инньэ диэн баран, Улуу тойонун уордаах хараҕын кылап гына көрөн ылла. Анараата уһуктаах тылын таһааран икки дьабадьытын саланан ылла эрээри, улаханнык дуоһуйбута көстүбэтэ.
  5.  Үстээх кунан оҕуһу илии тутуурданан кэллим, — диэт, эмиэ кырдьаҕаһын көрөн ылла. Бу сырыыга Улуу тойон уоҕа хараан сылаанньыйа былаан ылбытын көрөн эбэн эттэ.
  6.  Кулан дьэллик сырыылаах кытарах сүөһүнү өттүк хараланан кэллим, бэттэх көрөн мичик гыныый, Улуу тойонуом, — уонна айбыт аҕатын атаҕар умса нөрүйдэ.
  7.  Дьэ, чахчыта даа, Кээмпэс кырдьаҕас, илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэн амтаннаахха баҕара олордохпуна астыннардыҥ... Туох көрдөһүүлээх мин үрдүк өһүөбүн өҥөйдүҥ?
  8.  Орто туруу дойдуга олорбут ааппар кубулҕаттаах сырыылаах Куора ойуун саҥнаах санаата саһан сыппыт сириттэн көбөн тахсан, эйэлээх ыал эрэйигэр эргийдэ, саргылаах ыал самнарыгар сатыылаата, онуоха улуу аҕам тылын истибэккэ эрэ утарылаһар кыах суох...
  9.  Истэн-билэн олоробун! Айыы абааһыны төрөппүтэ аныаха диэри иһиллэ илигэ. Ол икки атахтаах, инчэҕэй эттээх, иннинэн сирэйдээх бэйэтин айыыта туолан төрөппүт абааһытыгар мин тугу орооһуомуй? — диэн баран, улуу кырдьаҕас уордаах харахтарынан Кээмпэс ойууну дьөлө үүттээтэ. Ойуун: “Бүттүүм”, — дии санаан эрдэҕинэ биирдэрэ арыый алы буола охсон, атыннык саҥаран барда. — Ол, Орто дойду оломун ортотунан кэһэр абааһы ойуунугар мин аймах оҕом — Бэки Суорун хахсаат санаатын ханыылаабыт сурахтааҕа. Ити айыытыгар урукку буоллар улуу дьүүлүнэн кэнтиккэ этиллиэх эбитэ буолуо. Аймах оҕом айыытын аччаттарар туһуттан адьас дуона суоҕу аһынан көрүөм буоллаҕа. Ол эрээри кэмэ эрдэ. Саҥа төрүөбүт бадьаа оҕону кытта киирсэн килбиэннээх ааппын киртиппэт санаалаах кырдьаҕас олордоҕум буолуо. Арай буруйдаахтарын — айбыт аҕалаах ийэтин толук биэрэр буоллаххытына, күн бүгүн да көннөрүөххэ сөп, — диэн Улуутуйар Улуу тойон аат харата саҥара олордо.
  10.  Оо, Аҕа тойонуом, баатыгырыҥ күлүк түспэтэх күн оҕолорун буулаан төрүөбүтүн истэн олордоҕуҥ буолуо...
  11.  Буолумна! Сир айыллыаҕыттан абааһы айыыны ордук саныырыттан улуу кырыыһы түһэрэр адьынаттаах. Ол икки, уот икки ардыгар кыбыллартан ордук иэдээн бу күҥҥэ диэри айылла илик этэ.
  12.  Оччотугар, кэскилэ кэхтэн эрэр кэрэ төрүөхтээх кэрэмэс ыччаты үрүҥ айыылар араҥаччылыыр аналлара ама сууллар ыйаахтаммыта буолуо дуо?
  13.  Киһи аймах киҥкиниир киэҥ халлааны киртиппит аньыыта туолан, сир олоҕун салайар салгынын дьаарынан тумнаран, хара санааны хахсаат майгылаабытыттан аньыыга сыстыбатах атарахсыйар. Ол эрээри, дэлэҕэ даҕаны үрдүк айыылар иннинэн сирэйдээххэ өлбөт мэҥэ уута оҥорон өйү укпатах буолуохтаахтар. Киһи бэйэтэ өйүнэн кэскилин тутан өлбөтүн булуон сөп. Мин онно орооһорум, мэһэйдэһэрим көдьүүһэ суох буолар. Халлаан дьүүлүн хайыыр да кыах суох. Куора Орто дойдуга аньыы-хара оҥорон аймыы илик дииллэр дии, эн тоҕо кини аатын атыҥыраатыҥ? Арай олохтоох кэмэ кэлиэр диэри айбыттарын атаарбат буоллаххына, илдьэ киирбит абааһытын эрэ түктүйэлииргэр көмөлөһүөм. Онтон анараата эн кыаҕыҥ таһынан дьалкыйар. Эн кэмиҥ-кэрдииҥ кээмэйэ кылгаан турар, ону билэ сылдьар кырдьаҕас буолуоҥ. Ол эрээри, олус санааҕын самнары эппэппин, киһи — айыылар маанылаах оҕолоро буолар, онон олоххо тардыһыыта олус күүстээх, имэҥэ өйү үтүрүйэр өрүттээх, дьэ, ол эрэ үрүҥү-хараны быһаарыа турдаҕа. Ити туһуттан мин Орто дойдуга икки киһи кутун иҥэриммит, иҥэрсийэ сытар иирбит иччилээх Туоһахталаах диэн улуу удаҕаны үөскэтээри сытыарабын. Эн ол улуу удаҕаны атаҕар туруорар аналыҥ эрэ хаалла. Онтон улуу кырыыс түспүт ийэ ууһун инникитэ хараҥа, онно тугу да эбэн этэрим суох. Орто дойдуга айыы икки, абааһы икки аныаха диэри атах тэпсэн, сэргэстэһэ айаннаан кэллилэр, олох бэйэтин оҥоһуута оннук, киһи бэйэтин айыллыбыт тутула итинтэн атына суох, — диэн баран, Улуу Суорун чөҥөрө чүөмпэ курдук дириҥ далай харахтарынан Кээмпэс кырдьаҕаһы “дьэ, итиннэ тугу утараҕын” диэбиттии үөһэттэн таҥнары көрөн түһэрдэ.

Кээмпэс кырдьаҕас кэтэмэҕэйдии барбата, кэпсэтии бүппүтүн билэн кэннинэн хааман тахсан барда...

*   *   *

Даллалар кэҥэс балаҕаннара. Өһөн эрэр көмүлүөк барыҥый уотунан сырдатан көрдөххө, дьиэлээхтэртэн ураты балачча киһи мустубут. Балаҕан түннүгэ-үөлэһэ бүөлэнэн, киһи тыына-быара хаайтарыах үлүгэрэ буолбут.

Кээмпэс кырдьаҕас уот иннигэр олбоххо оллоонноон олорон, уһун удьурхай хамсатыгар табах тардан унаарытта. Бүтүн бэйэтэ ханна эрэ ыраах, сыралаах айаҥҥа көтөөрү олорор кырдьаҕас суор курдук көрүҥнэммит. Хамсатын сарыы этэрбэһин оһугар охсуолаан тэбиэлээтэ уонна дьон диэки хайыһан ыйааһыннаахтык саҥарда:

  1.  Бэҕэһээҥҥи сырыыбыт табылынна диэххэ сөп. Өлүү төрдүттэн оҕолорбуҥ быыһаан да ылбатарбын, кэм тыыннарын уһаттым. Куора улуу дьаалы Орто туруу дойдуга бэриэччит ыттаах тахсыбыта. Ол улуу кыыл иччитин кырыктаах санаатын бэриэт-бэриэт толоро сылдьар адьынаттаах буолар. Кини ардай аһыытыгар киирэн биэрбит киһи киһи буолбат. Ол иһин Улуу аҕабыт Улуутуйар Улуу тойон көмөтүнэн бу түүн ол баҕадьыны түктүйэлиир санаалаах кэлэн олоробун. Мин этэр миҥэ тылбын мииннээн истэ-сэргэҕэлии олоруҥ. Ол улуу дьаалы ыта сүгүн-саҕын туттарара биллибэт, онон мин бу түүн ийэ кыылбын илэ ыытар, хааннаах өлүү айатын тардар санаалаахпын. Дьэ, тоҕойдоруом, оҕолорум эрэ буолларгыт, ол-бу буолар да түгэнигэр быыһынан-хайаҕаһынан көрүөлүү сылдьаайаҕыт, тыаһы- ууһу таһааран амырыын алдьархайы оҥоттороойоҕут, онтон атынын бэйэм дьаһайыам, — диэн баран, уотун диэки сөҥөдүйэн олорон хаста да силлээн баллырҕатта, онто сиргэ тиийбэккэ эрэ тобурах хаар буолан тоҕунна.

Кыырык бастаах айыы аарыма ойууна Орто туруу дойдутугар оҕус буолан айаатаары, атыыр буолан кистээри, кыырт буолан кыырайа көтөөрү ох курдук оҥоһунна, саҥата сөҥөдүйдэ, хараҕа уоттанна, илбиһирэн өрө титирэстэтэлээн ылбахтаата. Үс төгүл дьаппа курдук айаҕын атытан дьааһыйбахтаата. Өрө бабыгырыы-бабыгырыы уостан эрэр уотугар маҥан сылгы сиэлин быраҕаттаабыта омуннаах үлүгэрдик өрө күлүбүрүү түстэ:

Сатыы маҥан халлааным

Саппаҕырбат саалыгар олохтоох,

Үрүҥ былыт үллүргэлээх,

Үүт-аас бэйэлээх,

Үрүҥ илгэ үктэллээх,

Үкэр куйаас тыыннаах,

Үс киис кыыл тириитэ

Үрдүк нуоҕай бэргэһэлээх

Үрүҥ Аар тойон аҕам,

Амтаннаах ас үрдүнэн

Айах тутан ааттаһан эрэбин.

Айыы хаан аймаҕын

Араҥаччылыыр санааланан

Ааттаах айаҥҥа турунарбар

Алгыстаах санааҕын

Алгыс оҥостоору

Алҕаан-дьалбаан

Дьалыһыйа туойан эрэбин...

  1.  диэн баран, үс төгүл амтаннаах аһынан айах тутта.

Соҕуруу соххор холорук халлаан

Содуомнаах аймахтарын

Суостаах-суодаллаах баһылыктара

Тоҕус ойуун төрдө буолбут

Улуутуйар Улуу Суорун айбыт аҕам,

Улдьаа сырыыны сырытыннарбакка

Уһун уйгуну тосхойон кулу...

  1.  диэн сөҥөдүйдэ, араҕас арыылаах аһынан айах тутта.

Ити курдук Кээмпэс кырдьаҕас айыыларын ааҕа бэйэлэрин ааттаан туран айах тутуталаата. Дьэ, ол кэнниттэн сүүлэ киирбит атыыр курдук үс төгүл хатан үлүгэрдик кистээн дьырылатта уонна тимир тириитин кэтэн, аас тэллэҕэр хайдыбыт сыырга хатаммыт хараҥаччы курдук хаптайа сытан, иччилэрин-үөрдэрин ыҥыран иһиирэн-хаһыыран барда.

Ол араҥахтар өр кэтэһиннэриэх буолбатахтар, балаҕан үөлэһинэн чаҕылҕан сардырҕаата, этиҥ этэн лүһүгүрэттэ. Араас кыыл-сүөл саҥата кыра балаҕан иһин соҕотохто толоро оҕуста.

Сотору ханна эрэ ыраах сур бөрө суланар улуйуута иһиллэрин кытта, ону эрэ кэтэһэн турбут курдук, кутуруксута дүҥүрүн ыла охсон биэрдэ. Ойуун дүҥүрүн ылан маҥнай ыраахтан эҥсэн, сылгы үөрүн үүрэн иһэр курдук кыра- кыратык үөгүлэтэлээн ыла-ыла, ат сиэлиитинэн өрө дабайан истэ. Сыыйа тэтимэ түргэтээн, саҥата хатансыйан суор кыыл курдук ис-иһиттэн тэбиэһирэ-тэбиэһирэ хоохтоото. Онтон чугаһаатаҕын ахсын булдун куоттараары гыммыт кырбый курдук кыыбыргыы-кыыбыргыы суптурута түһүөлээтэ. Биир түгэҥҥэ өрө чинэрис гынаат, икки атаҕынан салгыны тэбэрин кытта ыт саҥата өрө ньааҕыргыы түстэ. Ону кытта кырдьаҕас аҥаар атаҕа хаан-билик буолла. Содьороҥнуу-содьороҥнуу тэтимин ыһыктыбакка битийэн истэ.

Сотору соҕус бөрөлөр тугу эрэ тутан өрө хабырыйсар саҥалара ардырҕаата. Кыырт кыыбыргыы-кыыбыргыы тэбиэлээн бырдырҕатар саҥата кыам кыргыһыы буолан эрэрин биллэрдэ. Бу түгэҥҥэ кутуруксут ойуун арбаҕаһыгар кылыргыы иилинэн испит тимир томторутун сулбу таһыйан ылан үөһэ быраҕан кыыратта. Кыырт мүччү харбаан кыыбыргыы түһээт, үөһэттэн түһэр кынатын тыаһа сурулаан ааста. Кутуруксут кыырайан иһэр томторугу сымсатык хабан ылаат, иккистээн кыыратта. Бу түгэҥҥэ алҕаһаан ойуунуҥ тэһиинин мүччү тутта. Дьон көрөн олордоҕуна кырдьаҕастара сулус сүүрэрин курдук түргэнник үөлэһинэн субурус гынна. Кутуруксут кылана түһээт, туох баар кыаҕынан кэнниттэн ыстанан арбаҕаһын салбырҕаһыттан нэһиилэ харбаата да, төттөрү тардан ылан, тэһиинин көннөрөн салгыы айаннатта.

Антах кыам кыргыһыы үгэннээн турда. Бөрөлөр уонна кырбый ыты ыйылатар саҥалара биир кэм өрө ньаргыйан олордо. Саҥаларыттан сылыктаатахха, томторуктуу оҕустулар быһыылаах. Кээмпэс кырдьаҕас онон эрэ сөп буолбата... Босхо барбыт абааһы ытын түктүйэлээн кэбиһэр санааланан, салгыы көтөн истэ. Бу күрэхтэн кырдьаҕас ойуун сылайыах быһыыта биллибэтэ, хата, төттөрүтүн, илбиһирэн туран кыыран дьалыһыйан барда. Ыт хотторон ытаан ньаҕыргыыр саҥата арҕаа тумул диэки салалынна. Дьэ, улуу дьаалы ойуун абааһытын хаайар түктүйэтин ыла ааттаах айаныгар туруммат дуо? Түктүйэни үс дойду кирбиитигэр кииннэнэн олорор Балтааны уустарыттан ылыахтаах. Дьон көрдөҕүнэ, кырдьаҕастара биир тэҥник битийэн иһэн, хомурахтаах дойдуга тиийдэ быһыылаах, батары түһэн бүтүннүү хаар кырыанан бүрүллэн таҕыста. Сотору соҕус аны киһи тулуйбат итиитигэр тиийдэ быһыылаах, сыралҕантан сирэйин-хараҕын дүҥүрдээх илиитинэн бүөлэнэ-бүөлэнэ, тиритэн уу чаккырас да буоллар, иннин диэки тибийэн истэ. Балачча буолан баран, үөрэн-көтөн төттөрү эргиллэн кэлэн, сары-ору бөҕөтүн тардан ыттарын түктүйэлээтилэр. Дьэ, ити эрэ кэнниттэн улуу ойуун барахсан салбаҕыра сылайан турар сиригэр сууллан түстэ да, утуйан муннун тыаһа хаһыҥыраабытынан барда. Дьон үөрэн өрө тыынна.

*   *   *

Сыл-хонук сылбах мас өрүһүнэн устарын курдук сыналыһа ааһан истилэр. Биир сүрдээх уулаах-хаардаах саас Кучуй балаҕаныгар араллаан бөҕөтө буолла. Уон алталаах суос-соҕотох ыарытыган кыыстара бөлүүн бэргээтэ. Куруук саҥата-иҥэтэ суох хаҕа эрэ халбыҥныы сылдьыбыт, киһиттэн эрэ ураты майгылаах-сигилилээх, саҥа ситэн эрэр кыыс оронугар кулуннуу мөхсө сытта.

Чыамай сиэнин аттыттан харыс да халбарыйбакка, кытыан оту умата-умата төгүрүйэ хаама сылдьан, айыылартан көрдөһөн сэҥийэтэ эйэҥнии сырытта. Эмискэ ким эрэ көхсүгэ тэппитинии бүтэҥи тыас иһиллэрин кытта, кыыс сарылаабытынан өрө эһилиннэ. Санааларыгар салгыҥҥа чочумча ыйанна. Онтон оронугар төттөрү түстэ. Күүһэ эстибиттии налыс гынна. Эмээхсин соһуйан кылана түһээт, хаппахчыттан ойон таҕыста. Хаппыт мутук курдук токуйа кырдьыбыт аҕалара, Суҥха оҕонньор, уолунаан, Кучуйдуун, өрө мөхсө түстүлэр.

  1.  Туох буолла, эмээхсиэн? — оҕонньор ыгылыйбыт саҥата түөһүн иһиттэн төлө көтөн таҕыста.
  2.  Дьэ, сатамматах оҕо буолла, тииһигирээн аҕай эрэр. Туох ааттаах буулаабыта буолла...

Бу кэмҥэ халҕан аргыый кыыкырдаан аһылынна. Балаҕаҥҥа бүдүгүрэ кырдьыбыт Кээмпэс ойууну икки киһи икки өттүттэн өйөөн киллэрдилэр. Дьиэлээхтэр кинилэри көрөөт, чэпчээбиттии өрө тыыннылар.

Улуу ойуун бодотугар ыараханнык үктэнэн ааспыт сыллар суоллара кини салҕалас буолбут төбөтүгэр, илиитигэр көстөллөр. Арай эргэлээх аҥаар хараҕа хамсаабат харабыл буолан, кэм да тулатын кэтэнэ турар курдук. Өһөн эрэр уоттаах өлүөр хараҕа сылайбыттыы кып-кыһылынан кылардата сылдьар. Аарыма кырдьаҕас төһө-хачча саастааҕын ким билиэй? Дьон өйдүөҕүттэн куруук баара уонна баар буолуох да курдуга.

Саҥата-иҥэтэ суох аһаан бүтэн, уот иннигэр хамсатын болточчу уобан олорбут кырдьаҕастара:

  1.  Дьэ, тоҕойдоруом, бөлүүн миэхэ ийэ кыылым кэлэн барда. Онон сорукпун толорон баран, дойдубар аттанар кэмим уолдьаһан эрэр. Бу кэми күүппүтүм ыраатта. Кыыскыт ийэ кута иитиллэр кэмэ кэлбит. Мантан илин диэки үс алааһы аастаххытына, ыт мунна баппат ыккыйыгар кэтиллиэххит. Ол ойуур үөһүгэр Сиэллээх диэн ырааһыйа сыыһа баар, балаҕан оҕотун тутуҥ уонна онно көһөрүҥ. Сэргэ алааска олорор ыалгыт саҥа төрөөбүт ый курдук ыраас кыыс оҕолоохтор, ол оҕо барахсан биэбэйдээтин. Эттэнэр кэмигэр атаххыт иһэҕин түһэрэн киргэ сыһыарыаххыт, олох чугаһаамаҥ. Мантан инньэ кини эһиги оҕоҕут буолан бүтэр, ыйааҕа оннук. Улуу Суорунтан анатыылаах икки киһи кутун иҥэриммит улуу хомуһуннаах, ииригирэ иҥэрсийэр илбистээх Туоһахталаах удаҕан диэн буолуо. Бу саҥарбыппын икки сэгэйэр кулгаахтаах истиэ-билиэ суохтаах. Улуудьаалы ойууттар кутун уоруохтара, баҕалаах элбэх. Мин итини иһитиннэрээри уонна саҥа олоҕор аттанарыгар алгыспын этээри кэлбитим, — диэн сөҥөдүйэн баран, үөрбүт-көппүт курдук эргэлээх хараҕынан эргиччи көрөн кэбистэ.

Хойукку күһүн ойууттар, удаҕаттар эттэнэр кэмнэрэ. От- мас сэбирдэҕэ түһэн, халлаан чарааһаан, дьэҥкэрэн турар буолан көтөҕүллэргэ саамай табыгастаах түгэн.

Сиэллээх ойуурун ырааһыйата иннинэн сирэйдээххэ, икки атахтаахха сири-халлааны ситимниир, тоҕус добун халлааны тобулу сүүрэр, алдьархайдаах аллараа дойдуну арбыйа хаамар, оройунан оонньуур Орто дойдуну курдуу кууһар улуу удаҕаны төрөтөөрү иһийэ килбигийэн турдаҕа.

Кыракый балаҕаҥҥа симиктик умайар көмүлүөк холумтанын аттыгар саҥа эт тутан эрэр кыыс оҕо түргэн-түргэнник туттан сылгы кылынан бас быата хатан букунайар. Балаҕан уҥа өттүгэр саҥа субаламмыт титирик маһынан күрүө оҕото тутуллубут. Ол иһигэр сыҥаһа ороҥҥо саҥа хастаммыт туоска ийэттэн төрүү сыгынньах эттэнээччи сытар. Кыыс көҕөрө өлбүт уҥуох-тирии этэ-сиинэ өлбүт киһи курдук чиккэччи көһүйбүт. Арай тыыннааҕын биллэрэн, сотору-сотору быһа ньимийбит дьабадьытынан күүгэн өрө үллэн тахса-тахса уостар. Чөҥөрүйэ уолбут дьүккэтиттэн уонна сүһүөхтэрин аайыттан хойуу хааннаах сүмэһин ньолҕоруйан тахсарын чаҕар кыыс сэрэнэн хамыйахтыы оҥоһуллубут туоһунан биир да таммах хаалбат гына баһан ылан баһыгар турар туос чабычахха кутан мунньан иһэр. Өтөр-өтөр эттэнээччи этэ-сиинэ онон-манан көҕөрө-көҕөрө хара хаанынан оҕуолуур. Чаҕар кыыс дөрүн-дөрүн атах өттүттэн тэйиччи туран, уһун удьааны уунан айаҕар уу там- малатар, күрүө быыһынан илиитин уган ыга баайыллыбыт бас быатын уларытар. Эттэммитин бэһис ыйа үүнэн эрэрэ.

Эттэнээччи төрөөбүт аата Хабдьы диэн этэ. Кини балтынаан утуу-субуу урут-хойут төрөөбүттэрэ. Игирэ кыргыттары төрөөттөрүн кытта муус-маҥан куобах тириитигэр сөрүү суулаабыттарын көрөн эһэлэрэ: “Уу, барахсаттары даа, хаар анныгар саһан сытар хабдьы курдук буолан түһэннэр”, — диэн саҥа аллайбытыттан, иккиэннэрин Хабдьы диэн ааттаабыттара. Эбэлэрэ ааттарын былдьаһыахтара, тус-туспа аатта биэриҥ диэбитигэр, аҥаарыгар Кырта диэн аат биэрбиттэрэ. Үкчүлэрэ бэрдиттэн хайатын илиигэ ылаллар да, бутуллан Хабдьы быһыылаах диэн иһэллэрэ. Онон иккиэн Хабдьы буолан хаалбыттара.

Ийэлэрэ оҕо куоппутуттан сыыстаран суорума суолламмыта. Кучуй кыргыттарын ийэлэрин суохтатымаары талбыттарынан атаахтатара. Эбэлэрэ даҕаны бастаан сиэх-аһыах курдук буолан баран, оҕолор ытастахтарына тэҥҥэ ытаһара, онтон устунан ааттаан барара. Хабдьылар кыра-мара дьон оҕолоро диэтэххэ дьикти оҕолор этилэр. Бастатан туран, этиэхтэн кэрэ дьүһүннээхтэрэ. Тулата хойуу кулуһунунан саба үүммүт көҕөрүмтүйэр дьэҥкир муустаах көлүччэ курдук улахан киһилии оттомноохтук көрбүт харахтаахтара. Хатыҥ субатын курдук туос маҥан сирэйдэрин икки өттүнэн саһарбыт сэбирдэхтэринэн саба үүммүт лабаа курдук көмүс баттахтара саба түһэ сылдьарын силэйбэхтээн кэбиһэ-кэбиһэ, куруук тугу эрэ бэйэ-бэйэлэрин кулгаахтарыгар сибигинэһэ олорор буолаллара. Кинилэр туох эрэ, ким да билбэт кистэлэҥнээх курдук имнэнсэ сылдьаллара. Хайалара эмэ, тугун эмэ кыратык да эчэттэр эрэ, иккиэн тэҥҥэ бааһыраллара. Адьаһын биир киһи курдуктара. Ол гынан баран майгылара-сигилилэрэ уратылааҕа. Биирэ ытаатаҕына, биирэ күлэрэ: биирэ оонньоотоҕуна, атына сонньуйара. Оруобуна биир киһини тыырбыт курдук майгылаахтара.

Биирэ ыараханнык ыалдьан суорума суолламмытыгар, тиһэх тыына быстыар диэри аҥаара илиитин тутан баран, икки түүннээх күнү мэлдьи хараҕын да чыпчылыйбакка сирэйин өрө мыҥаан олорбута. Тыына быстыбытыгар сонно тута үрдүгэр сууллан түспүтэ. Дьоно араара сатаабыттара да, балтын тимир чыскы курдук түөрт лабаатынан ыга кытаахтаан ыыппаттык ыбылы ылбыт этэ. Ону көрөн Кээмпэс кырдьаҕас “буккуһумаҥ” диэн буойбута. Сарсыныгар кыыстара толору киһи сибикитин ылынан, туох да буолбатаҕын курдук туран кэлбитэ уонна эбэтигэр тиийэн: “Эбээ, аччыктаатым, аһыахпын баҕардым”, — диэн үөрдүбүтэ. Кини балтын туһунан тугу да саҥарбат этэ, санаабат да курдуга.

Ити күнтэн ыла кыыс букатын атын киһи курдук буолбута. Кырдьык-хордьук оҥостон олорон, хатан куолаһынан киһи иэнэ кэдэҥниэх ыллаан куйуһутара. Дьон тугу кэпсэтэрин, тугу гынарын истэ-билэ сатаабат этэ. Ардыгар күнү- күннүктээн иһийэн сытара. Онтон түүнүн туран ханнык эрэ оҕону кытта оонньоон эрэр курдук өрө тилигирии сүүрэн дьонун куттуура. Сайынын тыаҕа, толооҥҥо сүтэн, араллаан бөҕөтүн тардара. Ордук сөбүлээн алаас уҥуор тыа саҕатыгар үүнэн адаарыйан турар аарыма тиит аллараа модьу лабаатыгар олорон, кыыллар саҥаларын үтүктэн араастаан куолаһырара. Кини хаһан даҕаны оҕолору кытта оонньообото. Мин атыммын, эһиэхэ туох да кыттыгаһым суох диэбиттии туора тутта сылдьара. Улаатан истэҕин аайы дьонтон тэйдэр тэйэн испитэ. Үгүстэр ыарыһах оҕо диэн аһына көрөллөрө.

Хабдьы сахаҕа дэҥҥэ үөскүүр кэрэ сэбэрэлээх кыыс буола улааппыта. Ымсыыра, таптыы да көрөөччүлэр элбээбиттэрэ. Ол эрээри сананан кэлбит дьон кыыс турулу маҥан хараҕын кыайан утары көрөн кэпсэппэккэ икки атахтарынан куоталлара. Кэлин, баҕар, биир эмэ санаатын сиппэккэ, кыһыйбыт-абарбыт киһи буолуохсут буолуо ынырык сураҕы ыыппыта: “Кучуй баҕадьы кыыһа, ол иһин туох аанньа буолуой, дьахтары дьахтар гыммыт оҕо төрөтөр буома суох үһү”, — диэн.

Дьэ, бу быйыл аҕыйах ыйтан бэттэх кыыс биллэ бэргээбитэ. Тугу да аһаабат, саҥарбат биир кэм күлүк курдук барыҥныы эрэ сылдьар буолбута. Арай биир түүн, куруук буоларын курдук, утуйар икки, утуйбат икки ардынан сытан, ханнык эрэ урут көрбөтөх сиригэр тиийбит этэ. Модьу тиит чыпчаалыгар тахсан, Аан дойдуну анаара көрөн турдаҕына, кини балаҕанын үөлэһиттэн аарыма улахан тимир хотоҕойдоох тыҥырахтаах көтөр көтөн тахсан, хоту халлаан туһунан туох эрэ ыараханы кытаахтаан күлүгүлдьүйэн ааста. Хабдьы тута, ити мин ийэ куппун ийэ кыылым кэлэн илдьэ барда дии санаата. Ол кыыл чыпчылҕан түгэнэ үс дойду силбэһэр бүүрүгэр тиийэн сараччы үүнэн турбут аарыма харыйа тохсус мутугар лаглас гына олоро түстэ. Хабдьы онно өйдөөн көрбүтэ, бу Аал Кудук мас үөһэттэн алларааҥҥа диэри лабааларыгар анал уйалар сараадыһан сыталлар эбит. Уйа аайы сымыыттаахтар. Хабдьы уйата иччитэ суох сыппыт буолан тымныы, хаҕыс курдуга. Онтон ийэ кыыл барахсан сылаас түүтүнэн угуттуу сытынан кэбиспитэ үчүгэйиэн эриэхсит. Хабдьы хаһан да маннык ис-иһиттэн ирбэтэҕин ирэн, сылаанньыйа сытыах буолан эрдэҕинэ сымыытын хаҕа тэһэ барда.

Инньэ гынарын кытта ийэ кыыла өрө даллаахтыы түһээт, сабырҕаҕыттан харбаан ылан, хоту халлаан хонноҕун аннын диэки көтүтэн күксүттэ. Кэҕийэ олорор Кэҕэлээх Кэхтийэ аартыгынан элиэтии көтөн, күүгэнинэн өрө үллэ сытар Муус Кудулу байҕалга аҕалан мүччү тутта. Хабдьы муҥу көрбүт кута үөгүлээбитинэн биирдэ уу түгэҕэр баар буола түстэ. Арай хараҕын аспыта, сытала суох улахан балыкка да майгыннаабат уу кыыллара устан сундулуһан кэлэн, илиитин-атаҕын тарбахтарын биир да суох гына быһыта ыстаталаан ыла-ыла сүтэн истилэр.

Хабдьы өлөр мөхсүүтүн мөхсө сыттаҕына, аттыгар чыпчаххайын туппутунан эбэтэ баар буола түстэ да, бокуойа суох уу кыылларын сабырҕаппытынан барда. Онтон балачча чуумпуруу буолла. Кини эбэтин кэннигэр сөрүөстэ сатыы сырыттаҕына, эмискэ буспатах балык миинин курдук хараҥа ууттан амырыын улахан сүүһүн ортотугар туоһахталаах сордоҥ баһа быган кэллэ. Сордоҥ кыыс төбөтүн бүтүннүү адаархай тиистэрдээх айаҕар уопта. Онуоха эбэтэ эргиллэ түһээт, чыпчаххайынан сүүскэ биэрэн кууһуннарда. Сордоҥ кыыһы төттөрү өҕүйээт, эмээхсин илиитин хабан ылла. Хабдьы көрөн турдаҕына, сарылаппытынан ыйыстан кэбистэ. Ол кэнниттэн улуу кыыл уоскуйан биир да кыылы чугаһаппакка, кыыһы эргийэ сундулуйа уста сырыттаҕына, Хабдьы сымса баҕайытык балык хадьыр хатырыктаах арҕаһыгар хатана түстэ. Суос-соҕотохто сордоҥун мииммитинэн байҕал муус кытылыгар биирдэ баар буола түстэ. Өйдөөн көрбүтэ, сордоҥо сөмүйэ эрэ саҕа буолан мууска өрө лаһыгырыы сытар эбит. Хабдьы куоттарымаары, ойон тиийэн салыҥнаах балыгы ньылбырыҥнаппытынан ыйыстан кэбистэ.

Кэтэһэн олорбут ийэ кыыла сооҕургуу түһээт, эмиэ сабырҕалыттан харбаан өрө көтүттэ. Хааннаах айахтарынан хабыалаһа олорор хаан аартык устун күлүгүлдьүйэ көтөн, Өлүү Чөркөчүөк муҥуругар тиийэн биэтэҥнии ыйанан турар тимир биһиккэ быраҕаат, сүтэн хаалла.

Дьэ, доҕоттоор, манна баар эбит өй-мэйдээх тулуйбат орута-сарыта. Биһик аайы бииртэн биир бэлэстээх бэбээрэ ытаабыт бэки хара дойдулара диэн бу буолар эбит. Туоһахталаах сордоҥ аттаах Хабдьы барахсан хам аччыктаабытын дьэ биллэ. Чуумпуран ким эмэ кэлээрэй диэн кэтэһэ сытта. Ким да кэлэн быстыа суох. Ыйыстыбыт сордоҥо куртаҕар өрө мөхсөн, сытыы тииһинэн быһыта кэбийтэлээн барда. Тулуйарыттан ааһан, хааннаах харах уутунан ытаан тоҕо барда. Онуоха балачча буолан баран собо айаҕын курдук оппоҥнуу сылдьар соҕотох харахтаах, эриллэ үүммүт соролообут бэс умнаһын курдук соҕотох атахтаах, түөһүн тылыттан үүнэн тахсыбыт муҥур тиит модьу лабаатын курдук ууна сылдьар илиилээх, куохалыктана эргичиҥнээбит эмээхсин кылыыҥкайдаан тахсан, уһун илиитин уунан эрбэҕин ытыы сытар кукка айаҕар батары анньарын кытта оҕо барахсан хааннаах сөлөгөйү омуннаах үлүгэрдик супту эмэн барда. Иһэ тотон истэҕин аайы икки хонноҕун анныттан икки ириҥэ дабыдаллар өрө үүнэн таҕыстылар. Субу көтөн барыах курдук даллаахтыы олордоҕуна ииппит ийэтэ иэмэс-дьаамас туттаат, алҕаан амалыйан барда:

  1.  Иһиликпин-таһылыкпын, иэхэйикпин-чуохайыкпын... Дьэ дуо, биэбэйим оҕотоо... Икки сэгэй кулгааххынан истэн сэргэҕэлээ, долоҕойгор хоннорон эппит тылбын истэ сыт... Тус илинтэн тутулуктаах, туллаҥнаабат тускуллаах, сордоҥ балык миҥэлээх, илбиһирэ иҥэрсийэ сытар илбистээх тыллаах айыы намыһын удаҕана Туоһахталаах диэн ортотунан курдаммыт урааҥхай саха киһитин инникитин илбийэр, кэнникитин кэһиилиир улуу хотуна буолуоҥ. Ханаһыйа хаампыт сиргэр хампа күөх халыйдын, томтоһуйа туойбут сиргэр торҕо буруо унаардын, илбийэн ааспыт тиэргэниҥ иччинэн туоллун, саталаахтык саҥарбыт саҥаҥ саргыны салайдын, уруйуҥ улааттын, айхалыҥ айаатаатын! Этэр тылыҥ аайы Бүргэстэй удаҕан ийэҕин умнар эрэ буолаайаҕын, амтаннааҕы эрэ аһаатаргын ааппын ааттаан айах тутаар, — диэн амалыйа туойа хаалла.

Туоһахталаах удаҕан аһын иҥэринэн, аатын анатан, кыра бэйэтэ ыараан, ийэ кыылыгар арыычча көтөхтөрөн көтөн күксүйэн истэ.

Биирдэ өйдөммүтэ, Орто тэгил дойдутугар уҥан таала сытар эбит. Барык-сарык буолбут. Ийэ кыыла аарыма тиит мас аллараа лабаатыгар араас куолаһынан аан дойду абааһыларын чаҥыргыы ыҥыран, сохсоллон олорор эбит.

Дьэ, доҕоттоор, ону эрэ күүтэн турбут курдук илэ тыллаах ситэн дьүһүннээбэт эҥинэ-бэйэлээх абааһылара, иччилэрэ, үөрдэрэ тоҕо кутуллан кэлбэттэр дуо? Хааҥҥа халаатааччы, инчэҕэйгэ иҥээҥнээччи хастара-хаччалара биллибэт буоллулар. Бастатан туран эттэнээччи моойдоох баһын быһа охсон ылан куруҥ маска батары астылар. Туоһахталаах өллүм дии санаабыта атын буолла, маска анньыллыбыт баһа, хата, атын үлүгэрдик барытын кэтээн көрө турда.

Бу кэнниттэн үс дойду иччилэрэ аадаҥнаһан тахсан кыыс үрдүгэр түөрэх кэбистилэр. Онтукалара эргичийэн- курбачыйан баран олоро түстэ. Инньэ гынарын кытта бары салаатын арааран, сүһүөхтэринэн үллэрэн, сиэн силиктээн бардылар. Арай ый-хай буолбутугар көрө түспүтэ, дьарҕа ыарыытын абааһыта туохха да тииһиммэккэ хаһыытаан- ыһыытаан аҕай эрэр эбит. Онуоха ийэ кыыла чаҥыргыы түһэн баран өрө сапсыммытыгар эттэнээччи эһэтин кута кулахачыйан кэлэн иннигэр таралыс гынна. Ону күүтэн турбут курдук дьарҕа абааһыта үрдүгэр түһэн сиэн силиктээн барда.

Ол кэнниттэн үс дойду иччилэрин улуу баһылыктара баҕыырдаах тимир тордуоҕунан кыыс этин-сиинин тоҕута тыытан ыла-ыла, хас биирдии ыарыыны-сүтүүнү ааттыы- ааттыы ый ыһыаҕын ыһан, аһатан-сиэтэн бардылар. Эттэнээччи этэ-сиинэ тиийбэтэх иччилэрэ өрө сарылыы түстэллэр эрэ, ийэ кыыл аймахтарын-урууларын толук туттан истэ. Аҥардас хаана эрэ хаалбытын баһа-баһа түөрт өлүү төрдүлэригэр туһаайан ыстылар. Сүрүн өттүлэрэ сиэн-аһаан буорчахха бары тиксэн, астынан тарҕаһан бардылар. Үс дойду улуу иччилэрин баһылыктара ыһыллыбыт этин-сиинин биир да кырадаһыны хаалларбакка хомуйан, хам тутан холбооттоотулар. Баһын уҥуоҕун самсаатылар уонна кэлбиттэрин курдук сүттүлэр. Туоһахталаах хараҕын аспыта, туох барыта сырдаабыкка, ырааһырбыкка дылы буолбут. Кинини баараҕай тиит мас анныгар маҥан сылгы тириитигэр сытыарбыттар. Кээмпэс кырдьаҕас сирин-дойдутун алҕаан, үрүҥ илгэнэн ыһыахтана турар эбит.

  1.  Дьэ, кукаам, силигиҥ ситиэ өссө да эрдэ, миигин батыс. Аны уһулларыҥ хаалла. Онуоха Көмүс Дьирбиит хайатыгар айанныах тустаахпыт. Ол хайа чыпчаалыттан өлүү-сүтүү, ыарыы-куолдьуу төрдүгэр тиийэр айанын төрдүлэрин ыйыам. Онно тиийэрбитигэр Өлүү харгытын туоруохтаахпыт, онон күүскүн-күдэххин харыстан, — диэн баран, сэлэлээн турар аньыыта-харата суох эдэркээн бэйэлээх уолаттарга, кыргыттарга кэҕис гынна.

Оҕолор маска ыйанан турбут муус-маҥан удаҕан арбаҕаһын кыаһаанын кылыгыраппытынан аҕалан кэтэрдэ оҕустулар. Үс салаалаах үүт-үрүҥ сылгы кыла дэйбиирин туттардылар. Туоһахталаах маннык симэнээт, хайдах эрэ кыталык кыыл буолбут курдук сананна да, биирдэ даллах гынаат, өрө көттө. Кинилэр иккиэн наҕыл соҕустук кэпсэтэ- кэпсэтэ дүҥүр тыаһын тэтиминэн сиэлэн истилэр. Туоһахталаах хаһан да харахтаабатах иирбэ-таарба суолунан чэпчэки-чэпчэкитик дугунан, үөрэ-көтө кырдьаҕаһын кэнниттэн саппай уопсан иһэн, тугу кэпсиирин сыыска-буорга түһэрбэккэ иҥэринэн истэ.

Сотору соҕус суол төрдө элбээн, хайа ыарыыга ханан айанныахтааҕын араарбат буолан барда. Кырдьаҕаһа күлэн ыгдаҥнаата уонна: “Буолааччы, антах тиийдэхпитинэ барыта ытыска уурбут курдук ырылыйан тахсыа”, — диэн уоскутта. Эмискэ иннилэригэр этиҥ этэн лүһүгүрээтэ, чаҕылҕан кылыс биитинии чаҕылыҥныыра ыраахтан сардырҕаан көһүннэ.

  1.  Чугаһаатыбыт. Харгыны туоруургар өлүү уутун тохтотор быһыт быһыахтааххын. Онуоха урууларыҥ-аймахтарыҥ толук буолан эрэ абырыахтара. Эн кинилэри аһыйыма, кэлин дьоҥҥор-сэргэҕэр уон оччонон төлүөҥ. Быһыт быһарга сүөһү-сылгы туһата суох. Киһи эрэ бүөлүү түһэр кыахтаах. Онтон атыны санаан, уһуну толкуйдаан бэйэҕин былдьатаайаҕын, дьоҥҥун да таах эстэрээйэҕин. Төттөрү сананар буоллаххына — эрдэ-сылла эрэй элбии илигинэ төннүөх... — диэн баран, кырдьаҕас эргэлээх хараҕын кыыска туһаайда.
  2.  Улуу кырдьаҕаһыам, мин бэлэм буолан эн тилэххин хоҥнордоҕум дии, төннүөм кэриэтэ төбөм унуоҕа төкүнүйдүн, — Туоһахталаах толкуйдуу да барбакка, сып-сырдык харахтарынан утары көрүллүбэтэх эргэлээх хараҕы супту көрөн туран хардарда.
  3.  Оо, ол иһин Улуу Суорун аҕам сөпкө да сүбэлээбит эбит, — кырдьаҕас үөрэн сэгэс гынна уонна иннин хоту түһүнэн кэбистэ.

Чыпчылыйыах түгэнэ сүллэр этиҥ лүҥсүйбүт, сүлүһүн илбис дугуйдаммыт, сааллар чаҕылҕан сатыылаабыт, хара хаанынан харылыы оргуйбут Өлүү төрдүн сүүрэр тымырын хабыллар хаба ортото буолбут улуу харгыга кэтиллэ түстүлэр. Харгы устун тимирэ-тимирэ күөрэйэн, аата-ахсаана биллибэт дьон кута өлөр икки, тиллэр икки улуу мөккүөрүн мөккүһэ устан ааһыталаатылар. Кээмпэс кырдьаҕас урут эттэнэригэр бэйэтэ туппут быһытынан сэрэнэн үктэнэн, харгы ортотугар тиийэн иһэн, Туоһахталааҕы илиитинэн далбаатаан ыҥырда. Кыыс тугу гыныан булбакка хараҕын харгыттан араарбакка таалан турдаҕына, иннигэр таайа оҕонньор кэлэн “күр” гына түстэ. Кини уһуну толкуйдуур кутталлааҕын санаан, таайыттан үктэнэн балачча сыҕарыйда. Аймахтарын ааҕа санаан аһыйыах курдук буолан эрдэҕинэ, тирэнэн турбут таайын көхсө тимирэн киирэн барда. Туоһахталаах харса суох биир-биир аймахтарын-урууларын ааттаталаан истэҕин аайы ааттаппыт дьоно кэлэн иннигэр түһэн истилэр. Кытыыга чугаһаан истэҕин аайы ааттыыр да дьоно баранан бардылар. Ыксаата. Эмиэ тимирэн барда. Хайыыр да кыаҕыттан тахсан, тохсус киһинэн аҕатын Кучуйу ыҥырда. Тута аҕата муҥнаах күөн түөһүнэн харгыны бүөлүү түстэ. Кыыс биирдэ кытыыга баар буолла. Күүһэ- күдэҕэ эстэн сыыллан тахсан, Кээмпэһин көрбүтэ, кырдьаҕаһын кырылас уҥуох быһыта көөрөттөн сууллан түстэ да, устан күрүлүү турда. Ити аата аны Кээмпэс кырдьаҕас төннөр суола сотулуннаҕа.

Туоһахталаах урууларын-аймахтарын аһыйан, хараҕын уутунан сууна-сууна Кээмпэс кырдьаҕас кэнниттэн тилэх баттаһа айаннаан истэ. Хайа тэллэҕэр кэлэн сынньаныах курдук буолан эрдэхтэринэ, хойуу хардаҥ отунан саба үүммүт сыгынах кэнниттэн сир түгэҕиттэн туох эрэ ынырык саҥа ньирилээн иһиллэрин кытта иккиэн ойон турдулар. Эмискэ сыгынах өрө үллэ түстэ да, сытала суох улахан моойугар мойбордоох хардаҥ эһэ адаарыс гынна. Икки баппаҕайынан кырыктаахтык сымара тааһы сабаамахтаата. Ыыс-араҕас аһыытын килэппитинэн Туоһахталаахха саба түһэн эрдэҕинэ хантан кэлбитэ биллибэккэ аарыма буур тайах баар буола түстэ да, икки илин атахтарынан харса суох эһэни табыйбытынан барда. Кыам кыргыһыы үгэннээн турдаҕына, хайа тэллэҕиттэн кырымахтаах түүлээх сур бөрө сүүрэн суллукуччуйан кэлэн эһэ сабырҕаҕыгар иилистэ түстэ. Эһэ часкыйа-часкыйа оту маһы кулаабытынан аллара диэки төкүнүйдэ. Сотору соҕус аллараттан эһэ хотторон, кыһыйан-абаран суланар часкыыра дуорайбахтаан ааста.

Кээмпэс кырдьаҕас Туоһахталаах диэки кыайбыт-хоппут киһи быһыытынан диэличчи көрө-көрө:

  1.  Ити буур эн ийэ кыылыҥ буоларын таайдыҥ ини. Онтон Мойбордоох — Куора ойуун кыыла. Бу сырыыга иккиэ буоламмыт хоттубут курдук. Ити мин ийэ кыылым тиһэх төгүлүн көстөн ааста. Кытаат, мин күнүм саҕахха түһэрэ тирээн, кэтии турар. Тиэтэйиэх, — диэн баран, чэпчэкитик сэгэйэн айаннаабытынан барда.

Көмүс Дьирбиит хайатын дабайан истэхтэрин аайы күн сылама сөрүүкээн истэ. Сотору муус-хаар илбийиитэ күүһүрэн, айанньыттарбыт бэрт эрэйинэн иннилэрин диэки сыҕарыйар буоллулар. Кээмпэс кырдьаҕас тохтоон, Туоһахталаахха туһаайан:

  1.  Бу Муус Кутаамай дойдутугар үгүстэр мунан атах-балай баран быстарааччылар. Манна ыйар ымыыҥ — оол турар Чолбон Сулус буолар. Куруук кини хоту тутустаххына суолгун көннөрөҕүн. Бу улуу дойду хоту өттүн тутустаххына иирэр өлүү, уҥар ыарыылар төрдүлэрин булар аартыккын тобулаҕын. Арҕаа өттүгэр сүһүрэр ыарыылар төрдүлэрэ дугуйданааччылар. Илин өттүгэр таарымта, охсор охсубут, тумуу, сөтөл, онтон да атын ыарыылар иччилэрэ хорҕойооччулар. Соҕуруу өттүн тутустаххына аҕылыыр, бопторор ыарыы араастарын абааһылара арҕахтанар сирдэригэр тиийиэхтээххин. Мин илин уонна соҕуруу эрэ аартыктарга айанныыр аналлаах этим, онтон эн ыырыҥ киэҥ, айаныҥ аартыктара барыта кэриэтэ аһаҕастар, — Кээмпэс кырдьаҕас айанын кубулуппакка эрэ былаайаҕынан ыйан көрдөрө истэ.

Сотору соҕус Туоһахталаах атаҕа кырылас тааска үктэммитин биллэ. Иккиэн киксибит курдук тэҥҥэ өрө битиһэ түстүлэр. Үктэнээри гыннахтарына атахтарын тиҥилэҕин кыһыл чоххо үктэммит курдук уотунан хаарыйбахтыыр буруолуу сытар таастаах дойду буолла. Иккиэн кэтэхтэрин чыначчы туттан, тобуктарын түөстэригэр диэри өрүтэ тардан өрө битиһэн истилэр. Кырдьаҕас дүҥүрүн тыаһын лүҥсүүрэ күүһүрдэҕин аайы, тэтимнэрэ түргэтээн истэ. Сотору сиртэн аҕыйахта тирэнэр буоллулар. Туоһахталаах үс салаалаах дэйбиирин иннин диэки өрө уунан сапсыннаҕын аайы салгын өрө үтэн таһаарара күүһүрэн истэ. Хайа хайысхаҕа тутан араастаан сапсыннаҕына ордук чэпчэкитик көтөрүн булан, кэлин олох да сиргэ үктэммэт буолла.

Өр-өтөр буолбатылар, чээлэй күөҕүнэн бүрүллүбүт хайа чыпчаалыгар үктэннилэр. Туоһахталаах иһиттэҕинэ, манна үүнэн турар от-мас бүтүннүү сибигинэһэ-хобугунаһа, күлсэ-салса тураллар эбит. Кыыс дьиктиргээбиттии көрүөлүүрүн билэн кырдьаҕаһа мичик аллайда:

  1.  Хайа, тоҕойуом, дойдуҥ уруйдуу көрсүбүтүн дьиктиргии тураҕын дуу? Эн бу күнтэн ылата тулалыыр от-мас, көтөр-сүүрэр саҥаларын, атын харах-кулгаах көрбөтүн- истибэтин көрөр-истэр кыахтаныаҥ. Онуоха уһуллаары манна тахсан турдахпыт. Билигин төһө да барытын истэр курдугуҥ иһин уһуйуута суох тугу да өйдөөн-дьүүллээн истиэҥ суоҕа. Дьэ, билигин сынньаныах. Сарсын күн оол турар үрдүк тиит чыпчаалын таарыйыыта саҕалыахпыт. Ый үстэ туолуута ситэн-хотон Орто тэгил дойдугар төннүөҥ.

*   *   *

Үс кырыылаах түгэҕэ көстүбэт дириҥ чүөмпэ курдук иччилээх харахтарынан уот иннигэр аргынньахтаан олорор эдэр киһи булка саба түһээри сытар моҕой курдук чабычахтаах ууну одуулуу олордо. Онтон соҕотохто балаҕан өһүөтэ титирэстиэр диэри эҕэлээхтик күлэн алларастгаат, биллэрик ороҥҥо ойуун арбаҕаһын тигэ олорор бүдүгүрэ кырдьыбыт абааһы кыыһа моһуоннаах эмээхсиҥҥэ эргиллэ түстэ:

  1.  Бөлүүн Туоһахталаах кутун уора тиийбиппин, ити сыыҥын-сыраанын кыаммат буолбут түөһээҥки Кээмпэс кырдьаҕас бүөлүү түһэн мүччү харбатта. Дьэ, улуу хапсык Орто дойдуну баһылыыр ыйааҕын ити ириҥэ табыталынан бүөлэтиэхпит диэн бэркэ биэбэйдэһэн эрэллэр даа, мин бэйэлээх кырыыстаах кылыһым анньыллыбыт тэргэнин бука саба туппаттара буолуо...

Чааҕа уолун диэки аҥаар хараҕынан астыммыттыы имэрийэ көрөн ылла уонна куолайынан кулдьугуруу күллэ, дьиппиэнник:

  1.  Оннук, эн оҥоһууҥ үрдүк, ыйааҕыҥ ыарахан. Мин илбийбит санаабын ситиспэккэ сиртэн төннүөҥ суоҕа. Эн сиикэй эт сэймэгин, ый ыһыаҕын ыһаргын көрбөккө төннүөм кэриэтэ үөр буолан илэ сүүрэ сылдьыам. Туох гынаары улуу Куора ойуун биһигин көтөхпүппүнүй? Үөрт-көтүт, хааҥҥа хабыалат. Кинилэр даҕаны тулаайах туймуутун биллиннэр, харах уутун аһыы амтанын амсайдыннар, соҕотохсуйуу сорун көрдүннэр, атаҕастаныы тугу төрөтөрүн өйдөөтүннэр, — диэн, Чааҕа сыарҕа кыыкырдыырын курдук кыыбыргыы саҥарда. Кини өспүт өлүөр хараҕа өс-саас ситиһэр кэмэ кэлбитин билэн, күөх төлөнүнэн килбэҥнээн ыла-ыла дьаҕырыйа былаан киксэрэ олордо.
  2.  Ийээ, били, хатыҥ субатын курдук туналы маҥан кыыс эмиэ мин түүлбэр көстөн көөчүктэнэн ааста. Ити ким бэйэлээх буолуой? Кини дьүһүнэ хаһан да ойууламмат, биир кэм ыраахтан ымсыырдар, ыҥырар эрэ.
  3.  Ол өлүү эйиигин оҕо эрдэххиттэн эккирэтэ сылдьар. Эн кини айатыгар киирэн эрэ биэрбэтэргин. Өйгүттэн бырах, үүр, кыраа, таный, оччоҕо тэйиэ, — диэн баран сулбу ойон туран, ойуун сыгынньах көхсүгэр арбаҕаһын саба бырахта.

Иккиэн таһырдьа тахсан, тыа саҕатыгар турар аарыма кэрэххэ баайыллыбыт көҕөччөр оҕуска тиийдилэр. Куора тэһииргээбит атыыр курдук кыыран дьалыһыйа-дьалыһыйа оҕустаах кэрэҕи күөнүнэн күрүөлүү үс төгүл эргийдэ. Бу кэмҥэ Чааҕа оҕус икки муоһун турута охсон ылан, өрө тыга сылдьар хааҥҥа тоһуйда. Онтон биирин ойууҥҥа иһэртэ. Иккиһин сирэйигэр саба ыста. Куора өйүттэн тахсар турукка киирбитин кэннэ түөһүгэр ооҕуй курдук хатана түстэ. Өрө хантайан хоохтуу-хоохтуу үс төгүл бэлэһигэр силлээтэ. Онуоха биирэ хабарҕатын харбаммытынан хардьыгыныы- хардьыгыныы сууллан түстэ. Иҥиир ситиитин таттаран чинэккэлии сытта. Эмээхсин үөс-батааска биэрбэккэ, сытыы кылыһынан оҕус хабарҕатын хайа сотто. Ону тэҥэ баайыллан турбут быатын төлө тарта. Оҕус кыһыл хаанынан өрө уһуутуу-уһуутуу сиргэ төкүнүҥнүү сылдьар Куораны үрдүнэн ойон иһэн хара быарынан самаҕын баттыы умса хоруйда. Оҕус тыга сылдьар хаана ойуун айаҕар түбэстэ. Куора чачайа-чачайа хаанынан суунна. Чааҕа кыылга да, киһиэхэ да майгыннаабат ынырык хаһыыны түһэрэн тула эккирии сылдьан:

  1.  Мин охсор илиим, тэбэр мохсоҕолум, ыытар ытым! Орто туруу дойдуну ортотунан хааман оһолу олохтоо, илбиһи иччилээ. Киҥ-татыа уолум! Киһи аймах кистэлэҥ киҥин, кирин-хоҕун тиэрэн, кирдиргэччи кирэр айылгыҥ аартыга аһылынна. Айаннаа! Көт! Көҥүл көччүй! — диэн алҕаатаҕа буолла.

Бу кэнниттэн Куора ойуун үс түүннээх күнү мэлдьи амырыын айаныгар турунаары кырыыс тардан, кыыран өрө илгиһиннэ.

Туох-ханнык иннинэ, хара маҥаас суор буолан, удьуордарын — Элиэлээх Даллалар түөлбэлэрин өҥөйдө.

Ийэлээх аҕатын сүтэриэҕиттэн тулаайахсыйбыт балаҕаныгар Мыыр тирии кыһыахтыы олордоҕуна үөлэһинэн хатан үлүгэрдик суор хоохтоото. Кини барыйан кэлбит хараҥаны сырдатаары ыһыырынньыгын уматтан, тулатын сырдатан көрдө. Арай уҥа сандалытыгар суор сохсоллон олорор эбит. Итэҕэйбэтэхтии ыһыырынньыгын ол диэки туһаайан, хараҕын симириктии-симириктии чугаһатта. Кэриэрдиллибит хара тирии таҥастаах, муус-маҥан сирэйдээх, уһун бураллыбыт астаах эдэр киһи олорор эбит. Мыыр бу кэлбит киһи хантан баар буолан хаалла дии санаата.

  1.  Аҕаа, бу мин, эн төрөппүт уолуҥ илэ бодобунан кэлэн олоробун, — диэн, били, ыалдьыта сүр истиҥник саҥарда.
  2.  Тыый, туох даа... — Мыыр, туту да булан эппэккэ, тэпсэҥнээн ылла.
  3.  Сүүрбэччэ сыллааҕыта эһиги төрөтөн баран, көҥүл- босхо ыыппыт уол оҕоҕут муҥнаах төрөөбүт төрүт буорбар төннөн кэлэн, эһигини көрөрдөөх буолбуппуттан дьоллоно олоробун, — диэтэ соһуччу ыалдьыт.

Эмискэ хаҥас диэки дьахтар кыланаат, сууллар тыаһа иһилиннэ. Мыыр онно ыстанна. Саары ити кэпсэтиини истэ туран сүрэҕэр ыттаран, уҥан түспүт эбит.

Хара киһи олорбут сириттэн харыс да хамсаабакка:

  1.  Ити ийэм муҥнаах буоллаҕа, — диэтэ тымныытык.

Мыырдаах Саары өйөһөн-убаһан уҥа диэки кэллилэр.

Ыалдьыттарын оонньуу-күлүү оҥостор дуу диэбиттии чинчилии көрөн турдулар. Хара чоҕунан соппут курдук хойуу хаастаах, тимиччи көрбүт үс муннуктуу харахтаах, кырыылаах үрдүк хоҥуруулаах, быһа ньимийбит чараас уостаах, суптугур дьахтардыы нарын сэҥийэлээх, тураҥ мууһун курдук кубаҕай субалаах, дьикти атын эрээри абылаҥнаах тардыылаах киһи оонньоон тылласпата тымныы сирэйигэр итэҕэтэрдии суруллан олороро.

Саары салыбырас буолбут илиитин иннигэр уунан иһэн, сирэйин саба туттаат, тобуктуу түстэ:

  1.  Оо, бу аньыыбыан... Оҕом сыыһа... Ол да иһин сүрэҕим куруук таайара, — ийэ барахсан оҕотун билбэтэ кэлиэ дуо? Биллэ эрээри бэйэтин буруйданан сирдээн да тимириэн, халлааннаан да көтүөн билбэккэ ытаан сыҥсыйан барда.
  2.  Тоойуом, биһиги ыар буруйу ындыыламмыт дьон тугу гынан толуйарбытын тобулан кулу... — Мыыр уолтан хараҕын араарбакка, буруйдаах оҕо курдук туттан туран, тыл ыһыгынна. Итиэннэ сыыһа дуу, сөпкө дуу саҥардым буолла дии санаата.

Куора тугу да саҥарбакка туран уот иннигэр кэллэ. Онтон эмискэ эргиллэ түһээт, иккиэннэрин бэйэтигэр эпсэри тардан кууһан ылла. Мыырдаах Саары туох да хос санаата суох бас бэринэн, үөрэн харахтарын уутунан сууна турдулар.

Куора ийэлээх аҕатын булбута үһүс ыйыгар барда. Бу былаһын тухары төрөппүттэрин маанытыгар-далбарыгар сырытта. Кини туох быһыылаах-майгылаах киһи буоларын дьон таайдар, биллэр да, кумуччу харбаабыт куттал көрөр харахтарын бүөлүүрэ, этэр тылларын кэлэҕэйдэтэрэ.

Сотору кэминэн Дүрбүөннээх ыалларын уу долгураҥ олохторо атыйахтаах уу курдук аймаммытынан барда. Хас ыал аайы маҥаас суор хааннаах тумсун уган хаһыытата ытатта. Көстүбүтүн үһүс күнүгэр чугас аймахтара ыал уон алталаах кыыстара эмньик куоппут ньирэйин хомуйа сыһыыга тахсан баран сураҕа суох сүттэ. Дьоно көрдүү сатаан баран, уҥуоҕун кырамтатын да булбакка, таах сыһыыга сырыстылар.

Биир аймахтара уол ууга былдьанна. Эһэтин балта эмээхсин титиигэр тахсан баран харааччы иирэн, үүтүн кутуйах ороҕор кута турарын буллулар. Чугас таайа ат айааһыы сылдьан, хара быарын быһа тэптэрэн суорума суолланна. Ити аайы Куора кыаҕыран, күүһүрэн, түүтэ-өҥө тупсан истэ. Аны уһун ырбаахылааҕы сүгүн аһарбатынан аатырда. Бу тухары уу-чуумпутук олорбут ыал ийэлэригэр тиийэ кини абылаҥар ылларан харааччы иирдилэр. Кыыс оҕо барыта кистии-саба кини эрэ туһунан сипсиһэр буоллулар. Талбыт дьахтарын тала сылдьан тэбистэ, саакка-суукка ыытта. Ыал- ыал олоҕо барыта сатараата. Ыксаан, муннукка ыктаран, эр дьон бары мустан буруйдааҕы, Мыыры, булан ыган- түүрэн уолун илдьэ бу дойдуттан дьүгэлийэригэр эттилэр.

Саары уйан дууһата ити үлүгэр амырыын аймалҕаны кыайан уйар кыаҕыттан таҕыста. Киэһэ аайы ханна эрэ сүтэр уола тугунан дьарыктанарын эт хараҕынан көрөн итэҕэйэргэ сананна. Кини иһигэр бу быһылааннарга Куора буруйдааҕа буолуо дии санаабат этэ. Ийэ барахсан хаһан баҕарар буоларын курдук тиһэҕэр тиийэ оҕотун итэҕэйэрэ.

Саары дьон барыта утуйуор диэри уотун иннигэр иистэммитэ буола олордо. Ол эрээри кинини туох эрэ биллибэт күүс нуктатан барда. Балаҕан халҕана “лип” гына сабыллыбыт тыаһыттан оройго оҕустарбыт курдук уһукта биэрдэ. Уола сытар оронун диэки кылап гынан көрөн ылбыта, онно эрэ оҥойон сытар эбит. Дьахтар таһырдьа ойдо. Күһүҥҥү ыйдаҥалаах түүн сөрүүн тыалынан тугу эрэ сэрэтэрдии иэдэскэ үрэн сирилэтэ тоһуйда. Саары Куора сөбүлээн сөрүөстэр сирэ алааска тумустуу анньыллан киирбит тумулга үүнэн туран аарыма тиит мас буоларын билэрэ. Төһө да куттаннар, ол сир диэки улам күүһүрэн эрэр тыалы утары хаамта.

Бу тумулга былыргыттан Дүрбүөннээх алааһын аҕа баһылык дьонноро көмүллэр сирдэрэ этэ. Дуурайдаах Далла чардааттара эмиэ манна тураллара. Саары этэ тарда-тарда чардааттар күлүктэринэн хаххаланан, аарыма тииккэ чугаһаан эрдэҕинэ адьас аттыгар сүр ынырыктык суор хоохтоото. Дьахтар ньыкыс гынан хаптайда.

Сотору ойуун кыырар дорҕооно тыал курдук охсуллан ааста. Саары тыас хоту сыылынна. Балачча чугаһаан ый толоонунан ыйдаҥардан көрбүтэ: маҥнай, тиит кумалааныттан туох эрэ хара буруо курдук устан таҕыста. Онтон буруо сиргэ чугаһаатаҕын аайы киэбэр киирэн, ыас хара, сүүнэ улахан ыкка кубулуйда. Ыт ый диэки хантайан олорон, сүр иччилээхтик улуйан онолутта. Сытырҕалаан хантаарыҥнаат, арҕаа ыаллар балаҕаннарын диэки сүүрэн сундулуйа турда. Ойуун кутурара биир кэм тэтимҥэ киирдэ. Күөс быстыҥа туох да биллибэтэ.

Саары хараҕын арҕаа ыаллартан араарбакка маныы сытта. Арай биир түгэҥҥэ ол ыал үөлэстэриттэн туох эрэ буруо курдук туналыйан тахсаат, аргыый аҕай тумул диэки сыҕарыйда. Өр-өтөр буолбата, аймахтара ыал Ордуос диэн саас ортолоох ыал буолбакка сылдьар уолларын кута утуйдаутуйбутунан талбаара устан кэлэн, тиит аттыгар сиргэ түстэ. Эмискэ хантан да кэлбитэ биллибэккэ, били, ыт баар буола түстэ да, Ордуос кутун үрдүгэр саба ахчайан турунан кэбистэ. Итиэннэ ыыс-араҕас аһыытын килэтэн ырдьыгынаата да, уол хабарҕатыгар түстэ. Ытарча курдук ыбылы ыстаабытынан үрдүгэр сытынан кэбистэ. Онуоха Ордуос аппыт айаҕыттан төп-төгүрүк уот сардаҥата күлүбүрүү умайбытынан сулбу ойон тахсаат, тобуктуу түспүт Куора ойуун айаҕар киирэн хаалла.

Саары онно өйдөөн көрбүтэ, бу кини уола буолбатах, олох атын былыргы үйэтинээҕи мырчыста хаппыт сирэйдээх оҕонньор чаан олгуйун саҕа баһын булкуйан куоҕаҥныы олорор эбит. Дьахтар кутталыттан өрө сарылыы түһээт, балаҕанын диэки тэбиннэ. Иһигэр биир эрэ санаа баара: “Кини — мин оҕом буолбатах, абааһы, сибиэн... киэр... киэр... Мыыры сэрэтиэххэ”, — диэн этэ.

Куора ойуун тура эккирээтэ. Кини биир да тымырын аһынар санаа таарыйбыта биллибэтэ. Илиитинэн ытын киксэрэн даллах гынна. Ыт ону эрэ кэтэһэн турбут курдук дьахтар кэнниттэн ыппыт охтуу түһүннэ. Саары сүүрэн иһэн кэннин хайыспыта, чох курдук кып-кыһыл харахтаах хара ыт үрдүгэр ыстанан эрэрэ.

Сарсыныгар Саары төбөтө суох көхсүн эрэ тумул анныттан булбуттара. Онтон Ордуос икки күн суорҕаннаах тэллэххэ сытан тыына быстыбыта.

*   *   *

  1.  Бөлүүн түүн түһээн эбитэ дуу, илэ эбитэ дуу, эмиэ били кыыһы сырса сатаатым да, ситтэриэх быһыыта суох.
  2.  Ол кимий, тоҕойуом? — Мыыр уолун диэки куттаммыттыы көрөн олорон ыйытта.
  3.  Мин оҕо сааспыттан түүлүм иччитэ, ый толоонун курдук ыраас, уу долгунун курдук намыын, тыал курдук түргэн санаам ырата миигин батыһа сылдьар. Кини биһиги айыы уонна абааһы курдук олус атыммыт, — Куора суон тиит төрдүгэр олорон, санаарҕаабыттыы ырааҕы одуулаата.
  4.  Чэ, тоҕойуом, хонукпутугар былыргыта мин убайым кэриэтэ саныыр киһим Кучуй ордуутун булуох этибит. Ол барахсаттар төрдүттэн эстэн, өтөхтөрүн төҥүргэһэ эрэ хаалбыт буолуохтаах. Кэлин онно үктэммит да суох, — диэн Мыыр туран, иннин диэки дьүккүйбүтүнэн барда.
  5.  Туоһахталаах удаҕан уйаланан улааппыт ыырын ама ким билбэт буолуой, мин онно таарыйыахпын куруук саныыр этим. Кини күүһүн сөллөр утаҕа онно ыйыллан турар буолуохтаах...
  6.  Эн кинини хантан билэҕин? Ким кэпсээбитэй? — Мыыр тохтуу түһэн уолугар эргиллээт, этэ салаһан кэннинэн чинэриҥнээтэ.

Куора үс муннуктуу хараҕа хаанынан туолан, дьүһүнэ былыргы үйэтинээҕи оҕонньор сирэйинии мырчыстан аҕатыгар ынан кэллэ уонна суостаахтык:

  1.  Мин Куора ойуун буоларбын умнума. Туоһахталаах мин куппун супту оборорго ананан айыллыбыт моҕой буолан, хара быарым үрдүгэр күөлэһийэ сытарын хайаан билбэт буолуомуй? Чэ, сирдээ...

Мыыр тиэтэйэ-саарайа иннин диэки хаампытынан барда.

Номнуо өтөхсүйбүт Кучуйдаах балаҕаннарыгар киирээт, Куора уот ортотугар түбэспит суор курдук өрө кулахачыйа түстэ уонна таһырдьаны былдьаста. Мыыр уола сороҕор киниэхэ чугас курдук буоларын, онтон ардыгар олох атын киһи киэбин ылынарын биллэр да, онно бэйэтэ төрөппүт буруйдааҕын билинэр буолан кини тугу тыынарынан сылдьаахтыыра. Саарыта суорума суолланыан иннинэ куруук “оҕобут буоллаҕа, хара аньыыбытын тиһэҕэр диэри сүгэрбитигэр тиийэбит” диирэ. Онон туох да буолтун иһин, уолун аҕа быһыытынан араҥаччылыыр санаалааҕа. Хайа, баҕар, хаһан эрэ кини да киһитийиэ эбээт. Куруук буоларын курдук, Мыыр барахсан хараны көрөн туран иһэ маҥан буолуохтаах дии саныырыттан итинник толкуйдуура.

Туоһахталаах хараҕын симэрин кытта балта Хабдьы эмиэ илэ баран, кини эттигиттэн араҕыста. Саһыгырыы-саһыгырыы хагдарыйан эрэр оттоох толоон устун төрөөбүт өтөҕөр тэбиннэ. Кинини онно ким эрэ күүтэрин курдук тиэтэйбитэ сүрдээх. Туоһахталаах төһө да туран батыһыан баҕардар, сырсар кыаҕа суоҕуттан абаккара сытта.

Хабдьы босхо барбыт кэмигэр аҕаһа төһө да кэбириирин биллэр, кистэлэҥ санаата сүгүннээбэккэ кутталлаах суолга турунан, Куора утуйа сытар лаабыһыгар чугаһаата. Кини Куораны куруук билэрэ. Босхо эрэ бардар чугаһыы сатыыра эрээри, ити хайдах да кыаллыбат суол буоларын ама билбэт буолуо дуо? Бу буола турара кини аҕаһын ааһан, иккиэннэригэр иэдээнинэн иэрийиэхтээҕин санаан эмиэ куотардыы эргиллэн эрдэҕинэ Куора харытыттан харбаата. Ону кытта тэҥҥэ Туоһахталаах нааратыгар олоро түстэ. Киһи туппут харытыгар тарбахтарын суола көҕөрөн тахсыбытыгар ыгылыйан, хаһан да хаһыытаабатах хаһыытын таһаарда. Хабдьы туһахха иҥнибит курдук өрө мөхсө турдаҕына, Куора аҥаар илиитинэн кыыс сирэйин бэйэтин диэки эргилиннэри тардаат, кыһыл чоҕу харбаабыттыы кытар гына түстэ. Бу түгэҥҥэ Хабдьы илиитин сулбу тардан ылаат, тыаҕа ыстанна. Куора хаһан да билбэтэх иэйиитэ өйүн- сүрэҕин супту сүүрэн тарбаҕын төбөтүгэр тиийэ өрө дырылаата. Арай өйүгэр биир эрэ баара: “Кини... Кини...” Балачча таалан олордо, туран кыыһы батыһыах курдук буолан иһэн туохтан эрэ дьаахханна, батыспата. Куора кыыс өссө кэлиэ дии санаан, хас да күн манна хонно. Мыыр уола ыксаабатыттан эмиэ налыйда.

Туоһахталаах кэнники кэмҥэ элбэх киһи суорума суолламмытыгар бэйэтин буруйдана саныыра. Киниттэн көмө көрдүү киһи-сүөһү тохтоло суох субуспутуттан бу дойдуну Куора буулаабытын билбитэ. Удаҕан төһө да аатырбытын- сураҕырбытын иннигэр бу ойуунтан толлоро-куттанара төрүөттээх этэ. Ол Кээмпэс кырдьаҕас кыайбатах ойуунун иннин ылара ыарахаттардааҕын билэриттэн. Ол эрээри эрэй элбээтэ, харах уута хаан буолан кини тиэргэнигэр анньан турара абакката бэрт. Дьон кини күүһүгэр итэҕэйбэт буолаары гынна. Онон күөн көрсөн күрэс былдьаһыан саныыра эрээри, Хабдьытын кута ону саба баттаан сытара. “Үнүр алааһыттан төннөрүгэр хараҕа бэркэ чаҕылыҥнаабыт этэ. Түүнү быһа утуйан быстыбакка, имэҥирэн сордообута. Онтон кини аҕаһа өр кыырбатаҕына, ыараханнык ыарытыйан иччилэрин сэймэгэр киириэхтээҕин умнубут да курдуга. Ити хайа бэйэлээххэ өйүн сүүйтэрбит бэйэкэтэй”, — диэн, Туоһахталаах кыйахана сытан, эмиэ нуктаан барда.

Хабдьы хаһан да билбэтэх иэйиитэ кини эдэр, тонуй сүрэҕин битийэ тэптэрэн, эмиэ төрөөбүт алааһыгар угуйан илдьэ баран иһэр. Кини урут көннөрү оонньуу-көр эрэ курдук Куораны дьээбэлээн угуйа-ымсыырда сатаабыт буоллаҕына, билигин олох атын иэйиигэ куустарбыта. Төһө да кыр өстөөҕө буолтун иһин, уол хараҕа кинини имэҥнээхтик соһуйа көрбүтэ куруук иннигэр көстө турара. Ити кыл түгэнигэр кинилэр төрүөхтэриттэн утарыта кыраспыт өстөрө сууллуохча иэгэҥнээн ылбыта. Онтон эдьиийим... Эдьиийим барахсан төһөлөөх эрэйинэн Куораны суул- ларарга ананан айыллыбытай. Бэл, кинини толук туттан сиппитэ-хоппута эбээт... Ону таҥнара сылдьабын дуо, бу мин?.. Куора эргиллиэҕиттэн аньыы-хара, өлүү-сүтүү ааҥнаан аҕай турарын бэйэм да билэбин ээ... уонна тоҕо? Хабдьы эргиллэ түһээт, төттөрү тэбиннэ.

Арай иннигэр мас лабаатыгар хара эрдэҕэс улар олорорун көрөөт, туора ойон эрдэҕинэ: “Хабдьы... Хабдьы...” — диэн ким эрэ имэҥнээх саҥата иһилиннэ. Хабдьы тута сэрэйдэ. Эргиллэ түспүтэ, Куора илэ бодотунан кинини ыҥыра турар эбит. Кыыс уу-хаар баспыт харахтарынан умсулҕаннаах хара харахтары утары көрдө.

Таптал. Икки улуу күүс бэйэ-бэйэлэрин кытта холбоһор баҕалара барыта манна түмүллэн, ууну уокка тоҕо ыстаҕа. Баҕар, ыйаахтара бэйэтэ ыйбыта буолуо.

Куора чараас туман курдук кэрэ кыыс кини күүстээх илиититтэн мүччү туттаран куота сатыырын аргыый аҕай бэйэтигэр сыһыары тарта. Кини тута кыыс сыстарын кытта таайда: Хабдьы уонна Туоһахталаах биир киһи буолалларын. Арай ханна эрэ ыраах өйө өлөр өстөөҕүн антах астараары сэрэтэ сатаата. Сүрэҕэ үйэтин тухары умсугуйан түүл оҥостубут дьахтарын хайдах да киэр анньар кыаҕа суоҕа. Өлөр өлүү айатын кирсэ тыҥыы тардыллыбытын төһө да биллэр, харааччы иирбит баҕа санаатын тиһэх үөрбэ оҥорон айаҕа баайда. Икки таптаһар сүрэхтэр киһи буолар, кэрэ аналы билэр дьол муҥур чыпчаалын имэҥнээх умсулҕаныгар умсар, өй туймаарыйар, сүрэх өрөгөйдүүр түгэннэригэр ырба төлө барда да, Куора көхсүн хараҕар тобулу түстэ...

Ардах астан, былыттар быста-быста, тохтоло суох устан сундулустулар. Ый саһан турбут сабыыта арыллан, үрүҥ көмүс сардаҥаларынан киһи уҥуохтаах тумулу туналыччы сырдатта. Эмискэ уоскуйбут түүҥҥү чуумпуну ыт суланар улуура аймаан ылаат, хойуу туман быыһыгар сүттэ.

Бу мин 1982 с. суруйбут кыракый

кэпсээннэрбин эһэм Боппойоон Уус

кэриэһигэр аныахпын баҕарабын.

Куорсуннаах

Эһэм кэпсээннэрэ

Уот иччитэ

  1.  Былыр даҕаны, билигин даҕаны киһи аймах аал уотунан киһи буолбута. Ол иһин уоту ытыктаан, саха дьоно кэрэ бэлиэ түгэҥнэ уот иччитин айах тутан диэн ааттаан алҕаан аһатар буолабыт. Сонун сиргэ тиийдэххэ, сири-уоту аһаппакка буолуллубат. Биһиэхэ, сахаларга, бу кэрэ үгэс күн бүгүҥҥэ диэри тутуһуллар. Чэ, тугу элбэҕи кэпсэниллиэй — барыта биллэр суол.

Ол курдук мин бүгүн эһиэхэ Уот иччитин туһунан биир кэпсээни кэпсиим. Бу кэпсээн кырдьыгын-сымыйатын билбэппин эрээри, оҕо эрдэхпиттэн истибит буолан мин итэҕэйэбин, — кыырык бастаах, аарыма кырдьаҕас эһэм хамсатын ылан, тос-тос охсон баран, мохуорка куттан табаахтаан бусхатан барда.

  1.  Дьэ, ол курдук былыр Хоту дойду олохтоохторо бултуйдахтарына аһаан, мэлийдэхтэринэ хоргуйан киэҥ туундараны биир гына тарҕанан олорбуттара. Кыһын бултуу диэн Дьааҥы хайаларыгар тахсаллара. Алта уонча саастаах, барбыт-кэлбит, сытыы-хотуу Чаачар оҕонньор уолунаан, отуччатын туолан эрэр бэйэтигэр майгынныыр киһилиин, Дьааҥы хайаларыгар уонча табаны көлүнэн бултуу диэн тахсыбыттар.

Үс түүннээх күнү мэлдьи айаннааннар, бултуур былырыыҥҥы тордохторун оннун булан, буурҕа, тыал ыспытын хомуйан, тордох сыыһа туруорунан, уот оттон, хаар уулаан оргутунан, өйүөлэрин туомун хостоон аһыырга тэриммиттэр. Аҕыйах тоҥ алаадьы сыыстаахтарын аҕа киһи быһыытынан Чаачар үс гына үллэрбит. Биир өлүүнү бэйэтигэр, иккиһи уолугар, үһүс өлүүнү эдэр киһи бултаах-алтаах буоллун диэн уотун алҕаттаран аһаттараары уолугар ууммут. Эдэр киһи аҕатын тылын ылынан алҕаабыт. Онтон алаадьытын эргим-ургум көрбүт, аччыга кыайда быһыылаах, элбэҕи эргитэ санаабакка уокка анаммыт аһын аҕатыттан кистээн сии охсон кэбиспит. Оҕонньор көрбөккө хаалбыт.

Ити курдук аһаан, утуйардыы оҥостон сыппыттар. Эдэр киһи сылаата таайан, сотору кэминэн мунна хаһыҥыраан барбыт. Оҕонньор сарсыҥҥы күнүн санаан, сыппахтыы түһэн баран утуйан сыы-сыы тыынан барбыт. Бу сытан Чаачар түүл түһээбит. Арай бэҕэһээҥҥилии уота тигинэччи умуйан күлүбүрүү турар эбит. Кинилэр иккиэн уот аттыгар уу оргуйарын кэтээн олороллор. Эмискэ уот бурал гына түстэ да, кутаа иһиттэн кып-кыһыл илии быган кэллэ. Оҕонньор өйдөөн көрбүтэ — илии кинилэртэн тугу эрэ көрдүүрдүү ытыһын холбоччу туттубут. Эдэр киһи тугу да көрбөккө, биир кэм иһин түгэҕэр киҥинэйэн ыллыыр. Арай оҕонньор иһиттэҕинэ, уот иһиттэн бэрт сөҥ саҥа: “Аччыктаатым даҕаны, аста, аста кулу! Аар тайҕа булдун барытын булларыам. Дьааҥы кыылын иннигэр тосхотуом, онтон ону кэрэйдэххитинэ, үйэҕит тухары кыылы ыыргыттан кыйдаан иннигитин быһыам. һа-һа-һаа...” — диэн сатарыччы күллэҕин аайы, илии титирэстии-титирэстии улаатан иһэн эмискэ мэлис гыммыт.

Оҕонньор ити күлүүттэн тымныы уунан ыстарбыттыы этин сааһа “дьар” гына түһээт, уһуктан олоро түспүт: “Һуу, бу тугуй?” Хайа сах халлаан дьайҕара сырдаан, хайалар чочоруспут очуостарын тымныы тыынынан хаарыйталыы турар эбит.

Булчуттар тура охсон, сып-сап хомунан бултуу тахсыбыттар. Ити күнү быһа кинилэр халтай хаамтылар. Чаачар били түүлүн санаан, саҥата-иҥэтэ суох сукуҥнуу сылдьыбыт. Ол түүн били түүлүн эмиэ көрбүт. Сарсыарда туран уолугар эппит: “Дьэ, нойоон, бөрүкүтэ суох түүллэри көрөбүн. Дьааҥы биһигини куһаҕан хараҕынан көрүстэ, онон туһа тахсыа суох. Туох да биллэ илигинэ төннө охсуох!”

Ити курдук бокуойа суох туохтан эрэ куотар дьон курдук табаларын көлүнэ охсон айанната турбуттар. Дьыбардаах кыһыҥҥы халлаан “оо, абабын даа” диэбиттии хабыр тымныынан дьон инчэҕэй иэдэстэрин быһыта кымаахтыы испит.

Булчуттар кудуччу айаннаан, халлаан суһуктуйуута сис хайалар хапчааннарыгар киирэн кыратык үссэнэ түһээт, айаннаары наарталарыгар олорбуттар. Арай эмискэ табалара үргэн татыччахтаһа түспүттэр. Күүстэрэ баарынан иннилэрин диэки ыстаммыттар эрээри, биир да хаамыыны сыҕарыйбакка умса хоруйбуттар. Кинилэри туох эрэ биллибэт күүс кэннилэриттэн тардар курдуга. Чаачар туох эрэ бөрүкүтэ суоҕу сэрэйэн, уоһа илибирии-илибирии уолугар эргиллибитэ, киһитэ кутталыттан хайа сах сүүрэлэс буолбут харахтарынан тугу да өйдөөбөт курдук ол-бу диэки көрбөхтүү олорор эбит.

Эмискэ үрдүлэригэр киһи этин сааһынан тымныытык дьарылаан киирэр ынырык хатан күлүү, хантан да иһиллэрэ биллибэттик, өрө саһыгырыы түспүт: “һа-һа-һаа!..” Ону кытта тэҥҥэ дьон иккиэн кэннилэрин хайыһа түспүттэрэ — наарта кэнниттэн соһуллан испит уһун ситии быаттан тардыһан, сүүнэ улахан киһи күлүгэ барыйан турар эбит. Кини аҥаар илиитин холбоччу тутан, дьонтон тугу эрэ көрдүүр курдук иннигэр ууммут.

Бу түгэҥҥэ оҕонньор чохороон сүгэтин сулбу тардан ылан быаны быһа охсубут. Табалар муҥнаахтар иннилэрин диэки бууттара быстарынан ыстаммыттар. Күлүк быстыбыт быаны туппутунан саһыгыраччы күлэ хаалбыт.

Булчуттар өйдөрүттэн тахса куттанан, кураанах көхсүлэрэ эрэ дойдуларын булбуттара үһү. Онтон ылата били эдэр киһи муҥнаах иирэн ыалдьар буолбут. Ыарыыта бэргээтэҕинэ, куруук уоту аһатар аатыран, туох илиитин анныгар көстүбүтү барытын уокка симэр идэлэммит. Ол буола сылдьан, биирдэ тордоҕун уоттаан, уокка былдьанан өлбүтэ диэн кэпсииллэрэ, — диэн, эһэм кэпсээнин түмүктээн, умса нөрүйэн уоту супту одуулуу олорбута.

Өтөх иччитэ

  1.  Хайа, чыычаахтарыам, сөп буолбатыгыт дуу? Түүн да ырааппыт.
  2.  Суох, эһээ, өссө кэпсээ.
  3.  Чэ, оччоҕо истиҥ, — эһэм оһоҕор мас быраҕан биэрдэ уонна куолутунан кураанах хамсатын соппойо-соппойо уотун иннигэр кэпсиирдии оҥостон олордо.

— Бу түбэлтэ хаһан буолбутун билбэппин буолан баран, бэрт өрдөөҕүтэ буолбута үһү. Саха дьоно булдунан дьарыктаммыт буолан буолуо, үксүн булчуттар араас быһылааҥҥа түбэһэллэрэ. Төһөтө кырдьыгын-сымыйатын чуолкайын бу диэн эппэппин эрээри, бэрт дьикти быһылаан, ону бэйэҕит дьүүллээҥ.

Биир даҕаны кыламнас сулус көстүбэт үлүгэр силлиэтэ- буурҕата сир да, халлаан да ханан баалларын биллэрбэккэ биир кэм өрө оргуйа турара. Бу айылаахха туох тыынар тыыннаах хахха сиргэ кирийбэт буолуой? Ол эрээри өйдөөн көрдөххө, буурҕа ортотугар икки аттаах киһи күлүктэрэ сүтэ-сүтэ барыгылдьыһаллар.

  1.  Доҕоор, Сүөдээр, дьэ, эн биһи тоҥон өлөр сордоохтор буоллубут дии. Эчи, биир да тыынар тыыннаах уйата көстүбэтэ тоҕо бэрдэй.
  2.  Ычча даа, хаһан тохтуох халлаан эбитэй?
  3.  Оо, биир эмэ балаҕан үөлэһэ көстүбэт муҥа буоллаҕа...
  4.  Тыый, доҕоор, суолбутуттан туораан хаалбыппыт дии.
  5.  Туораабыппыт быдаарыйбыт, оо, бу туох аньыыбыт- харабыт иннигэр ийэ сирбит иччитэ эрэйдээн эрэрэ буолла?
  6.  Мэхээчээ, көр, көр! Оол туох барыйан көстөр, балаҕан дуу?
  7.  Ханна, доҕоор? Эс, хараҕыҥ иирбит ээ.
  8.  Ээ, чахчы оннук эбит... — ити курдук хаһыытаһан кэпсэтэ-кэпсэтэ, икки булчут аттарын хаамтаран истилэр. Ыран, сылайан иһэр дьон хараҕар туох барыта балаҕан үөлэһин эрэ санатара ыраахтан буолуо дуо?

Арай ол иһэн Сүөдэр көөртө, оол курдук балай да тэйиччи биир сүүнэ улахан балаҕан багдайан турар эбит. Ол эрээри кини хараҕым иирбитэ буолуо диэн саҥата суох истэ.

Сотору Мэхээчэ аймана түстэ:

  1.  Сүөдээр, дьоллоох эбиппит, кыстыкка түбэстибит, көр даҕаны, уот кылайар...
  2.  Чахчы, чахчы эбит. Чэ, кытаат, хаамыыгын эбэн биэр.

Кудуччу хаамтаран балаҕан иннигэр кэллилэр. Бэрт эргэ, иэгэйбит сэргэлэргэ аттарын баайталаатылар. Арай аттар тугу эрэ сөбүлээбэтэхтии таныыларын тардырҕатан өрө чинэрэҥнэстилэр. Онно эрэ кыһаммакка, тоҥмут дьон итиигэ тиэтэйдилэр. Бэрт сылбырҕатык хааман балаҕан ааныгар кэллилэр. Дьиктиргиэх иһин тэлгэһэ хаара хаһан да күрдьүллүбэтэх. Киһи олорор сибикитэ биллибэтин иһин булчуттар дьиктиргии санаатылар эрээри, тоҥуу, аччыктааһын баһыйан, тырыттыбыт халҕаны нэһиилэ хаачыгыраччы аһан биирдэ иһирдьэ баар буоллулар.

Барбах умайан симиҥниир көмүлүөк иннигэр арбайбыт маҥан баттахтаах, тырыттыбыт таҥас дуомнаах, киһи көрүөҕүттэн ынырык ыдьырыйбыт дьүһүннээх, мууһунан турулуччу көрбүт, эргэ эмэх мас курдук эмээхсин илиитин уокка салла сарбайан турар эбит.

Эмээхсин хаһааҥҥыттан эрэ күүппүт ыалдьыттара кэлбиттэрин курдук үөрэн, тииһэ суох айаҕа амаҥныы түстэ. Илэ-сала түһэн сыгынньахтыы оҕуста. Балаҕаҥҥа киниттэн атын киһи баара биллибэт. Сыыдам үлүгэрдик хаҥас диэкиттэн хантан да ылбыта биллибэккэ эт хоторон аҕалан, туос үрдүгэр өрөһөлүү кутан кэбистэ. Биһиги дьоммут дьиктиргии санаатылар эрээри, аччыктааһын барыны баһыйара кэмнээх буолуо дуо, ас үрдүгэр түһэн, ибир-сибир аһаан бардылар.

Мэхээчэ аһыырын былаһын тухары эмээхсинтэн хараҕын араарбата. Кини иһиттэҕинэ, балаҕан туой муостатыгар эмээхсин атаҕын тыаһа биир кэм тоһугураан олорор. Биир түгэҥҥэ Мэхээчэ быһыччатын мүччү тутан, остуол анныгар түһэрдэ. Онтукатын ылаары төҥкөйдө. Онно көрө түспүтэ, доҕоор, кини үйэлээх сааһыгар харахтаабатах дьиктитэ арылла түстэ. Били эмээхсиммит атаҕа сабырыччы үүммүт уһун түүлээх сылгы туйаҕа буолан таҕыста. Мэхээчэ этэ саласта, уҥуох уҥуоҕа бүтүннүү босхо баран, биир кэм ип- илибирэс буолла. Хаана бүтүннүү тоҥон хаалбыт курдук кубарыйа өлөн, кыайан саҥарбат да, аһаабат да буола куттанан олордо. Сүөдэрин диэки көрбүтэ, киһитэ тугу да сэрэйбэккэ аһаан тиниктэһэр.

Аһаан бүттүлэр. Мэхээчэ бобуллубут куолаһын нэһиилэ ыган таһааран эттэ:

  1.  Эдьиэй, би-биһиги сылгыларбытын оннуларын бул- лара тахсыах этибит. Сойдохторо буолуо... итиэннэ утуйар сөрүөбүтүн киллэриэхпит.
  2.  Тоҕойдоруом, онно туохха кыһалынныгыт, барыта кэмигэр оҥоһуллуо буоллаҕа, һэ-һэ-һэ... — диэн эмээхсин ынырыктык күллэ.  

Булчуттар өйдөөн көрбүттэрэ, били күөрэ-лаҥкы түһэн сыппыт наара оронноро дьаарыстаммыттар. Үрдүлэригэр нэк буолбут таҥастар ууруллубуттар. Маны көрөн, Сүөдэр дьэ сэрэйэн, барыах-кэлиэх сирин булбакка тэпсэҥнии түстэ.

Биир түгэҥҥэ эмээхсин хаҥас диэки дьаадьаҥнаата. Онуоха дьон таҥастарын харбаат, таһырдьа ыстаннылар. Түргэн үлүгэрдик аттарын үрдүгэр түһэн, буурҕа типпит тоҥуутун тоҕо кэстэрэн, туох баалларынан иннилэрин диэки тибилиннэрдилэр. Кэннилэриттэн халҕан аана “хаачыр” гынна да, эмээхсин ойон тахсан кэннилэриттэн эккирэттэ. Ат курдук тоҥууну тоҕо кэһэн, ситиэхчэ сиппэккэ тилэх уопсан, маҥан баттаҕа сылгы сиэлинии бураллан, харахтара абаккатыттан өссө мууһуран ат кутуругун сиирэ-халты харбыы истэ.

Өр дуу, өтөр дуу сүүрдүбүттэрэ биллибэт, биирдэ өйдөнөн көрбүттэрэ — эмээхсин да суоҕа, буурҕа да астан, халлаан суһуктуйа сырдаан эрэрэ. Тиһэх сулус сүтүүтэ дьоммут суолларын булан, арыый кэҥээн туох буолбутун ыраҥалыы саныы истилэр.

Ити түбэлтэ кэнниттэн уонча хонон баран, ол алааска дьон дьиктиргээбиттэрэ кэлэн көрөн барбыттара да, балаҕан да, эмээхсин да бааллара биллибэтэх. Онон кинилэри көннөрү харахтара иирбитэ буолуо диэн буолбута. Бу түбэлтэ туоһулара — Мэхээчэлээх Сүөдэр бэйэлэрэ даҕаны кэнникинэн ити быһылааны түүл-бит эрэ курдук саныыр буолбуттара. Сордоохтор туох аньыыны оҥорон өтөх иччитин аймаабыттара буолла, ону билигин ким билиэй? — эһэм кэпсээнин түмүктээбитин биллэрэн, тайаҕын ылан утуйар сирин диэки хаамта.

Хайдыбыт булгунньах

  1.  Эһээ, “Хайдыбыт булгунньах” туһунан өссө кэпсээ эрэ... — диэн баран, эдьиийим хобордооххо бастакы алаадьытын кутан сырдьыгынатта.
  2.  Ээ, тура-тура “Хайдыбыт булгунньах” туһунан кэпсэттэрэн хааллаххытый. “Тохтобул алааһын” үһүйээнин кэпсээ, — убайым уот иннигэр сытыы быһыччатынан арагаайка кыһа олорон, ачааҕын түннүк диэки туһаайан кыҥаан көрө-көрө бөтүгүрээтэ.
  3.  “Хайдыбыт булгунньах” туһунан хас да үһүйээн баар, хайата кырдьык эбитэ буолла... Чэ, олортон биирин кэпсиим даҕаны. Оҕом алаадьытын сыта дыргыйан үчүгэйэ бэрт. “Тохтобул алааһын”, Кээрэкээн ойуун кэлиитин туһунан эмиэ кэпсээннэр араастара элбэх, ону кэлин кэпсиэм, — эһэм удьурхай хамсатыгар толору мохуорка симтэ уонна кэтэспит санаабар өр баҕайы наллаан олорон уматта. Онтон эҕирийэн баран, икки муннутун үүтүнэн хойуу буруону будулутан таһаарбытын көрөн: “Эһэм дракон курдук муннутуттан буруо таһаарар уонна хата ытырдан да көрбөт. Ити ханна үөрэммит буоллаҕай, ыйыппыт киһи”, — дии санаан баран, кэпсээни истэр баҕаттан санаабын быктарбака хааллым. — Былыр ити алаас “Хайдыбыт булгунньах” диэн буолбакка, көннөрү “Булгунньахтаах” диэн эбитэ үһү. Дьэ, онно Баал Уус диэн сытала суох баай, тимир, көмүс ууһа киһи олорбут. Кини үстэ ойохтоно сылдьыбыт даҕаны, оҕото суох эбит. Кэнчээритэ суох хаалар киһи буоллум диэн санаата түһэн сырыттаҕына, кэнники ойоҕо кыыс оҕону бэлэхтээбит. Баал Уус үөрүүтүттэн ойоҕор хас эмэ бууттаах көмүһүнэн симэх оҥорон кэтэрпит уонна толору симэхтээх үүт маҥан акка оҕотун көтөхтөрбүтүнэн олордон, дьон көрөн сөхтүн диэн алааһын биир гына төгүрүччү хаамтаран аҕалан түһүлгэҕэ киллэрбит. Хайыай, былыр оҕото суох диэн аньыыга тэҥнэһэрэ. Онон хара мэҥиттэн ыраастаммытын ити курдук биллэрдэҕэ.

Ол эрээри сахалар баайынан киэптиир дьону ахсарбат буолаллара. Ыаллыы олорор Ымыйахаан Уола диэн баай киһи утары тахсан: “Туохха эрэ дылы биир кыыстаммытынан өҥүөннэҕэй, саатар уол эбитэ буоллар”, — диэн баран, утары иһэр сылгыны быһа хааман түһүлгэттэн тахсан барбыт. Онуоха Баал Уус кыыһыран: “Дьахтартан сиргэммиттээх буола-буола, эн да уолаттарыҥ дьахтара суох хайдах сириэдийэллэрин көрүллүө, хайалара даҕаны ойох ылбатын, биир сымыыты баттаабатын”, — диэн кыраабыт.

Кэм-кэрдии ааһан испит. Ыаллыылар өстөһөн сылдьыспат буолбуттар. Баал Уус кыһыытыттан эппит кырыыһа тиийэн, Ымыйахаан уолаттара биирдэстэрэ даҕаны ойох ылбакка сылдьыбыттар. Онтон Баал Уус кыыһа сахаларга өтөрүнэн төрүөбэтэх кэрэ сэбэрэлээх, үтүө таһаалаах, үчүгэйкээн кыыс дьахтар буола улааппыт. Ыраахтан-чугастан ойох ылаары саха бэртэрэ бары сыбыытаабыттар даҕаны, кыыс кими даҕаны чугаһаппатах. Ыалын Ымыйахаан Уолун ылгын уолун сүрэҕинэн сөбүлээн, санаатын киниэхэ эрэ уурар буолбут. Онтон уол буоллаҕына, таҥнары кыраммыт барахсан, кыыс диэки көрүөн да баҕарбат эбит. Кыыс санаарҕаан, иинэн-хатан барбытыгар аҕата ыксаан:

  1.  Тоойуом, бу туох буоллуҥ? Олоххо анамматах киһини өйгүттэн бырах. Эттэргин эрэ мин эйиигин ханнык баҕарар үтүө сахаҕа эргэ биэриэм этэ. Дьэ, ити биһиги урут, эһиги төрүүргүтүгэр, төттөрү кыраспыт аньыыбыт туолан, бу буолан эрдэхпит, — диэхтиир эбит даҕаны, кыыһа атын дьон диэки көрүөн да баҕарбат.

Кэмниэ-кэнэҕэс хайыыр да кыаҕыттан тахсан, Баал Уус кыыһын күүһүнэн чугастааҕы улуус киһитигэр эргэ биэрбит. Онуоха кыыс сүктэн бараары олорон, тиһэх төгүлүн тапталлааҕын көрөөрү ыаллыы алааска тэбиммит. Ол тиийэн, мас мастыы турар уолу кууһан ылан сыллаабыт-уураабыт. Онуоха уол, саҥа уһуктубут киһи курдук буолан, кыыска хардарааччы буолбут. Кыыс оччону билэн баран эргэ тахсарыттан аккаастаммыт.

Онуоха анараа дьон саакка киириэхпит дуо диэн кыыһы күүстэринэн илдьэ барбыттар. Кыыс ат сыарҕатыгар кэлгиллэн иһэн сүрдээх иччилээхтик тапталлааҕын ыҥыран ырыа ыллаабыт. Ону илдьэ испит эрэ буолуохсут: “Миэхэ тиксибэт буоллаххына, кимиэхэ да тиксимэ”, — диэн баран, үҥүүнэн өтөрү түһэн өлөрөн кэбиспит. Кыыскыт бэйэтигэр тиийинэн куһаҕаннык өллө диэн дьонугар аҕалан бырахпыт. Ордугун өссө саат куттаран Баал Уус баайын аҥаарын тиэйэн барбыт.

Баал Уус туох баар баайын барытын кутан туран, көмүс атыылаһан оҕотун үрдүттэн анныгар диэри симээбит уонна кыһатын уотун аны күөдьүйбэтин диэн көмөн кэбиспит. Кыыһын саҥа төрөөбүтүгэр көтөхтөрбүтүн курдук үүт маҥан, толору көмүс симэхтээх акка тыыннаах курдук олордубут уонна алааһын эргитэн аҕалан, томтор саамай оройугар таһааран, “саатар ыраахтан тапталлааххын көрө сыт” диэн анал атын, энньэ кулутун кытта көмнөрбүт.

Онтон Ымыйахаан Уолун кыра уола күн аайы ол томтор үрдүгэр тахсан ытыыр-соҥуур буолбут. Дьон аһынан үүрбэт-түрүйбэт эбиттэр. Уол улам тапталлааҕа көмүллүбүт сириттэн барбат буолбут. Дьон тахсан көрдөхтөрүнэ, кыыс көмүллүбут сиригэр умса түһэн ытыы сытар буолар эбит.

Биирдэ уол сыппыт сиринэн булгунньах хайа барбыт. Киһи хараҕар ылларбат дириҥ хаспах аҥайан тахсыбыт. Уол ону көрөн олус үөрбүт, доҕорум миигин бэйэтигэр ыҥырда дии санаабыт уонна онно ыстанан кэбиспит. Кэлин ол томтор хас эмэ сиринэн хайдан, ити кыра-кыра томтордор үөскээбиттэр. Бука, тапталлаахтар бэйэ-бэйэлэрин булсан, ити томтор оҕолорун үөскэппиттэрэ буолуо диэн кэпсииллэрэ, — эһэм кэпсээнин түмүктээн, саҥата суох умуллан хаалбыт хамсатын соппойбохтуу олордо.

  1.  Эһээ, үнүр кыыс көмүс симэҕэр ымсыыран, уоруйахтар томтору үнтү хаспыттарыттан мууһа ирэн хайа барбыт диэбитин дии? — убайым алаадьы сиэн мотуйа-мотуйа омуннаахтык добдугуратан ыйытар.
  2.  Оннук кэпсээн эмиэ баара, — эһэм сонньуйар.
  3.  Оччо элбэх көмүһү көрдөөбөккөлөр. Ким эмэ булбута буолуо дуу, эһээ? — эдьиийим хараҕа чаҕылыҥныыр.
  4.  Ким да ол сиртэн көмүс булбутун истэ иликпин. Баҕар, кырдьык, ити томтордортон биирдэстэригэр эмэ кистэнэн сыталлара буолуо. Ол эрээри киһи илдьэ барбыт этитиилээх көмүһэ атын дьоҥҥо үтүөнү аҕалбат. Эһиги сиргэ да сытар атын киһи көмүһүн ылбат буолун. Ананан эрэ оҥоһуллубут көмүһү кэтэр куолу. Көмүс бастакы эрэ иччитигэр иҥимтиэ буолар. Мин ону кытта элбэхтэ эрийсибит буоламмын билбит суолум, — диэн эһэм барахсан сүбэлии олордо.

Иһинээҕитэ

Анна дьылҕата   3

Алдьархай адаҕайыыта   37

Эһэм кэпсээннэрэ   82

Уот иччитэ   82

Өтөх иччитэ   84

Хайдыбыт булгунньах   87

 




1. методической работе Ульяновского института повышения квалификации и переподготовки работников образовани
2. Сосновский агропромышленный техникум Методические указания по выполнению самостоятельн.
3. На тему- Расчет структурносетевых параметров мультисервисных сетей телекоммуникаций по дисциплине
4. Курсовая работа- Механизм поперечно-долбежного станка
5. Ее поверхность обладает разнообразием цветовой палитры текстур и фактурных рисунков
6. Северо-Западный экономический район РФ
7. Молодежная политика в Испании
8. Детский сад комбинированного вида 216 Драматизация для детей 67 лет с основами безопасности ж
9. двигатель в котором тепловая энергия преобразуется в механическую работу
10. Реферат- Учет затрат на ремонт и модернизацию основных средств
11. л ч 1 ст 72 о том что суды не входят в систему правоохранительных органов
12. Религиозно-цивилизационные выборы воспитания
13. I. ОСНОВНЫЕ ИТОГИ БЮДЖЕТНОЙ ПОЛИТИКИ В 2009 ГОДУ И В НАЧАЛЕ 2010 ГОДА Экономическая ситуация в стране за время п
14. Правовое обеспечение рекламной и информационной деятельности
15. темам защиты информации Какие существуют международные и российские стандарты в области безопасности ком
16. Роль СМИ в современном мире (The mass media in the life of Society)
17. Тема 2 Налоговое планирование и прогнозирование как элементы налогового механизма Провести анализ динами
18. ~Р~ мемлекеттік т~уелсіздігі туралы конституциялы~ за~ ~ашан ~абылданды 1991 ж 1 желто~сан; B 1991 ж 16 же
19. Система программирования PascalABCNET
20. реферат дисертації на здобуття наукового ступеня кандидата геологічних наук спеціальність 04